Чижик Богдан Мельхиорович

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт
Чижик Богдан Мельхиорович
Билэ:Чижик Богдан Мельхиорович.jpg
Төрөөбүт күнэ 7 атырдьах ыйын 1899({{padleft:1899|4|0}}-{{padleft:8|2|0}}-{{padleft:7|2|0}})
Төрөөбүт сирэ посёлок Бодайбо,
Российскай империя
Өлбүт күнэ 2 атырдьах ыйын 1970({{padleft:1970|4|0}}-{{padleft:8|2|0}}-{{padleft:2|2|0}}) (70 сааһыгар)
Өлбүт сирэ Дьокуускай, ССРС
Гражданство ССРСFlag of the Soviet Union.svg ССРС
Подданство Арассыыйа импиэрийэтэFlag of Russia.svg Арассыыйа импиэрийэтэ
Супруга Иулиана Наумовна Полицинская
Наҕараадалар уонна бириэмийэ
Үлэ Кыһыл Знамятын уордьана «Бочуот Бэлиэтэ» уордьан
«Аҕа дойду сэриитигэр 1941-1945 сс. килбиэннээх үлэ иһин» мэтээл

Богдан Мельхиорович Чижик (18991970) — Сэбиэскэй библиотека үлэһитэ уонна партия салайааччыта; Саха Сиригэр сэбиэскэй былаас олохтооһунугар кыттыылаахтар ахсааннарыгар киирбитэ.

Биография

1899 сыллаахха атырдьах ый 7 күнүгэр Иркутскай уобалас Бодойбо бөһүөлэгэр (билигин куорат) үлэһит дьиэ кэргэнигэр төрөөбүтэ. 1911 сыллаахха ийэтин кытта Дьокуускайга көһөр.

Үлэтин прииска үлэлээн саҕалаабыта, онно 1913 сылтан 1920 сылга диэри үлэлээбитэ. Москваҕа Я. М. Свердлов аатынан ЦК РКП(б) партийнай куурустарыгар үөрэммитэ, ол кэнниттэн обком профкомун отделын заведующайынан, онтон баартыйа кэккэлэрин ыраастыыр ​​уонна бэрэбиэркэлиир улуустааҕы хамыыһыйа, улуустааҕы хонтуруоллуур хамыыһыйа РКП(б) бэрэссэдээтэлинэн анаммыта . Арассыыйаҕа гражданскай сэрии кэмигэр ЧОН кэккэтигэр ыҥырыллыбыта, онно 1921 сылтан 1923 сылга диэри сылдьыбыта[1].

Богдан Чижик 1923 сылтан 1926 сылга диэри Зиновьев аатынан Ленинградтааҕы коммунистическай университетка (билигин Хотугулуу-Арҕааҥҥы салайыы института) үөрэммитэ[2]. Үөрэҕин бүтэрэн баран, партийнай үлэҕэ сылдьыбыта. Партия Алдан окружкомун сэбиэдиссэйэ (1926—1929), Партия Хотугулуу-Илиҥҥи обкомун (Архангельскай) тэрийэр-үөрэтэр салаатын заведующайын солбуйааччы, партия Вологодскай райкомун хонтуруоллуур хамыыһыйатын сэбиэдиссэйэ (1929-1932), Саха КПСС обкомун заведующайа, Өлүөхүмэ райкомун уонна Дьокуускай бартыйа горкомун сэкэрэтээрэ (1932—1950) этэ.

«Саха АССР култууратын үтүөлээх үлэһиттэ» аатынан наҕараадалыммыта, Чижик бибилэтиэкэ исписэлииһиттэн бастакынан бу ааты ылбыта. «Үлэ Кыһыл Знамята» уонна «Бочуот Знага уордьаннарынан» наҕараадаламмыта, ону таһынан мэтээллэринэн, ол иһигэр «1941-1945 сыллардааҕы Аҕа дойду Улуу сэриитигэр хорсун үлэтин иһин» диэн аатынан наҕараадалыммыта.[3]

Аатын үйэтитии

Кини чиэһигэр Дьокуускай куорат биир уулуссата ааттаммыт.[4]

Быһаарыылар

  1. Чижик Богдан Мельхиорович
  2. Коммунистический университет им. Зиновьева (Ленинград)
  3. Цитата сыыһата: Сыыһа <ref> тиэк (тег); yakutskhistory2 диэн хос быһаарыыларга аналлаах тиэкис суох
  4. В честь кого названы улицы Якутска?