Бордонскай Степан Алексеевич

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт

Бордонскай Степан Алексеевич (1909—1999) — суруналыыс, «Кыым» 1938-39 сс. эрэдээктэрэ, Саха АССР Араадьыйатын кэмитиэтин 1952-53 сс. бэрэстээтэлэ, хомуньуус баартыйа диэйэтэлэ.

Олоҕун олуктара

II Бордоҥ нэһилиэгэр төрөөбүт. Аҕата Алексей Иванов — Буучах уола. Бүлүү икки стуупеннаах оскуолатын бүтэрбит, 1928—1929 сылларга Сунтаар БСК (б) баартыйа чилиэнэ.

  • 1929-30 сс. — Бүлүү уокуругун исполкомугар сир хамыыһыйатын бэрэстээтэлэ.
  • 1931 кулун тутарыгар диэри — Бүлүү уокуругун исполкомун үөрэх салаатын сэбиэдиссэйэ.
  • 1931-32 сс. Саха АССР үөрэҕин комиссариатын инструктора, «Кузница просвещения» сурунаал эрэдээктэрэ.
  • 1932—1934 сс. «Алданский рабочий» хаһыат үлэһитэ.
  • 1934—1937 Москубатааҕы «Правда» аатынан суруналыыстыка Бүтүн Сойуустааҕы хомуньуустуу институтуутугар үөрэнэр, суруналыыс-эрдээктэр идэтин ылар.
  • 1937—1938 «Кыым» хаһыакка отдел сэбиэдиссэйэ.
  • 1938—1939 сс. «Кыым» хаһыат эрэдээктэрэ.
  • 1939 с. муус устар 26 күнүттэн баартыйа обкомугар пропаганда уонна агитация отделын сэбиэдиссэйэ.
  • 1939 с. атырдьах ыйын 5 күнүттэн 1943 с. атырдьах ыйын 27 күнүгэр диэри обком сэкиритээрэ.
  • 1943—1945 — КК иһинэн баартыйа тэрийээччилэрин Үрдүкү оскуолаларын истээччитэ.
  • 1945—1947 — Красноярскайдааҕы баартыйа кэмитиэтигэр лектор, бэчээт сиэктэрин сэбиэдиссэйэ.
  • 1947—1951 — Хакасиятааҕы обком сэкиритээрэ.
  • 1951—1952 с. Абакааннааҕы пединституукка марксизм-ленинизм преподавателэ.
  • 1948—1952 сс. Хакасия уобаластааҕы «Билии» уопсастыбатын бэрэстээтэлэ.
  • 1952—1953 сс. Саха АССР Миниистирдэрин Сэбиэтин иһинэн Араадьыйа кэмитиэтин бэрэстээтэлэ.
  • 1953 сылтан Дьокуускайдааҕы геология упралениетын кадрга атделын салайааччыта
  • 1955 с. — кылгас кэмҥэ сири үүттээн разведкалыырга Саха сиринээҕи хонтуора начаалынныьгын политчааска солбуйааччы
  • Чита. Кинигэ кыһатын үлэһитэ, «Сэбиэскэй Арассыыйа» хаһыат кэрэспэндьиэнэ.
  • Биэнсийэҕэ тахсыбыт
  • 1994 — Москуба уобалаһыгар Красногорскай куоракка олохсуйбут.

1999 сыл ахсынньы 3 күнүгэр өлбүт[1].

Быһаарыылар

  1. Үйэ историятын кэрэһэлиир дьылҕа. В. Л. Алексеев. // Неизвестные страницы истории Якутии. Дь., Бичик, 2014. ISBN 978-5-7696-4618-8 °C.264-269.