Муус устар 1

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт

Муус устар 1 диэн Григориан халандаарыгар сыл 91-с күнэ (ордук хонуктаах сылга 92-c күнэ). Сыл бүтүө 274 күн баар. Соҕуруу эҥэлэйгэ бу ый күһүнү, оттон хотугу эҥэлэйэгэ — сааһы кытта ситимнээх. Муус устар ый сахалыы аата балаҕан муус түннүгүн устан, сайыҥҥы түннүгү олордор кэми кэрэһэлиир.

Бэлиэ күннэр

  • Күлүү күнэ
  • Көтөрдөр аан дойдутааҕы күннэрэ
  • ИраанFlag of Iran.svg Ираан — Дойду күнэ (1979)
  • ИиндийэFlag of India.svg Ииндийэ (Одиша) — Одиша күнэ
  • КипрFlag of Cyprus.svg Кипр — Аангылыйа колонизатордарыттан босхолонор охсуһуу саҕаламмыт күнэ
  • МальтаFlag of Malta.svg Мальта — Көҥүл күнэ (1979) (Аангылыйа байыаннай баазата сабыллыбыт)
  • Сан-МариноСан-Марино — саҥа Капитан-Регент дуоһунаска киирэр күнэ
  • ТаиландFlag of Thailand.svg Таиланд — Судаарыстыбаннай сулууспа күнэ
  • ТанзанияFlag of Tanzania.svg Танзания — Мас олордор күн
  • Соҕуруу АфрикаFlag of South Africa.svg Соҕуруу Африка — Ыал күнэ
  • ДьоппуонМияко одори (үҥкүү сааскы бэстибээлэ)
  • Сиэниллэр кинигэ күнэ — бу күн эгэлгэ көрдөөх күрэстэр ыытыллаллар, холобур, кинигэ курдук туорт оҥорууга
  • Ха б-Нисан, ассириялар Саҥа дьыллара

Түбэлтэлэр

  • Киристиэс Кистэлэҥ киэһэтэ буолбут[1][2]. Үөрэнээччилэрин ыҥыран аһаппыт уонна кириэскэ тиириллиэн иннинэ тиһэх кэс тылын эппит.
  • Цзинь импиэрийэҕэ түөрт саастаах Чэн-ди аҕатын Мин-ди бөрүстүөлүн тутан хаалбыт.
  • Нильс Эббесен Данияны баһылаан олорбут ньиэмэс наместнигын Герхард III утуйар хоһугар киирэн төбөтүн быһа охсубут.
  • Потоси куорат үөскээбит. Потоси билигин Соҕуруу Америка бөдөҥ куораттарыттан биирдэстэрэ.
  • Александр I ыраахтааҕы Финляндия үйэлэргэ Арассыыйаҕа холбонорун туһунан биллэрбит.
  • 1867Сингапур Британия хоруонатын холуонньата буолбут.
  • 1928 — Муус устар ыйыгар Ньурбаҕа маҥнайгы тыраахтар кэлбит.
  • 1933 — соторутааҕыта рейхстаагка талыллыбыт нацистар Юлиус Штрейхер ыйыытынан-кэрдиитинэн дьэбириэйдэр бас билэр тэрилтэлэрин, маҕаһыыннарын бойкуоттаабыттар, бу Германияҕа тэрээһиннээх антисемиттыы дьайыылартан бастакылара этэ.
  • 1938Швейцарияҕа аан бастаан киэҥ араҥаҕа суураллар кофены көрдөрбүттэр.
  • 1939Испанияҕа Гражданскай сэрии түмүктэммит. Франко толору кыайыыны ситиспитин биллэрбит.
  • 1940 — Нью-Джерсигэ бастакы электрон микроскобу көрдөрбүттэр.
  • Фарер арыылара Данияттан автономияны ылбыттар.
  • 1949 — Кытай гражданскай сэриитэ (1927-1949): үс сыл сэрии кэнниттэн Кытай хомуньуус баартыйата Гоминьданы (Кытай омугун баартыйатын) кытта Пекииҥҥэ көрсөн эйэлэһии туһунан кэпсэтэ сатаабыттар.
  • СӨ Төрүт оскуолаларын института тэриллибитэ.
  • 1969Кытай компартиятын IX сийиэһигэр «культурнай өрөбөлүүссүйэ» түмүктэммитин биллэрбиттэр.
  • Ту-154 сөмүлүөт көтөр буолбут.
  • 1977 — Стив Джобс уонна Стив Возняк Apple Computer хампаанньаны олохтообуттар.
  • 1979 — Референдум түмүгүнэн Ираан ислаам өрөспүүбүлүкэтэ диэн ааттаммытын туһунан аятолла Хомейни биллэрбит.
  • 1986Дьокуускайга 1986 сыллаахха буолбут дьалхаан бастакы күнэ: омугунан атаҕастабылтан абарбыт устудьуоннар улахан бөлөхтөрө Сэргэлээх уопсайдарын аттыгар мустубуттар, кинилэри кытта МВД миниистирин солбуйааччыта көрсүбүт.
  • 1997 — саҥардыы вице-премьерынан анаммыт Борис Немцов көҕүлээһининэн бэрэсидьиэн Ельцин Арассыыйа чунуобунньуктара дойдуга оҥоһуллубут массыынаннан эрэ сылдьыахтаахтарын туһунан ыйаахха илии баттаабыт.
  • 1997 — Японияҕа «Покемон» аниме бастакы эпизода тахсыбыт.
  • Нунавут Канаадаҕа Хотугулуу-Арҕаа сирдэртэн аарарыллан туспа салайыллар сир буолбут. Бу Канаада иэнинэн саамай бөдөҥ сиригэр, 40-ча тыһыынча эрэ киһи олорор, онтон үксэ инуит омуктар. Инуиттар уопсай ахсааннара аан дойдуга 150-ча тыһыынча, үгүстэрэ Канаадаҕа (65 тыһ.), Гренландияҕа (50 тыһ.), Данияҕа уонна Аляскаҕа (16-лыы тыһыынча) тарҕанан олороллор.
  • Google хампаанньа босхо e-mail сервиһэ.
  • 2016 — Хайалаах Карабаахха сэрии хат күөдьүйбүт.

