Карлуктар
Карлуктар (узб. qarluqlar, уйг. қарлуқлар, туркм. garlyklar, каз. қарлұқтар, кирг. карлуктар) — VIII-XV үйэлэргэ Орто Азия сиригэр-уотугар олоро сылдьыбыт былыргы түүр биис-ууһа уонна племенной холбоһуга.
XIV—XVII үү. карлуктар тустарынан источниктар
«Родословная туркмен» үлэҕэ сурулларынан, былыргы каруктар Огуз-хан сэриитигэр киирсэллэрэ. Ол гынан баран кини аҕа ууһуттан тымыр-сыдьаан тардыбат иллэр ахсааннарыгар киирэллэрэ. «Джами ат-таварих» үлэҕэ ахтылларынан, карлуктар туркменнар састааптарыгар киирэллэрэ. .
Устуоруйа
Карлуктар туһунан бастакы сибидиэнньэ V үйэҕэ ахтыллар. Кинилэр бастаан Алтаай уонна Балхаш күөл икки ардыгар олорбуттар. Көс олохтоох, сүөһү иитэй, булдунан-балыгынан дьарыктанар, кэлин биир сиргэ олорор буолбут омук эбит. Сыыйа сир оҥоһуутунан дьарыктаммыттар[1]. Кинилэр Түүр каганата ыһыллыбытын кэннэ үүнэн:үрдээн барбыттара.
Карлуктар салайааччыларын «ябгу» эбэтэр «джабгу» дииллэрэ [2]. Бастаан джабгу ставката Суяб куоракка баара (Чу өрүскэ), ол эрээри 940 сыллаахха Или өрүс үрдүгэр турар Койлык куоракка көспүтэ. Күн бүгүн ол куорат таһыгар Койлык диэн сэлиэнньэ баар (Казахстан Алматинскай уобалаһа)[1].
Үөскээһиннэрэ
«Родословная туркмен» үлэҕэ сурулларынан, былыргы каруктар Огуз-хан сэриитигэр киирсэллэрэ. Ол гынан баран кини аҕа ууһуттан тымыр-сыдьаан тардыбат иллэр ахсааннарыгар киирэллэрэ. «Джами ат-таварих» үлэҕэ ахтылларынан, карлуктар туркменнар састааптарыгар киирэллэрэ.
Аан бастаан карлук биис-уустарын холбоһугар үс аҕа ууһа киирэрэ. Олор ортолоругар саамай улаханнара, элбэх ахсааннаахтара чигил этэ. Карлуктар билиҥҥи сорох узбектар уонна уйгуурдар төрүттэрэ буолаллар.
XI үйэҕэ Караханидтар судаарыстыбаларыгар олорбут, түүр улуу филолога уонна лексикографа, «Диван лугат ат-турк» диэн түүр тылын энциклопедия-тылдьыта буолбут үлэ ааптара Махмуд аль-Кашгари, карлуктары түркүмүөннэргэ киллэрэрэ[3].
Л. Н. Гумилёв карлуктары былыргы түүрдэри кытта сибээстиирэ. Кини этэринэн, карлуктар тюркюттэр биир салаалара этилэр[4][5]. Тюркюттэр, Гумилев этэринэн, монгол тыллаах кэлии омуктар түүр тыллаах Алтаай омуктарын кытта холбоспуттарын түмүгэр баар буолбуттар[6].
Палеогенетика
Икки карлуктан J2a-Z7706 гаплогруппа көстүбүтэ. Урут ол гаплагруппа сакаларга көстөн турар[7].
Биллэр карлуктар
- Бильге Кюль Кадыр-хан (840—880) — Испиджаб ыраахтааҕыта, Карлук каганатын хаҕана.
- Базар Ахан (880—910).
- Огушлак Кр хан (910—920).
- Арслан хан — Карлук ханствотын хана (ХІІ ү. бүтүүтэ — ХІІІ саҥата, ставката — Койлык куорат).
- Бузар хан Алмалык ыраахтааҕыта (конец ХІІ века — 1217 год).
- Кербек (VIII век) — Кербектер династияларын төрүттээччи [неавторитетный источник?].
- Сатук Богра-хан (920—955) — Караханидтар бастакы ханнара, династияны төрүттээччи.
Топонимика
- Гарлык — Туркемнистан Лебаптааҕы велаятыгар баар куораттыы тииптээх бөһүөлэк.
Бэлиэтээһиннэр
- ↑ 1,0 1,1 Рафаэль Хакимов: «Источники описывают киргизов как рослых, рыжих, с белым лицом и зелеными глазами» (2 Олунньу 2019 </noinclude>). Тургутулунна 6 Бэс ыйын 2020.
- ↑ Карлукское государство (756—940 гг.) (2 Атырдьах ыйын 2013 </noinclude>). Тургутулунна 6 Бэс ыйын 2020.
- ↑ Махмуд Кашгари. ИЗВЛЕЧЕНИЯ ИЗ «ДИВАН ЛУГАТ АТ-ТЮРК». Стамбульское издание (1336). — «Карлук – один из народов (джиль) кочевников, кроме гузов. Они также туркмены.»
- ↑ Гумилёв Л. Н. Ритмы Евразии: Эпохи и цивилизации. — Москва: Litres, 2017. — ISBN 9785457073654
- ↑ Гумилёв Л. Н. Тысячелетие вогруг Каспия. — ДИ-ДИК, 1998. — С. 263. — 587 с.
- ↑ Гумилёв Л. Н. Древние тюрки. II. Предки. gumilevica.kulichki.net.
- ↑ Ancient Eurasian Steppe selected Y and mtDNA haplogroups and Gedmatch IDs. docs.google.com. Тургутулунна 18 Ыам ыйын 2018.
Литэрэтиирэ
- Бартольд В. В. Карлуки. // Сочинения. Т. V. — М., 1968.
- Историко-культурное наследие Туркменистана /под ред. О.Гундогдыева и Р.Мурадова
- UNDP — Стамбул, 2000.
- Шафиев Ф. Этногенез и история миграций тюркских кочевников: закономерности процесса ассимиляции. — Баку, 2000.
- Тоган Велиди А. З. «Umumi Turk tarihina giris, 1-cilt. En eski devirlerden 16 asra kadar», 3-baski, Istanbul, 1981
- Шаниязов К. Ш. Узбеки-карлуки (историко-этнографический очерк). Т., 1964.
- Шониёзов К. Ш. Карлук давлати ва карлуклар.
Көр
- Карлуки Таджикистана