Кыһыл Кириэс аан дойдутааҕы кэмитиэтэ

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт
Emblem of the ICRC fr.svg
Кыһыл Кириэс былааҕа

Кыһыл Кириэс аан дойдутааҕы кэмитиэтэ (кылгастык ККАК, ааҥл. International Committee of the Red Cross; ICRC, фр. Comité international de la Croix-Rouge) — аан дойдуга барытыгар үлэлиир гуманитарнай тэрилтэ. Сэрии эбэтэр бастаанньалар кэмнэригэр эмсэҕэлээбиттэргэ көмөлөһөр, Аан дойдутааҕы Кыһыл Кириэс уонна Кыһыл Ый хамсааһыннарын сорҕото.

Анри Дюнан тэрийбит.

Штаб-квартирата Женеваҕа баар.

Кыһыл Кириэс Саха Сиригэр

Саха Сиригэр аан бастаан 1878 сыллаахха Верхоянскайга тэриллибит, онтон 1884 сыллаахха Дьокуускайга. 1889 сыллаахха Кыһыл Кириэс иһинэн харах ыарыыларын босхо эмтиир быраас амбулаторията аһыллыбыт. 1898 сыл от ыйын 20 күнүгэр В.А. Вонгродскай көҕүлээһининэн босхо өҥөнү оҥорор Кыһыл Кириэс амбулаторнай лечебницата аһыллыбыт.

Бастакы Аан дойду сэриитин саҕана 1916 сыллаахха управление иһинэн дьахтар, инородецтар уонна аармыйаны ичигэс таҥаһынан хааччыйыы кэмитиэттэрэ тэриллибиттэр[1].

Сигэлэр

Commons-logo.svg
Биики ыскылаатыгар медиа билэлэр:

Быһаарыылар

  1. Т. Оглезнева. Общественные и благотворительные организации. "Журфикс" сурунаал. 2010, от уонна атырдьах ыйдарынааҕы нүөмэр