Атырдьах ыйын 7

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт

Атырдьах ыйын 7 диэн Григориан халандаарыгар сыл 219-с күнэ (ордук хонуктаах сылга 220-c күнэ). Сыл бүтүө 146 күн баар.

Бэлиэ күннэр

  • АХШFlag of the United States.svg АХШ — Пурпур сүрэх күнэ. Purple Heart диэн АХШ байыанай наҕараадата, бэрэсидьиэн аатыттан өлбүт эбэтэр бааһырбыт саллааттарга бэриллэр.
  • КирибатиЫччат күнэ. Бу Чуумпу далай ортотугар ыһылла сытар арыыларга уонна атолларга баар өрөспүүбүлүкэ, олохтоохторун ахсаана 2010 сыллааҕы биэрэпиһинэн 103 058 киһи эбит.
  • КолумбияБояка кыргыһыытын күнэ. 1819 сыллаахха Симон Боливар сэриитэ Испания уонна кини диэки буолбут олохтоох индеецтэр сэриилэрин Бояка өрүс үрдүгэр үлтү сыспыт. Бу кыргыһыы Соҕуруу Америка дойдуларын тутулуга суох буолууларын саҕаланыытын быһыытынан билиниллэр.
  • Кот д'ИвуарТутулуга суох буолуу күнэ. Бу Арҕаа Африка дойдута 1960 сыллаахха Францияттан босхоломмут.

Түбэлтэлэр

  • 1682Бүөтүр I ыраахтааҕы буолбут.
  • Гангут кыргыһыыта: Нуучча флотун бастакы бөдөҥ кыайыыта.
    • Иван Бухольц эспэдииссийэтэ Тобольскайтан тахсыбыт (хойутуу бу эспэдииссийэ Омскай куораты олохтообута).
  • 1782 — Санкт-Петербуурга Бүөтүр I саамай биллибит — Пушкин «Медный всадник» диэн ааттаабыт пааматынньыга туруоруллубут.
  • 1786АХШ-ка төрүт олохтоохторго анаан бастакы федеральнай резервация олохтоммут.
  • 1840 — Англияҕа оҕолор оһох ураатын ыраастыллара бобуллубут.
  • 1890Дьокуускай куорат кулубатын талбыттар. Николай Брюловскай диэн киһи буолбут.
  • 1890Бүлүү куоратыгар балыыһа аһыллыбыт.
  • 1934ССРС-ка "Судаарыстыба баайын дуолун хорон сиэһин туһунан" сокуон ылыныллыбыт, ону тэҥэ оҕолор 12 саастарыттан холуобунай эппиэтинэскэ үрдүкү миэрэҕэ тиийэ тардыллыахтарын сөбүн туһунан ыйаах тахсыбыт.
  • Григорий Файнштейн салалталаах геологтар партиялара 20 караттаах маҥнайгы алмааһы булбута. Сезон бүтүөр диэри бу чэйгэ өссө 22 алмаас булуллубута.
  • Беринг силбэһиитигэр баар АХШ Оччугуй Диомид арыытыттан ССРС Улахан Диомид арыытыгар харбаан туораабыт.
  • 1996 — Атлаанта (АХШ) куораттан Дьокуускайга Олимпиада уота кэлбит.
  • 1999 — Дьокуускайга "Киин куорат" сахалыы хаһыат бастакы нүөмэрэ 5000 ахсаанынан тахсыбыт. 12 балаһалаах дьоҕус нүөмэри эрэдээктэр Александр Яковлев, кэрэспэдьиэннэр Андрей Аргунов, Александр Бурцев, Виталий Иванов, Андриан уонна Леонид Николаевтар бэлэмнээбиттэр. Хаһыаты дизайнер Василий Андросов таҥмыт.
  • 2008 — Соҕуруу Осетияҕа Арассыыйа уонна Грузия ыккардыларыгар сэрии саҕаламмыт.
  • 2021 — улахан уот Горнай улууһун Бэс Күөлүгэр суоһаабыт. 33 олорор дьиэ, 8 тутуу уокка былдьаммыт.

Төрөөбүттэр

  • Богдан Чижик, Саха сиригэр өрөбөлүүссүйэ уонна гражданскай сэрии кыттыылааҕа, кэлин баартыйа уонна сэбиэт үлэһитэ, Саха АССР култууратын үтүөлээх үлэһитэ.
  • 1904 — Софья Сидорова. 1938—1947 сыллардаахха Саха АССР Үрдүкү Сэбиэтин бэрэстээтэлэ этэ.
  • Надежда Дмитриева төрөөбүт, «Саха» НКИК эрэдээктэрэ.
  • 1951 — Виталий Андросов — мелодист, ырыаһыт, быраас.
  • 1966 — Дьимми Уэйлс, Бикипиэдьийэ тэрийсээччитэ.

Өлбүттэр

  • композитора. Кини үлэлэрэ Бенгали литэрэтиирэтин уонна Нобель литэрэтиирэҕэ бириэмийэтин ылбыта).
  • Анатолий Папанов өлбүт.
  • Алтаай кыраайын күбүрүнээтэрэ, массыына саахалыгар түбэһэн өлбүт.