Ахсынньы 6
Ахсынньы 6 диэн Григориан халандаарыгар сыл 340-с күнэ (ордук хонуктаах сылга 341-c күнэ). Сыл бүтүө 25 күн баар.
Бэлиэ күннэр
- Азербайджан — Сибээс уонна информационнай технология министиэристибэтин үлэһиттэрин күнэ
- Испания — Конституция күнэ
- Казахстаан — Прокуратура күнэ
- Дьахтары атаҕастыыры утарар күн
- Украина — Сэбилэниилээх күүстэр күннэрэ
- Финляндия — Тутулуга суох буолуу күнэ (Арассыыйаттан, 1917)
- Кито киин куорат олохтоммут күнэ[1].
Түбэлтэлэр
- Батый хаан сэриитэ Арҕаа бохуот кэмигэр Киеви сэриилээн ылбыт уонна урусхаллаабыт.
- 1492 — Христофор Колумб бастакы эспэдииссийэтэ Куубаны булбут, Япония дии санаабыт, онтон Кастилияҕа майгыннааппыт уонна Эспаньола диэн ааттаабыт.
- Кито куораты олохтообуттар.
- Моҕуол-сикх сэриилэрин кэмигэр сикх Хальса Улуу Моҕуоллар сэриилэрин үлтүрүппүт.
- 1714 — Сибиир норуоттарыгар күүс өттүнэн христианскай итэҕэли киллэрэр туһунан Бүөтүр I уурааҕа тахсыбыт.
- 1741 — Арассыыйаҕа дворцовай переворот түмүгэр ыраахтааҕыннан Бүөтүр I кыыһа Елизавета Петровна буолбут.
- 1877 — Томас Эдисон аан бастакы фонограмманы оҥорбут.
- 1917 — Финляндия түмэнэ Арассыыйатан арахсыы уонна туспа дойду буолуу туһунан декларация ылыммыт.
- Хотугу Ингрия Өрөспүүбүлүкэтэ суох буолбут, өрөспүүбүлүкэ киинэ буола сылдьыбыт Кирьясало сэлиэнньэ олохтоохторо Финляндияҕа көһөн хаалбыттар. Бу иннинэ Финляндия уонна Арассыыйа ыккардыларыгар түһэрсиллибит Тартутааҕы эйэ сөбүлэҥинэн (1920 сыл, алтынньы 14) өрөспүүбүлүкэ сирдэрэ Арассыыйаҕа бэриллибиттэрэ. Билигин өрөспүүбүлүкэ сирдэрэ Ленинград уобалаһын Всеволожскай оройуонугар киирэллэр.
- 1921 — Ирландия уонна Британия дуогабарга илии баттаабыттарын түмүгэр биир сылынан (1922) Ирландия тутулуга суох буолбут.
- 1926 — Саха АССР Үөрэх уонна Доруобуйа харыстабылын наркоматын дьаһалынан Саха национальнай труппатын оннугар Саха судаарыстыбаннай национальнай тыйаатыра тэриллибит.
- 1938 — Франция уонна Германия доҕордоһуу туһунан пакт түһэрсибиттэр. Франция салайааччылара бу саҕана Германияны Сэбиэскэй Сойуус диэки сэриинэн барыа диэн эрэммиттэр эбит.
- 1977 — ЮАР Бопутатсвана диэн тсвана омуктар олорор бантустааннарыгар тутулуга суох статуһу иҥэрбит. Бопутатсвана атын дойдуларынан билиниллибэтэҕэ. 1994 сыллаахха ЮАР-га холбоспута.
- 1978 — Испанияҕа референдумнаан саҥа конституцияны ратификациялаабыттар.
- 1992 — Ииндийэҕэ Уттар-Прадеш штаакка индуистар Бабри мэчиэтин урусхаллаабыттар, онтон сылтаан тахсыбыт өлөрсүүгэ 2000 кэриҥэ киһи өлбүт.
- ливерморий аһыллыбыт — 116 нүөмэрдээх химия элэмиэнэ.
- 2015 — Венесуэлаҕа түмэн быыбарыгар оппозиция кыайбыт, XXI үйэҕэ маннык бастакы түбэлтэ.
- 2017 — АХШ-ка бэрэсидьиэн Дональд Трамп дьаһалтата Иерусалимы Израиль киин куоратынан билиммит.
Төрөөбүттэр
- 1944 — Валентина Гаврильева — прозаик, ССРС суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ.
- РФ үтүөлээх артыыһа (1994), Алтаай кыраайын губернатора.
Өлбүттэр
- 1771 — Джованни Баттиста Морганьи — Италия бырааһа, патология анатомиятын төрүттээччи.
- 1942 — Семен Иванов — Иркутскайга өрөбөлүүссүйэ кыттыылааҕа, кавалерист, Гражданскай сэрии кэмигэр Саха сиригэр кыһыл разведчиктар этэрээттэрин хамандыыра, Дьокуускайдааҕы хомуньуус баартыйа кэмитиэтин чилиэнэ, экэнэмиис (Ленинграадтааҕы норуот хаһаайыстыбатын үнүстүүтэ, 1924-26 сс.), Саха сиринээҕи Госбаан хонтуоратын управляющайа, Өлүөнэ өрүс пароходствотын управлениетын начаалынньыгын солбуйааччы, инженер-гидролог (Ленинграадтааҕы транспортнай академия, 1930-34 сс.).
- 1942 — Григорий Попов — Саха сиригэр төрөөбүт нуучча аҕабыыта, богословие билимин хандьыдаата, уопсастыбаннай диэйэтэл.
|