Атырдьах ыйын 28

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт

Атырдьах ыйын 28 диэн Григориан халандаарыгар сыл 240-с күнэ (ордук хонуктаах сылга 241-c күнэ). Сыл бүтүө 125 күн баар.

Бэлиэ күннэр

  • МиэксикэFlag of Mexico.svg Миэксикэ — Эбэлэр уонна эһэлэр күннэрэ
  • ЧерногорияСудаарыстыбаны билинии күнэ. Дойду 1910 сыллааха Осмаан Импиэрийэтиттэн тутулуга суоҕун биллэрбит, Никола I ыраахтааҕы буолбут.

Түбэлтэлэр

  • 475 — Орест диэн Рим полководеһа Арҕаа Рим импэрээтэрин Юлий Непоту киин куораттан Равеннаттан күрүүргэ күһэйбит.
  • 489 — Остготтар хоруоллара Теодорих Италия ыраахтааҕытын Одоакры Изонцо кыргыһыытыгар үлтүрүппүт. Одоакр бу иннинэ Былыргы Рим тиһэх ыраахтааҕытын Ромул-Августулу (Орест уолун) бүрүстүөлтэн үүрбүтэ, бэйэтэ эмиэ варвар төрүттээҕэ.
  • Али (шииттэр бастакы имаамнара) Муһаммед кэнниттэн халиф буолбут Абу Бакры билиммэтэхтэрэ.
  • 663 — Силла диэн кэриэй үс хоруоллуктарыттан биирдэстэрэ Тан диэн Кытай хоруоллугун кытта сойуустаһан Пэкче диэн кэриэй хоруоллуга дьоппуоннар көмөлөрүнэн сөргүтүллэ сатаабытын Пэкган кыргыһыытгар хотоннор тохтоппуттар. Мантан сылтаан Пэкче уонна хаһан да өрүттүбэтэҕэ, оттон дьоппуоннар Кэриэйэҕэ дьайыылара мөлтөөбүтэ.
  • 1189 — Үһүс кириэстээх бохуот: Ги де Лузиньян баһылыктаах крестоносецтар Акраны төгүрүйбүттэр.
  • 1524 — Гватемаланы сэриилээһин кэмигэр Какчикель маайялара бэйэлэрин урукку союзниктарын испанецтары утары өрө турбуттар. Какчикель омуктар билигин майя омук кээмэйинэн үһүс бөлөҕө буолаллар, култууралара майя уонна испанецтар култуураларын холбоспута, какчикель тылынан 400 муҥ (тыһыынча) киһи саҥарар.
  • 1851Санкт-Петербург уонна Москуба икки ардыларыгар тимир суол аһыллыбыт.
  • 1900 — Битиим уонна Өлүөхүмэ ыккардыларыгар телеграф лиинньийэтэ аһыллыбыт.
  • 1920 — Бүтүн Арассыыйатааҕы биэрэпис ыытыллыбыт.
  • 1925Дьокуускайга Арассыыйатааҕы Кыһыл Кириэс уопсастыбатын Сибиирдээҕи салаатын харах этэрээтэ Трахома диспансерыгар кубулуйбут. Бу диспансер 1941 муус устар 14 күнүттэн ыла — Өрөспүүбүлүкэтээҕи харах балыыһата.
  • 1937 — Массыына оҥорооччу хампаанньа «Тойота» тэриллибит.
  • 1941 — Кыһыл аармыйа бүтэһик чаастара Таллинн куораты хаалларбыттар, Эстонияны бүтүннүүтүн ньиэмэстэр оккупациялаабыттар.
  • 1958 — Бүлүүтээҕи ГЭС тутулларын туһунан ССРС миниистирдэрин сэбиэтэ быһаарыныы ылыммыт. Тутуу 1959 сыллаахха саҕаламмыта уонна 1978 сыллаахха түмүктэммитэ.
  • 1963АХШ соҕуруу штаттарыттан саҕаламмыт «Гражданскай быраап туһугар марш» Вашингтоҥҥа түмүктэммит. Хара тириилээхтэр бырааптарын иһин охсуспут Мартин Лютер Кинг «Мин ыра санаалаахпын» (ааҥл. «I have a dream») диэн тыллартан саҕаланар аатырбыт аман өһүн этэр.
  • 1985 — «Якутуглестрой» комбинат начаалынньыгар Виктор Бочаровка Социалистыы Үлэ Дьоруойун аата иҥэриллибит.
  • 1991ССРС устуоруйатыгар бүтэһик бырабыыталыстыба астаапкаҕа ыытыллыбыт (Павлов бырабыыталыстыбата).
  • 2008Байкаал аттыгар 9 баал кэриҥэ магнитудалаах сир хамсааһына буолбут.

Төрөөбүттэр

  • 1749 — Йоhанн Вольфгаҥ фон Гөте — Германия суруйааччыта.
  • 1901 — уруккута Сунтаар улууhугар, билиҥҥитэ Ньурба улууһун II Дьаархан нэhилиэгэр Даниил Афанасьев-Токосов — бастакы хомсомуоллартан биирдэстэрэ, Гражданскай сэрии кыттыылааҕа, суруйааччы, суруналыыс.
  • 1912 — Полина Розинская (2010 с. өлб.) — Саха АССР норуодунай артыыһа, аатырбыт концертмейстер. Бу Украинаҕа төрөөбүт музыкант сэрии иннинэ Москубатааҕы Чайковскай аатынан консерваторияны туйгуннук бүтэрээт Дьокуускайга Саха тыйаатырыгар ананан кэлбитэ уонна 2008 сылга диэри Саха сиригэр олорбута, үлэлээбитэ.
  • 1970 — Татьяна Жиркова — сүүрүүк спортсмен, Арассыыйа спордун үтүөлээх маастара, 100 км Аан дойду 2 төгүллээх уонна Европа чөмпүйүөнэ, рекордсмена.
  • 1993 — Кристина Тимофеева — охчут спортсмен, 2012 с. ыытыллыбыт Олимпиада оонньууларыгар Арассыыйа сүүмэрдэммит хамаандатын чилиэнэ.

Өлбүттэр

  • 1853 — Москубаҕа Фридрих Йозеф Гааз (ниэм. Friedrich Joseph Laurentius Haass, 1780 төр.), Арассыыйаҕа Фёдор Петрович Гааз диэн аатынан биллибит филантроп быраас, Германияттан Москубаҕа көһөн олорбута, үлэлээбитэ, дьадаҥылары босхо эмтиирин, тиийиммэттэргэ көмөлөһөр амарах санаатын иһин "сибэтиэй дуоктар" диэн ааттаммыт киһи.
  • 1938 — Гавриил Ксенофонтов (1888 с.т.) — саха учуонайа, биллиилээх историк, этнограф, политическай, общественнай диэйэтэл. Кини "Эллэйаада" диэн ааттаан таһаарбыт саха үһүйээннэрин хомуурунньуга саха библиятын быһыытынан билиниллэр.
  • 1986 — Семен Александров (1986 с.т.) — Амма улууһун Өнньүөһүттэн төрүттээх саха живописеһа.
  • 2009 — Афанасий Тобонов (1945 с.т.) — Саха сирин улуустарыгар ракеталар стуупеннарын түһэрии утары охсуспут саха киһитэ, уопсастыбаннай диэйэтэл, бэтэринээр. Ньурба Хорулатыттан төрүттээх.