Чаҕатай тыла
Чаҕатай тыла (Дьаҕатай тыла), чаҕатай түрки, былыргы узбек тыла (чаҕатайдыы: جغتای, jaĝatāy; ترکی, Turkī; узб. ﭼﯩﻐﻪتاي, chigʽatoy tili, чиғатой тили; уйг. چاغاتای تیلی, чағатай тили) — орто үйэлэргэ Орто Азияҕа тарҕаммыт түүр тыла. XV үйэ иккис аҥарыгар уонна XVI үйэҕэ литература тыла буолан тарҕаммыта.
Орто Азияҕа карлук, кыпчак уонна оҕус тыллаах түүр омуктары ыаллыы олорор буоланнар, чаҕатай тыла барыларыгар өйдөнөр, уопсай түүр тыла буолбута.
Билиҥҥи узбек уонна уйгуур тыллара чаҕатай тылыттан үөскээбитэр[1], ол иһин чаҕатай тылын сорох ардыгар «былыргы узбек тыла» диэн ааттыыллар.
Чаҕатай тылынан элбэх айымньы суруллубут буолан, бу тыл художественнэй ньымалара уонна терминологията күүскэ сайдыбыт. Чаҕатайдыы итэҕэл, философия, юридическэй уо.д.а. айымньылар суруллубуттар.
Чаҕатай тылын суруга арааб алпабыытыгар олоҕурар.
Устуоруйа
Тыл үөрэхтээхтэрэ уонна историктар чаҕатай тылын туһунан, чуолаан бу тыл тарҕаммыт кэмин туһунан биир санаалара суох. Ол эрээри чаҕатай тыла сүрүннээн Орто Азияҕа XIII—XIV үйэттэн саҕалаан XX үйэ саҥатыгар диэри тарҕаммыт уонна киэҥник туттуллар этэ. Чаҕатай тыл Орто Азия араас тыллаах омуктарын уопсай тыллара буолбут.
ХV үйэ бүтүүтүттэн чагаҕай тылыгар уларыйыылар саҕаламмыттар: бу тыл харахааннар кэминээҕи уйгуур тылын норматыттан ыраатан, ордук билиҥҥи узбектар өбүгэлэрин тылларыгар майгынныыр буобут[2].
Чаҕатай тыла ССРС кэмигэр аныгы узбек тылын нормата оҥоһуллуор диэри туттуллар этэ. Ол курдук 1922 сыллаахха Ташкент куоракка дьадид хамсааһынын «Һакикат» диэн сурунаала чаҕатай тылынан тахсар этэ[3].
Чаҕатай тыла былыргы харахааннар тылларыттан үөскээбит[4][5], ол гынан баран бу тылга Самарканд уонна Андижан диалектарын (билиҥҥи узбек тылын өбүгэлэрэ диэххэ сөп) дьайыыта эмиэ күүстээх. Былыргы уйгуур тылыттан чаҕай тылыгар уйгуур суруга хаалбыт этэ, бу суругунан бастакы чаҕатайдыы айымньылар суруллубуттара[6]. Түүр тыллаах омуктар наар хамсыы, көһө, уларыйа сылдьар буоланнар, чаҕатай тыла кэлин атын түүрдүү тыллар дьайыыларыгар түбэспитэ. Ол да буоллар бу тыл сүрүнэ карлук түүрдэрин тыла этэ. Ону таһынан чаҕатай тылыгар оҕус тыллаахтар (сүрүннээн Хорезм сиригэр) уонна кыпчак тыллаахтар күүскэ дьайбыттар[7][8]. Дьиктитэ диэн чаҕатай тылыгар азербайдьаан тылын сорох элеменнэрэ эмиэ көстөллөр[9].
Эбии көр
Быһаарыылар
- ↑ The Turkic languages. Edited by Lars Johanson and Eva A. Csato. London and New York: Routledge,2006,p.357, 379
- ↑ Благова Г.Ф. статья «О характере так называемого „чагатайского“ языка конца XV века» в сборнике «Тюрко-монгольское языкознание и фольклористика». — М.: Издательство восточной литературы, 1960. — С. 34, 35.
- ↑ Бабаджанов Б. М., Коматцу Х. Журнал «Haqīqat» как зеркало религиозного аспекта в идеологии джадидов (русский) // TIAS Central Eurasian Research Series. — 2007. — № 1. — ISBN 978-4-904039-02-1.
- ↑ János Eckmann: Zur Charakteristik der islamischen mittelasiatisch-türkischen Literatursprache, in: Studia altaica : Festschrift für Nikolaus Poppe. Wiesbaden 1957, S. 51-59.
- ↑ János Eckmann: Chagatay manual. Richmond, 1966. Reprint, Richmond, 1997, S. 9-10.
- ↑ Благова Г. Ф. Чагатайский язык // Языки мира. Тюркские языки.. — М, 1996. — С. 148—160. — ISBN 5-655-012146.
- ↑ Кыпчакские диалекты узбекского языка
- ↑ The Turkic languages. Edited by Lars Johanson and Eva A. Csato. London and New York: Routledge, 2006, с. 167
- ↑ J. Eckmann "Chagatay Manual".
Кинигэлэр
- Боровков А. К. Бадā'и’ал-лугат. Словарь Тāли Имāни Гератского к сочинениям Алишера Навои. М., 1961.
- Боровков А. К. Лексика среднеазиатского тефсира XII—XIII вв. М., 1963.
- Боровков А. К. Алишер Навои как основоположник узбекского литературного языка, — сб. «Алишер Навои», М. — Л., 1941.
- Aftandil S.Erkinov. «Persian-Chaghatay Bilingualism in the Intellectual Circles of Central Asia during the 15th-18th Centuries (the case of poetical anthologies, bayāz)». International Journal of Central Asian Studies. C.H.Woo (ed.). vol.12, 2008, pp. 57-82 [1].
- Наджип Э. Н. Исследования по истории тюркских языков (XI—XIV вв.). М., 1989