Муус устар 27
Муус устар 27 диэн Григориан халандаарыгар сыл 117-с күнэ (ордук хонуктаах сылга 118-c күнэ). Сыл бүтүө 248 күн баар.
Бэлиэ күннэр
- Саха Өрөспүүбүлүкэтэ: Өрөспүүбүлүкэ күнэ
- Арассыыйа — Парламентаризм күнэ
- Словения — Оккупааннары утары өрө туруу күнэ
- Молдавия — Былаах күнэ
- Соҕуруу Африка — Көҥүл күнэ
- Сьерра Леоне — Тутулуга суох буолуу күнэ (1961)
- Того — Тутулуга суох буолуу күнэ (1961, Францияттан)
- Финляндия — Бэтэрээннэр күннэрэ
- Кюрасао, Синт-Мартен — Хоруол күнэ
Түбэлтэлэр
- 711 — Омейядтар Испанияҕа аан бастаан саба түспүттэр: Тарик ибн Зияд баһылыктаах сэрии Гибралтарга устан тиийбит. Элбэх сыллаах сэрии түмүгэр Иберия (Пиреней) тумул арыы улахан аҥаара мусульманнар салайыыларыгар XV үйэ бүтүүтүгэр диэри (сэттэ үйэ тухары) олорбута.
- Морис Беневскэй бэйэтин «пресветлейшей республики Польской резидент и Ея Императорского Величества Римского камергер, военный советник и регементарь» диэн ааттанар эбит. Кэлин бу дьон икки далайынан устан Францияҕа тиийбиттэрэ. Тиһэҕэр Беневскай Франция икки хоруолугар сулууспалаабыта, Людовик XV сорудаҕынан Мадагаскаар арыыны сэриилээбитэ, олохтоохтор хоруолунан билиммиттэрэ.
- 1906 — Арассыыйа импиэрийэтин Судаарыстыбаннай Дуумата аан бастаан мустубут.
- 1908 сыллаахха муус устар 27 күнүттэн алтынньы 31 күнүгэр дылы Лондон куоракка IV Олимпиада ыытыллыбыт.
- 1920 — Максим Аммосов Хочо улууһуттан төрүттээх Семен Иванову Иркутскайтан Саха сиригэр төннөрөр туһунан сурук суруйар. Кэлин бу киһи САССР салайаачыларыттан биирдэстэрэ буолбута, конфедералистар өрө турууларын кэнниттэн салалтаттан туоратыллыбыта, сахалартан бастакынан инженер-гидролог идэтин ылан Өлүөнэ пароходствотын начаалынньыгын солбуйааччытынан үлэлээбитэ.
- 1922 — Бүтүн Сойуустааҕы ЦИК дэкириэтинэн Саха АССР төрүттэммит — Саха сирин судаарыстыбаннаһа олохтоммут. Бу дэкириэтинэн Саха Сиригэр урукку Саха күбүөрүнэтин сирдэрэ, Енисей күбүөрүнэтин Хатанга-Анаабыр оройуона, Киренскай уйуос Өлүөхүмэ-Сунтаар буолаһа, Хотугу Муустаах акыйаан илиҥҥи кэтирээһин 84 уонна 140 кыраадыстарын ыккардыгар сытар бары арыылара уонна Камчаатка уобалаһын Охуоскай уйуоһа киирбиттэр.
- 1974 — хомсомуол бастакы этэрээтэ БАМ-ы тута тиийбит.
- 1992 сыллаахха Саха Өрөспүүбүлүкэтин Үрдүкү Сэбиэтин XII уочарата суох сиэссийэтигэр өрөспүүбүлүкэ саҥа Конституцията олоххо киирбитэ.
- 1984 — Ирбэт тоҥу чинчийэр Институт дириэктэригэр Павел Мельниковка (19.06.1908—21.07.1994) Социалистыы Үлэ Дьоруойун аата иҥэриллибит.
- 1994 — Михаил Николаев көҕүлээһинэн Арассыыйа бэрэсидьиэнэ Борис Ельцин "1920-1930-с сылларга репрессияламмыт саха норуотун бэрэстэбиитэллэрин үтүө ааттарын сөргүтэр туһунан" 824№ ыйаахха илии баттаабыт.
- 2014 сыллаахха Дьокуускайга Киров уулуссатыгар Исидор Бараховка мэҥэ аһыллыбыт.
Төрөөбүттэр
- 1933 — Арҕаа Хаҥалас улууһун (билигин — Хаҥалас улууһа) Бэһис Малдьаҕар нэһилиэгэр Василий Федоров — устуоруйа билимин дуоктара. Дуоктар диссэртээссиэйтин Саха сирин 1900-1917 сылларга сайдыытыгар көмүскээбитэ.
- 1941 — саха кэпсээнньит суруйааччыта Василий Титов, Үөһээ Бүлүү Мэйик нэһилиэгэр төрөөбүт.
Өлбүттэр
- 1480 — Фернан Магеллаан — айанньыт, Испания колонизатора, Сири төгүрүччү эргийбит бастакы Европа эспэдииссийэтин тэрийээччи (бэйэтэ айанын ситэрбэккэ, аара Мактан арыы баһылыгын илиититтэн өлбүтэ).
|