Төрөөбүттэр

  • 1809Николай Гоголь (1852 өлб.), Полтава күбүөрүнэтигэр — нуучча улуу суруйааччыта
  • 1891Руф Кардашевскай, Үөһээ Бүлүү Балаҕаннааҕар — Гражданскай сэрии кэмигэр Пясталов этэрээтин разведкатын начаалынньыга, Бүлүү уокуругун Сэбиэтин ситэриилээх кэмитиэтин бэрэстээтэлэ, Саха АССР сирин наркомун солбуйааччы, тыа хаһаайыстыбатын "Салҕабыл" иэс биэрэр табаарыстыба бэрэстээтэлэ, Сельхозбанк салайааччыта, Саха АССР наркоматын Москубатааҕы бэрэстэбиитэлэ.
  • 1923 — Лев Габышев — саха живописеһа, Саха АССР ускуустубатын үтүөлээх диэйэтэлэ.
  • 1928 — Василий Яковлев-Далан, Боотур уус (Чурапчы) улууһун Кытаанах нэһилиэгэр — саха норуодунай суруйааччыта.
  • 1939 — Симон Федотов (01.04.1939—2004) — Российскай Федерация үтүөлээх артыыһа.
  • 1951 — Василий Филиппов, тиэхиникэ билимин дуоктара, бэрэпиэссэр.
  • 1960Сергей Семенов, Эдьигээҥҥэ — гепатиттары чинчийэр учуонай, мэдиссиинэ билимин дуоктара.
  • 1961Петр Черемкин — 2008-2017 сыллардаахха Муома улууһун баһылыга.
  • 1963 — Клавдия Хатылаева — саха ырыаһыта.
  • 1973 — Елена Миклашова — бэлиитикэ билимин хандьыдаата.
  • Яна Байгожаева, поэтесса, суруналыыс.

Өлбүттэр

  • Коста Хетагуров (1859 төр.), бэйиэт, осетин литэрэтиирэтин төрүттээччи.
  • 2002 — Симо Хэүхэ, аан дойду бастыҥ бэргэн ытааччыта.
  • 1987 — Николай Заболоцкай — Чысхаан (21.11.1908 төр.) — прозаик, литератураны ырытааччы,
  • 1990Леонид Попов (Сунтаар улууһун Арыылаах нэһилиэгэр 14.08.1919 төр.) — саха норуодунай бэйиэтэ (1989)
  • Евгений Евтушенко (1932 төр.), бэйиэт уонна прозаик, ССРС уонна РФ судаарыстыбаннай бириэмийэлэрин лауреата.
  1. Humphreys, Colin J. (2011). The Mystery of the Last Supper. Cambridge University Press. pp. 77 and 189. ISBN 978-0521732000. 
  2. "Jesus Christ's Last Supper 'was on a Wednesday'". BBC News. April 18, 2011. https://www.bbc.com/news/world-13114124.