1999 сыл
Сыллар |
---|
1995 1996 1997 1998 — 1999 — 2000 2001 2002 2003 |
Уоннуу сыллар |
1960-с 1970-с 1980-с — 1990-с — 2000-с 2010-с 2020-с |
Үйэлэр |
XIX үйэ — XX үйэ — XXI үйэ |
1999 сыл.
Туох буолбута
Тохсунньу
- Тохсунньу 1 — Европа Сойууһун 11 дойдутугар валюта быһыытынан евро киллэриллибит.
- Тохсунньу 3 — NASA Mars Polar Lander диэн аппарааты куйаарга ыытар.
Олунньу
- Олунньу 25 — Казахстааҥҥа тутулуга суох буолбутун кэннэ бастакы биэрэпис саҕаламмыт.
Кулун тутар
- Куттал суох буолуутун сэбиэтин бэрэстээтэлинэн анаабыт. Сыл бүтэһик күнүгэр Ельцин былаастан батыммыта, Путины бэйэтин оннугар хаалларбыта.
Атырдьах ыйа
Ый саҕаланыытыгар Владимир Путин Саха сиригэр Михаил Николаев ыҥырыытынан сылдьыбыт.
- Атырдьах ыйын 7 — "Киин куорат" хаһыат бастакы нүөмэрэ 5000 ахсаанынан тахсыбыт. 12 балаһалаах дьоҕус нүөмэри эрэдээктэр Александр Яковлев, кэрэспэдьиэннэр Андрей Аргунов, Александр Бурцев, Виталий Иванов, Андриан уонна Леонид Николаевтар бэлэмнээбиттэр. Бастакы рубрикаларынан «Биһиги ыалдьыппыт», “Экономика уонна политика”, “Былыргы дьылларга”, «Литературнай балаһа”, “Кус быһыйдар, ат бөҕөлөр”, “Сиэр-майгы”, «Дьиэ хаһаайкаларыгар сүбэлэр» буолбуттар. Хаһыаты дизайнер Василий Андросов таҥмыт.
- Атырдьах ыйын 9 — Бу иннинэ Куттал суох Сэбиэтин уонна ФСБ-ны салайан олорбут Владимир Путин Арассыыйа бырабыыталыстыбатын бэрэстээтэлин эбээһинэһин толорооччунан анаммыт. Бу күн Борис Ельцин тэлэбиидэнньэҕэ тыл этэригэр Путины бэйэтин салҕааччытынан, Арассыыйаны салайар киһинэн көрөрүн туһунан эппит.
Алтынньы
- Алтынньы 11 — Артемьев Михаил Константинович (1888 — 1928) — XX үйэ саҕаланыытыгар үлэлии-хамныы сылдьыбыт Саха сирин политическэй диэйэтэлэ реабилитацияламмыта.
- Алтынньы 12 — Абхазия, уруккута автономиялаах өрөспүүбүлкэ, Грузияттан тутулуга суоҕун биллэрбит.
- Алтынньы 12 — Аан дойду дьонун ахсаана 6 миллиардка тиийбит, 12 сыл иһигэр биир миллиард киһи эбиллибит. Билиҥҥи туругунан Сиргэ дьон ахсаанын элбиир тэтимэ аччаан иһэр.
- Алтынньы 27 — Эрмээн түмэнигэр Ереваҥҥа ытыалааһын буолбут.
- Сунтаар улууһун Элгээйи нэһилиэгин начальнай (авторскай) оскуолатын ноосфернай-экологическай иитиигэ-үөрэтиигэ тиһилигэ бигэргэтиллибитэ.
Сэтинньи
- Сэтинньи 19 — Кытай бастакы космос хараабылын (Шэньчжоу-1) көтүппүт.
Ахсынньы
- Ахсынньы 1 — Генофону харыстыыр департамент дааннайынан бу күннээҕи туругунан Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр 524 уһун үйэлээх 90 сааһын ааспыт киһи олорор эбит.
- Ахсынньы 8 — Москубаҕа Арассыыйа уонна Беларусь холбоһуктаах судаарыстыбаларын тэрийии туһунан дуогабар түһэрсиллибит. Бу тэриллиигэ судаарыстыбаннай сэкиритээринэн Бүлүү райсоветын сэкиритээрэ уонна Дьокуускай баһылыга буола сылдьыбыт Павел Бородин анаммыта уонна 2011 сыллаахха диэри үлэлээбитэ.
- Ахсынньы 19 — Арассыыйа судаарыстыбаннай Дууматыгар быыбар буолбут. КПРФ 24,29%, Путины өйүүр "Единство" — 23,32% ылбыттар (ол саҕанааҕыга Путин ситиһиитэ). Саха сиригэр "Единство" кыайбыт.
- Ахсынньы 20 — Португалия холуонньата Макао Кытайга бэриллибит.
- Ахсынньы 31 — Борис Ельцин Арассыыйа бэрэсидьиэнин солотуттан уурайбыт уонна бэрэсидьиэн эбээһинэһин толорооччунан премьер-миниистири Владимир Путины хаалларбыт.
Төрөөбүттэр
Өлбүттэр
- Тохсунньу 19 — Иванов Иван Герасимович (Уйбаан Нуолур) (06.03.1929—19.01.1999) — поэт, суруйааччы, учуутал.
- Олунньу 2 — Папышев Иван Петрович (10.03.1915—02.02.1999) — Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа, Сэбиэскэй Сойуус Геройа (1945)
- Василий Леонтьев, 1925 сыллаахха ССРС-тан көспүт Америка экэнэмииһэ (1905 төр.). Экэниэмикэҕэ Нобель бириэмийэтин 1973 сыллааҕы лауреата.
- От ыйын 15 — Корякин Иннокентий Дмитриевич - саха живописеһа,
- Балаҕан ыйын 4 — Сысолятин Иван Афанасьевич, поэт, прозаик.
- Алтынньы 7 — Борисов Семен Захарович, биллэр ил уонна партия диэйэтэлэ.
- Сэтинньи 21 — Масленников Георгий Иванович, 1943 - 1946 сыллардаахха ВКП(б) Саха обкомын бастакы сэкрэтээрэ.
- Ахсынньы 3 — Степан Бордонскай — 1938-39 сылларга «Кыым» хаһыат эрэдээктэрэ, 1952-53 сылларга Саха АССР Араадьыйатын бэрэстээтэлэ, хомуньуус баартыйа диэйэтэлэ. Кэлин Хакасияҕа уонна Чита куоратыгар үлэлии сылдьыбыта.