От ыйын 20

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт

От ыйын 20 диэн Григориан халандаарыгар сыл 201-с күнэ (ордук хонуктаах сылга 202-c күнэ). Сыл бүтүө 164 күн баар.

Бэлиэ күннэр

  • Саахымат аан дойдутааҕы күнэ. 1966 сыллаахтан бэлиэтэнэр
  • Үрүҥ Айыы тойон үрүҥ утах быаны түһэрэр аартыгын күнэ. Ити аартыкка хайыһан Айыы киһитэ үрүҥ тыынын бөҕөргөтөр
  • КолумбияFlag of Colombia.svg Колумбия — Тутулуга суох буолуу күнэ
  • НорвегияХокон Магнус төрөөбүт күнэ
  • Хотугу КипрХотугу Кипр — Эйэ уонна көҥүл күнэ

Түбэлтэлэр

  • Рязань 6 кинээһин өлөрбүттэр.
  • Тимур туурак султаанын Баязиды Анкара аттынааҕы кыргыһыыга үлтүрүппүт.
  • Кембриджкэ аан дойдуга бастакы кинигэ кыһата бэлиэтэммит.
  • 1653 — нуучча ыраахтааҕытын посольствота Чигириҥҥэ тиийэн ыраахтаахтааҕы Запорожье хаһаактарын бэйэтин илиитигэр ыларга сөбүлэспитин туһунан биллэрбит.
  • патриарх Никон дуоһунаһыттан батыммыт.
  • 1898 — Дьокуускайга маҥнайгы босхо өҥөнү оҥорор Кыһыл кириэс уопсастыба балыыһата арыллыбыт. Бу балыыһаҕа быраас Виталий Вонгродскай үлэлээбит.
  • 1916 — Дьокуускай таһыгар Хатыыстаахха бастакы уу ылар станция арыллыбыт.
  • 1925 — Алдан уокуруга тэриллибит.
  • 1944 — Дьокуускайга суруйааччылар уонна суруналыыстар литературнай мунньахтара аһыллыбыт. 200-тэн тахса киһи кыттыбыт.
  • Валентина Терешкова аатын биэрбиттэр.
  • 1966 — Саха сиригэр Өлүөнэ өрүһүнэн бастакы туристическай айан саҕаламмыт.
  • 1969 — «Аполлон-11» экипааһа Ыйга ситиһиилээхтик түспүт. Алта аҥаар чаас буолан баран Америка астронавтара Нил Армстронг уонна Базз Олдрин Ый ньууругар үктэммит бастакы дьон буолбуттар.
  • Таатта уонна Чурапчы тыйаатырдара Улан-Удэҕэ буолбут норуот тыйаатырдарын көрсүһүүтүгэр кыттыбыттар.
  • 1987 — Канаада хотугу-арҕааҥы провинцияларын дэлэгээссийэтэ Саха сирин ирбэт тоҥҥо тутуллубут эбийиэктэрин көрө кэлэ сылдьыбыттар.
  • Мэдиссиинэ национальнай киинэ диэн ааттаммыта.
  • 1997 — алмааһы атыылыыр бэрээдэги уларытар туһунан Арассыыйа бэрэсидьиэнин 740№ ыйааҕа тахсыбыт. Бу ыйаах бэһис пууна ситэри таҥастамматах алмааһы кыраныысса таһыгар таһаарары боппута, онон саҥа атаҕар туран эрэр өрөспүүбүлүкэ алмааһы кырыылыыр бырамыысыланнаһыгар улахан охсуулаах буолбута. Бу бобуу 2002 сыллаахха эрэ суох буолбута.

Төрөөбүттэр

  • 1918 — Иван Петров, 1966—1979 сыллардаахха Саха АССР Миниистирдэрин Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ.
  • 1931 — Кириэс-Халдьаайыга Василий Охлопков — аатырбыт сүүрүк, өрөспүүбүлүкэ рекордсмена.
  • 1938 — Абый оройуонун Мугурдаах нэһилиэгэр Иван Черов төрөөбүт.

Өлбүтэр

  • 1994 — Федор Васильев (10.05.1951 төр.) — сахалар сэриигэ сыһыаннарын чинчийбит историк-этнограф, устуоруйа билимин хандьыдаата.