Урумнар
Урумнар (урумнуу: урумлар, урумнар, кырыым татаардыы: Urumlar, гир. Ουρούμ), гириэк татаардар да дииллэр — Кырыымҥа олорор уонна урум тыллаах олохтоох омуктартан биирдэһэ[1].
Урумнар төрүттэрин туһунан икки сүрүн сабаҕалааһын баар. Бастакы сабаҕалааһын: урумнар өбүгэлэрэ Кырыым татаар тылын ылыммыт Кырыым гириэктэрэ буолаллар. Иккис сабаҕалааһын: урумнар өбүгэлэрэ сүрэхтэммит Кырыым татаардара буолаллар[2].
Ааттара
"Урум" диэн аат арааб тылыттан үөскээбит. Араабтар "рум" (روم) диэн тылынан Рим, онтон кэлин Византия олохтоохторун ааттыыр этилэр. Түүр тыллара "р" дорҕоонтон саҕаланар кыахтара суох, ол иһин "рум" диэн тыл "урум" диэҥҥэ уларыйбыт.
Приазовье урумнара
Кырыым уонна кэлин ыаллыы сытар Приазовье гректэрэ икки бөлөххө арахсаллара:
- гириэк тыллаах румейдэр уонна
- түүр тыллаах урумнар.
Бу икки бөлөх Кырыым сиригэр былыр былыргыттан олорбуттар. Кинилэр өбүгэлэрэ б.к.и. IV үйэтиттэн IV үйэҕэ диэри көспүт гириэктэр этилэр. Кэлин Кырыымҥа түүр тыллаахтар көспүттэрин уонна кинилэр дьайыылара күүһүрбүтүн кэннэ үгүс гириэктэр бэйэлэрин тылларын уларытан түүр тыллаах буолбуттар.
Приазовье урумнарын итэҕэллэрэ православие буолар. Урумнар былыргыттан туспа бэйэлэрэ бэйэлэригэр олороллор уонна гириэк тыллаах румейдэри кытта булкуспаттар[3]. Николай Баскаков диэн түүр тылларын үөрэппит чинчийээччи этэринэн Украинаҕа 1969 сыллаахха 60 тыһ. урум тыллаах олорбут.
Эбии көр
Быһаарыылар
- ↑ В. В. Баранова. Тюркоязычные греки Приазовья Э О, 2007 г.
- Большая российская энциклопедия, 2010
- ↑ Перехвальская Е. Этнолингвистическая ситуация // Материалы Комплексной экспедиции в румееязычные поселения Донецкой области Украины, 2001 г. // Сайт Кафедры Общего языкознания Филологического факультета Санкт-Петербургского государственного университета (www.genlingnw.ru)
Кинигэлэр
- Гаркавець О. Уруми Надазов’я. Iсторія, мова, казки, піснi, загадки, прислів’я, писемнi пам’ятки — Алма-Ата: УКЦ, 1999.
- Гаркавець О. Урумський словник — Алма-Ата: Баур, 2000. — 632 с.
- Смолина М. Урумский язык. Урум дили. Приазовский вариант : Учебное пособие для начинающих с аудиоприложением — Киев: Бланк-Пресс, 2008.