Иванов Иван Герасимович
Уйбаан Нуолур | |
---|---|
Төрөөбүт аата: | Иванов Иван Герасимович |
Төрөөбүт күнэ: | 6 кулун тутар 1929 |
Төрөөбүт сирэ: | Хаҥалас нэһилиэгэ, Сунтаар улууһа, Саха АССР |
Өлбүт күнэ: | 19 тохсунньу 1999 (69 сааһыгар) |
Дойдута: |
ССРС, Россия |
Дьарыга: | суруйааччы, учуутал |
Айымньыларын тыла: | саха |
Бастакы кинигэтэ: | Алаастан кэллим, 1977 |
Иванов Иван Герасимович (Уйбаан Нуолур) (06.03.1929, Хаҥалас нэһилиэгэ[1], Сунтаар улууһа — 19.01.1999) — поэт, суруйааччы, учуутал.
Олоҕун олуктара
1929 сыллаахха кулун тутар 6 күнүгэр Сунтаар улууһугар Хаҥалас нэһилиэгэр[1] төрөөбүт.
Сунтаар орто оскуолатыгар, Бүлүүтээҕи педагогическай училищеҕа, Саха государственнай университетыгар үөрэммитэ. Идэтинэн саха тылын уонна литературатын учуутала.
Үлэлээбит сирдэрэ
- Дьокуускайдааҕы кинигэ кыһата;
- Оскуолаларга үлэлээбитэ: учуутал, завуч, директор;
- Кэбээйи улууһун үөрэҕириитин салаата, инспектор;
- Сунтаар улууһун үөрэҕириитин салаата, инспектор;
1981 сылтан ССРС суруйааччыларын Сойууһун чилиэнэ.
Саха суруйааччыларын Сойууһун чилиэнэ.
Айар үлэтэ
1972 сыллаахха хоһооннорун бастакы кинигэтэ «Алаастан кэллим» күн сирин көрбүтэ.
Айымньылара
- Алаастан кэллим: Хоһооннор. — Дь.: Кинигэ кыһата, 1972. — 30 с.
- Алаастан тахсар аартык: Кэпсээннэр. — Дь.: Кинигэ кыһата, 1975. — 8 с.
- Саллаат оҕото Чооруона: Кыра саастаах оҕолорго кэпсээн. — Дь.: Кинигэ кыһата, 1977. — 24 с.
- Сайылык кыыһа: Сэһэн, кэпсээн: Орто уонна улахан саастаах оскуола оҕолоругар. — Дь.: Кинигэ кыһата, 1984. — 93 с.
- Оҕо хараҕынан: Кэпсээннэр. — Дь.: Кинигэ кыһата, 1988. — 92 с.
- Алааска тыкпыт күн: Сэһэн, кэпсээннэр. — Дь.: Кинигэ кыһата, 1989. — 190 с.
- Суорҕан иһиттэн булуллубут: Новеллалар. — Дь.: «Бичик», 1995. — 23 с.
- Киэһээҥҥи алаас: Сэһэн, кэпсээннэр, хоһооннор. — Дь.: «Бичик», 1999. — 185 с.
Кини туһунан
- Илларионов В. В. Дьоһун ыалтан төрүттээх // Чолбон. — 1999. — № 6. — С.73—76.
- Тумат С. Олоҕу таптыыра, олоҕу өйдүүрэ: У. Нуолуру көмүүгэ этиллибит тыл. — «Чолбон». — 1999. — № 2. — С. 96.
- Харитонов И. Быйаҥнаах алаас ырыаһыта. — «Хотугу сулус». — 1989. — № 4. — С. 71—74,
Наҕараадалара уонна ытык ааттара
- Саха Өрөспүүбүлүкэтин үтүөлээх учуутала
- Сунтаар улууһун ытык киһитэ
Аатын үйэтитии
2004 сыл олунньу 24 күнүгэр Элгээйи олохтоох библиотекатыгар И. Г. Иванов — Уйбаан Нуолур аата иҥэриллибит.
Быһаарыылар
- ↑ 1,0 1,1 Билиҥҥи Кутана нэһилиэгэ, Сунтаар улууһа.
Сигэлэр
Якутский государственный литературный Музей имени П. А. Ойунского: Иванов Иван Герасимович — Нуолур
Бу суруйааччыга сыһыаннаах сиппэтэх ыстатыйа. Көннөрөн уонна эбэн көмөлөһүөххүн сөп. |