Тофа тыла
Тофа тыла — түүр төрүттээх тофа омук тыла. Тофалар Иркутскай уобалаһыгар Нижнеудинскай оройуоҥҥа олороллор. 2010 сыллаах биэрэпиһинэн 775 тофалартан 93 эрэ киһи тофа тылын билэр.
Сайаан бөлөх таежнай салаата
Түүр тыллар Сайаан бөлөҕүн таежнай салаатыгар тофа тылыттан ураты тыва тылын хотугулуу-илиҥҥи (тоджинскай) уонна соҕуруулуу-илиҥҥи диалектар (Тыва Өрөспүүбүлүкэтин Тожу, Бии-Хэм улуустара) уонна сойот-цаатан тыла (үс салааҕа арахсар: Бүрээт сиригэр баар сойот уонна Моҕол сиригэр баар цаатан уонна уйгуур-урааҥхай тыллара) киирэллэр.
Сурук-бичик
1988 сылга диэри тофа тыла туспа суруга-бичигэ суох этэ, ол иһин тофа тылын чинчийээччилэрэ бу тыл дорҕоонноругар чугаһытыллыбыт латыын уонна нуучча алпаабыттарын туһанар этилэр. Ол курдук Валентин Рассадин диэн тофа тылын чинчийээччитэ «Морфология тофаларского языка в сравнительном освещении» (1978 с.) диэн үлэтигэр тофа тылларын суруйарыгар һ, ӈ, ө, ү, ә уонна i эбии буукубалардаах нуучча алпаабытын туһаммыта. Кини ньымата тыл дорҕооннорун сурууйуутугар олоҕурар[1]. В. Рассадин туттубут алпаабыта кэлин тофа алпаабытыгар кубулуйбута. Ол алпаабыт маннык:
А а | Б б | В в | Г г | Ғ ғ | Д д | Е е | Ә ә |
Ё ё | Ж ж | З з | И ш | I i | Й й | К к | Қ қ |
Л л | М м | Н н | Ң ң | О о | Ө ө | П п | Р р |
С с | Т т | У у | Ү ү | Ф ф | Х х | Һ һ | Ц ц |
Ч ч | Ӌ ӌ | Ш ш | Щ щ | Ъ ъ | Ы ы | Ь ь | Э э |
Ю ю | Я я |
Тофалар алпаабыттара билигин да уларыйа турар уонна букатыннаах туругар тиийэ илик. Ол курдук 2005 с. тахсыбыт "Словарь тофаларско-русский и русско-тофаларский" диэн тылдьыкка тофа тылын билиҥҥи алпаабыта 41 буукубалаах[2]:
А а | Б б | В в | Г г | Ғ ғ | Д д | Е е | Ё ё |
Ж ж | З з | И ш | i | Й й | К к | Ӄ ӄ | Һ һ |
Л л | М м | Н н | ӈ | О о | Ө ө | П п | Р р |
С с | Т т | У у | Ү ү | Ф ф | Х х | Ч ч | Ӌ ӌ |
Ш ш | Щ щ | ъ | Ы ы | ь | Э э | ә | Ю ю |
Я я |
Морфология уонна синтаксис
Биир ахсаан | Элбэх ахсаан | ||
---|---|---|---|
Тофалыы | Сахалыы | Тофалыы | Сахалыы |
мен | мин | биъс | биһиги |
сен | эн | сілер | эһиги |
оң | ол/кини | оларың | олор/кинилэр |
Эбии көр
Быһаарыылар
Литература
- Алексеев Ф. Г. Тофаларский язык: история описания и современное положение // Малые языки. 2015. № 1. С. 4-11.
- Дыренкова Н. П. Тофаларский язык // Тюркологические исследования. М.—Л.: Изд-во АН СССР, 1963. С. 5-23.
- Рассадин В. И., Шибкеев В. Н. Тоъфа букварь. Тофаларский букварь для первого класса тофаларских школ. Иркутск, 1989.
- Рассадин В. И. Фонетика и лексика тофаларского языка. Улан-Удэ: Бурятское книжное издательство, 1971.
- Рассадин В. И. Тофаларско-русский. Русско-тофаларский словарь. Иркутск, 1995.
Сигэлэр
- Тофастан – сайт о тофаларском языке
- Языки и культуры – Тофаларский язык
- Сойотско-цатанский язык
- В.И. Рассадин. О проблемах возрождения и сохранения языков некоторых малочисленных тюркских народов Южной Сибири (на примере тофаларского и сойотского языков)
- Информация о тофаларах на сайте Совета Федерации
|