Иванов Семен Георгиевич
Иванов Семен Георгиевич (1900—1942) — Уркуускайга өрөбөлүүссүйэ кыттыылааҕа, кавалерист, Гражданскай сэрии кэмигэр Саха сиригэр кыһыл разведчиктар этэрээттэрин хамандыыра, Дьокуускайдааҕы хомуньуус баартыйа кэмитиэтин чилиэнэ, экэнэмиис (Ленинграадтааҕы ноурот хаһаайыстыбатын үнүстүүтэ, 1924-26 сс.), Саха сиринээҕи Госбаан хонтуоратын управляющайа, Өлүөнэ өрүс пароходствотын управлениетын начаалынньыгын солбуйааччы, инженер-гидролог (Ленинграадтааҕы транспортнай академия, 1930-34 сс.), 1938 сыллаахха олоҕо суох репрессияламмыта, хаайыыга өлбүтэ.
Олоҕун олуктара
1900 сыллаахха Хочо улууһун Наахара нэһилиэгэр Сэрии Киирбит диэн сиргэ төрөөбүтэ. Оскуолаҕа 11 саастааҕар киирбит. Тойбохойдооҕу сыаркап приходун оскуолатын 3 үөрэнэн бүтэрбитэ. Уркуускайга учуутал сэминээрийэтигэр үөрэнэр Георгий Горбунову кытта табаарыстаһан, 1915 сыллаахха Уркуускайга үөрэххэ барбыта. «Жердовской» фермаҕа үлэлии-үлэлии тыа хаһаайыстыбатын оскуолатыгар үөрэммитэ. Онно үөрэнээччилэр кооперативтарын салайбыт, оробуочайдар « В знании сила» диэн түмсүүлэрин сэкиритээрэ эбит.
1918 сыллаахха оскуоланы бүтэрэр сылыгар бартыһаан этэрээтигэр киирбит. 5-с Зиминскэй кавалерист полка састаабыгар Уркуускай уонна Енисей күбүөрүнэлэринэн Каппель сэриилэрин утары кыргыһыыларга кыттыбыта. Бу сылдьан Омскайга Сиббюро чилиэнинэн үлэлии сылдьар Максим Аммосову көрсөр. Аммосов 1920 сыл муус устар 27 күнүгэр баартыйа Уркуускайдааҕы кэмитиэтигэр сурук суруйан Иванову дойдутугар Саха сиригэр «как незаменимого партийного работника» диэн «командировкаҕа» ыыттарар. Иккис борохуотунан Дьокуускайга кэлэр уонна атырдьах ыйын 10 күнүгэр анкыата толорбута баар. Онно суруйарынан Малобазарнай уулуссаҕа Эверстов атыыһыт урукку дьиэтигэр олорбут, Дьокуускайдааҕы тыа хаһаайыстыбатын сир кэмитиэтин салайбыт. Ол үлэлии сылдьан хаомууналары, артыаллары тэрийтэлээбит. 1921 сыллаахха «Холбос» бырабылыанньатыгар киирбит, онно көлө салаатын салайбыт.
1922-24 сс. сүрүн үлэтин таһынан Карл Котрус, онтон Ефим Курашов этэрээттэригэр байыас, аттаах разведка хамандыыра этэ. Чурпачы, Амма, Таатта суолларынан разведкаҕа элбэхтэ сылдьыбыта. Аммаҕа төгүрүктээһиҥҥэ түбэһэн хас да ый олорбуттаах. 1923 сыллаахха Курашов илии баттааһыннаах испииһэккэ кини Кыһыл Сулус уордьаҥҥа түһэриллибиттэр ахсааннарыгар сылдьар.
1922 сыл атырдьах ыйын 11 күнүнээҕи Саха сирин баартыйатын уобластааҕы пленумун бюротугар «повстанчествоҕа» кыттыбыттарга миэрэ ылар туһунан боппуруоска этиитэ баар. Онно амнистиялыахха диэбит. Ону тэҥэ «кыһыл бандьыыттааһыҥҥҥа» буруйдаммыт дьону суукка биэрэр сыыһатын эппит, тоҕо диэтэххэ «то, что они делали, это делалось в силу объективных причин».
Архивист чинчийээччи Н. С. Степанова суруйарынан, «ханнык да да үрдүк сололоох салайааччыттан иҥнэн-толлон турбакка сирэйгэр малтаччы этэрэ, мунньахтарга тыл көрдөөн санаабытын этэн төннөрө», салгыы чинчийээччи маннык суруйар «докумуоннарга көстөрүнэн, ордук Өлүөнэ өрүс пароходствотугар уонна Госбааҥҥа үлэлиир сылларыгар нууччалардыын тапсыбакка үҥсүү-харсыы кумааҕылара элбэхтэр»[1].
Туоратыллыы
Ксенофонтов бастаанньата хам баттаммытын кэнниттэн Саха өрөспүүбүлүкэтин салалтата икки лааҕырга хайдыбыта. Иванов туоратыллар буолбута. 1929-30 сылларга Өлүөнэ өрүс пароходствотын управлениетын начаалынньыгын солбуйааччытынан үлэлээбитэ. Онтон Ленинградка транспортнай академияҕа үөрэммитэ, инженер-гидролог буолбута. 1934 сыллаахха дойдутугар төннөн ГУСМП Дьокуускайдааҕы треһин начааланньыгынан анаммыта. 1935 сыллаахтан кинини сойуолаһыы саҕаланар. Муус устарга Өлүөнэ өрүс пароходствотаын начаалынньыгын солбуйааччытынан аныыллар. 1936 сыл сэтинньитигэр «үлэтигэр итирик кэлэр» диэн матыыптаан үлэтиттэн уһулаллар, баартыйаттан таһаарыллар. Обком бюрота 1937 сыл бэс ыйынааҕы уурааҕынан баартыйа чилиэнигэр төннөрбүтэ, ол эрээри ол сыл сэтинньитигэр Аммосов хаайыллар, эһиилигэр олунньуга Бараахап хаайыллар. 1938 сыл кулун тутар 29 күнүгэр Семен Иванов эмиэ хаайыллар. Силиэстийэ икки сыл тухары барар. 1940 сыл бэс ыйын 6 күнүгэр ССРС НКВД-тын оһуобай отделын быһаарыытынан 5 сылга хаайыыга ууруллар.
1942 сыллаахха ахсынньы 6 күнүгэр ГУЛАГ лааҕырыгар өлбүтэ.
1962 сыллаахха Саха АССР Үрдүкү суутун быһаарыытынан дьыалата хаттаан көрүллүбүтэ, буруйа суоҕа дакаастаммыта. 2000 сыл сэтинньи 17 күнүгэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин борокуратуурата реабилитациялаабыта.
Дьиэ кэргэнэ
Кэргэнэ Жураковская Галина Семеновна. 1969 сыл олунньу 12 күнүгэр баартыйа Дьокуускайдааҕы архыыбыгар киирэ сылдьыбытын, Ньурбаҕа олоробун диэбитин туһунан архыыпка бэлиэтээһин баар. Туох оҕолооҕо-уруулааҕа уонна кэлиҥҥи дьылҕата биллибэт. Хаан уруута Алексеев Гаврил Егорович 2005 сыллаахха 75 саастаах эбит, Сунтаарга олорбут, «соҕотох бэйэтэ халыҥ аймаҕы ууһатта, тоҕус оҕотуттан элбэх сиэн, хос сиэн» тэнийбитин туһунан «Кыым» суруйар.