Ыам ыйын 1

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт

Ыам ыйа 1 диэн Григориан халандаарыгар сыл 121-с күнэ (ордук хонуктаах сылга 122-c күнэ). Сыл бүтүө 244 күн баар.

Бэлиэ күннэр

  • Үлэ уонна Саас бырааһынньыга (Бастакы маай, Аан дойду үлэһиттэрин сомоҕолоһууларын күнэ уо.д.а.)
  • АргентинаFlag of Argentina.svg Аргентина, ЛатвияFlag of Latvia.svg Латвия, Маршалл арыылараFlag of the Marshall Islands.svg Маршалл арыылара — Конституция күнэ
  • АХШFlag of the United States.svg АХШ:
    • Лояльность күнэ
    • Оҕо чөл туругун харыстабылын күнэ
    • Быраап күнэ
  • ГалисияГалисия, Испания — Майос бэстибээлэ (Festa dos Mayos)[1]
  • ИиндийэFlag of India.svg Ииндийэ — Махараштра күнэ
  • КазахстаанКазахстаан норуотун сомоҕолоһуутун күнэ
  • ГавайиFlag of Hawaii.svg Гавайи, АХШ — Леи күнэ. Леи — моойго кэтиллэр сибэкки оҕуруо. Бу күн Гавайи арыыларыгар бэстибээллэр, үҥкүүлээх хаамыылар буолаллар, леи оҥорорго, хула үҥкүүлүүргэ, хала баайарга маастар кылаастар ыытыллаллар
  • МауританияFlag of Mauritania.svg Мауритания — Сэбилэниилээх күүстэр күннэрэ
  • ФранцияЛандыш күнэ

Түбэлтэлэр

  • 305Диоклетиан уонна Максимиан сааһыраннар бэйэлэрин баҕа өттүлэринэн Рим импиэрийэтин ыраахтааҕылара буолан бүппүттэр. Диоклетиан бэйэтэ Илиҥҥи импиэрийэни салайара, Максимиан диэн байыаннай киһини (атаһын) Арҕаа импиэрийэни салайсарга 286 сыллаахха анаабыта. Салгыы 293 с. бэйэтин уонна Максимиан анныларынан өссө биирдии "цезарь" титуллаах "балыс" ыраахтaаҕылары анаан, былааһын түҥэттибитэ (тетрархия). Диоклетиан салайар кэмигэр Рим импиэрийэтэ бөҕөргөөбүтэ, сармааттары, алеманнары кыайталаабыта, Егиипэккэ былааһы былдьаабыт узурпатордары хам баттаабыта, былыргыттан өстөөҕүн Персияны кытта сэриилэһэн киин куоратын урусхаллаабыта, дойду үрдүнэн нолуоктар бигэ уонна ордук сиэрдээх буолбуттара. Кырдьар сааһыгар төрөөбүт сиригэр Далмацияҕа (билигин Хорватия) оҕуруот үүннэрэн үйэтин моҥообута.
  • Константинопольга Неа Экклесия диэн сыаркап тутуллан үлэҕэ киирбит. Сыаркап тутуутугар импэрээтэр флота мрамор тиэйэ сырыттаҕына өйөбүлэ суох хаалбыт Сицилияҕа баар Сиракуза куораты араабтар былдьаабыттара. Бу биэс куполлаах бөдөҥ сыаркап холобурунан православие кэлиҥҥи куполлаах сыаркаптара тутуллубуттара. XI үйэ бүтүүтүгэр сыаркап манастыыр буолбута. Туурактар сэриилээн ылбыттарын кэннэ буорах ыскылаата буолбута, 1490 с. этиҥ түһэн умайан хаалбыта.
  • Шотландия уонна Англия холбоспуттар (уния), Улуу Британия үөскээбит.
  • 1753Карл Линней «Species Plantarum» («Үүнээйилэр көрүҥнэрэ») үлэтин бэчээттэппит. Бу күнү ботаникаҕа номенклатура киллэриитин күнүнэн ааҕаллар.
  • 1886Бирма Британия Ииндийэтигэр холбоммут.
  • 1889 сыллаахха Чикаго куоракка оробуочайдар 8 чаастаах үлэ күнүн туруорсан забастовкалаабыттар уонна демонстрацияҕа тахсыбыттар. Полицейскайдар бөлөхтөрүгэр ким эрэ буомба бырахпыт, онтон сылтаан полиция демонстраннары ытыалаабыт.
  • 1899 — атыыга аан бастаан аспирин тахсыбыт.
  • 1899 — Саха сиригэр аан бастаан маевка буолбут. Верхоянскайга Михаил Иванович Бруснев диэн киһи тэрийиитинэн көскө олорооччулар Дьааҥы өрүс кытылыгар мустан мунньахтаабыттар. Устуоруйаттан: Арассыыйаҕа аан бастаан бу күнү 1891 с. Санкт-Петербурга эмиэ Бруснев салалтатынан бэлиэтэбиттэрэ диэн буолар.
  • 1917 — Арассыыйаҕа аан бастаан 1 маай бырааһынньыга көҥүллүк бэлиэтэммит.
  • 1923 — Саһыл Сыһыыга хотторон баран Анатолий Пепеляев Айааҥҥа төннөн тиийбит.
  • 1937 — Москуба—Волга ханаал тутуута түмүктэммит.
  • 1945Берлин куоратыгар Рейхстаг үрдүгэр Кыайыы былааҕа анньыллыбыт.
  • 1948КНДР (Хотугу Кэриэйэ) тэриллиитэ биллэриллибит.
  • 1974Португалияҕа хаайыыга сыппыт бэлиитиктэри босхолообуттар уонна иһитиннэрэр-биллэрэр сириэстибэлэр цензураларын суох гыммыттар.
  • 2003Монголияҕа сири приватизациялааһын саҕаламмыт. Хас биирдии куоракка олорор ыал босхо 0,07 га сири ылыахтааҕын туһунан сокуон тахсыбыт.
  • 2004Венгрия, Кипр, Латвия, Литва, Мальта, Польша, Словакия, Словения, Чехия уонна Эстония Европа сойууһугар киирбиттэр.
  • Акихитоны солбуйан Япония ыраахтааҕыта буолбут.

Төрөөбүттэр

  • 1915 — Исай Никифоров (01.05.1915—03.09.1976) — саха суруйааччыта, Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа.
  • 1927 — Сунтаар Арыылааҕар Дьоруой Ийэ, уордьаннардаах туруу үлэһит, Үрдүкү Сэбиэт дьокутаата Мария Герасимова.
  • 1931 — Мэҥэ Хаҥаласка Рафаэль Ермолаев—Баҕатаайыскай — саха суруйааччыта, бэйиэт. Ойуунускай аатынан бириэмийэ лауреата. ССРС суруйааччыларын сойууһугар 1962 с. киирбит.
  • 1931 — II Мэлдьэхси нэһилиэгэр Иннокентий Корякин — саха живописеһа, Саха сиригэр тыаҕа бастакы хартыына галереятын (Таатта Харбалааҕар) арыйбыт киһи.
  • 1933 — Орто Халыма улууһугар Май Третьяков — саха биллиилээх тутааччыта, РСФСР үтүөлээх тутааччыта.
  • Бастакы Дьаарханыгар Василий Иванов — устуоруйа билимин дуоктара, профессор.
  • 1974 — Майя Васильева — социология билимин хандьыдаата.

Өлбүттэр