УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт
Тохсунньу 16 диэн Григориан халандаарыгар сыл 16-с күнэ. Сыл бүтүө 349 күн (ордук хонуктаах сылга 350 күн) баар.
Бэлиэ күннэр
- АХШ АХШ — Итэҕэл көҥүлүн күнэ
- Каток кутааччы дойдулар ардыларынааҕы күнэ
- Таиланд Таиланд, Мьянма Мьянма — Учуутал күнэ
- Улуу Британия Улуу Британия — Битлз аан дойдутааҕы күнэ
Түбэлтэлэр
- Б.э.и. 27 сыл — Рим импиэрийэтин 1-кы консула Октавиан Август Римҥэ аан бастаан импэрээтэр аатын сүкпүт[1]. Онон Рим импиэрийэтэ баар буолбут күнүнэн ааҕыллар.
- 378 — Сиядж Как' диэн майя омук байыаннай баһылыга Тикаль куораты сэриилээн ылбыт, Теотиуакан хоруол сирин хаҥаппыт. Бу туһунан майя хроникаларыгар суруллар[2].
- 929 — Эмир Абд-ар-Рахман III Кордова халифаатын олохтообут[3].
- Москуба улуу княжествота Нуучча саарыстыбата буолбут[4].
- 1712 — Бүөтүр I Арассыыйаҕа бастакы байыаннай инженердэр оскуолаларын арыйар туһунан ыйаах тааһаарбыт. Билигин ол оскуола А. Ф. Можайскай аатынан Байыаннай-куйаар акадьыамыйа.
- 1724 — Ыраахтааҕы Бүөтүр I ыйааҕынан Арассыыйаҕа эдэрдэр бэйэлэрин сөбүлэҥнэрин ылбакка эрэ кэргэннии оҥорор бобуллубут. Бу ыйаах көҥүл да, крепостной да дьоҥҥо туһаайыллыбыт.
- Арассыыйа-Туурсуйа сэриитэ (1877–1878): Филиппополь аттынааҕы кыргыһыы буолбут, нуучча драгуннарын эскадрона Пловдив куораты осмааннартан босхолообут.
- Эрнест Шеклтон эспэдииссийэтэ Соҕуруу полюс магнит киинин булбут.
- 1920 — Парижка Наассыйалар Лиигэлэрин сэбиэтин бастакы мунньаҕа буолбут.
- 1943 — ССРС Үрдүкү Сэбиэтин бөрөсүүдьүмүн ыйааҕынан абыйаассыйа маршала, артиллерия маршала уонна бронетнаковай сэриилэр маршаллара диэн сыбаанньалар олохтоммуттар.
- Ян Палах Сэбиэскэй сэриилэр Прага сааһа диэн ааттанар дьалхааны хам баттаабыттарын утаран, ол кэнниттэн биир сыл буолан баран, бэйэтин уматтан өлбүт.
- 1969 — Аан дойдуга бастакынан икки сэбиэскэй Сир аргыһа тиксиһэннириллибиттэр (Союз-4 уонна Союз-5).
- 1979 — Ирааҥҥа Ислам өрөбөлүүссүйэтэ буолбутуттан сылтаан бүтэһик шах Мохаммед Реза Пехлеви дьиэ кэргэнин кытары дойдутуттан Эгиипэккэ күрээбит.
- 1989 — ССРС Үрдүкү Сэбиэтин бөрөсүүдьүмүн ыйааҕынан 30-40 сс. уонна 50-с сыллар саҕалыныытыгар суут таһынан таһаарыллыбыт бириигэбэрдэр ("тройкалар" уонна НКВД бириигибэрдэрэ) ууратыллыбыттар.
- Перс хомотугар сэриини саҕалаабыттар.
- 1992 — Сальвадор былаастара уонна өрө турааччылар эйэ сөбүлэҥэр илии баттаан Сальвадорга 12 сыл устата барбыт гражданскай сэриини тохтотоллор. Бу сэриигэ 75 000 тахса киһи өлбүтэ.
- 2006 — Эллен Джонсон-Серлиф Либерия бэрэсидьиэнин солотугар киирбит. Африкаҕа дойдуну баһылаабыт бастакы дьахтар буолбут.
Төрөөбүттэр
- 1818 — Шигабутдин Мардьани — татаар төрүттээх Арассыыйатааҕы ислам таҥараһыта, сырдатааччы. Мардьани ону таһынан этнограф, археограф, востоковед уонна педагог быһыытынан биллэр. Бэйэтин кэмигэр саамай бөдөҥ татаар историга этэ.
- 1879 — Петр Драверт — Сибиири чинчийээччи, бэйиэт. 1906—1910 сс. Саха сиригэр көскө сылдьан Кэмпэндээйи тууһун, Өлүөнэ алын тардыытын флоратын уонна фаунатын, Байаан-Күөл уонна Абалаах туустарын үөрэппит.
- 1898 — Алексей Иванов - Күндэ — XX үйэ саҥатыгар үлэлээбит саха биллиилээх суруйааччыта, литературоведа. Саха суругун-бичигин кэмитиэтин чилиэнэ.
- 1932 — Василий Гольдеров - Ороһу уола — саха бэйиэтэ, суруйааччыта.
- 1940 — Николай Саввинов — дуобакка өрөспүүбүлүкэ 13 төгүллээх чөмпүйүөнэ, 1969 сыллаахаа ССРС эр дьоҥҥо чемпионатын финалыгар бастакынан суолу тэлбит, Европа бэтэрээннэригэр боруонса мэтээллээх, ССРС спорт маастара, СӨ хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ.
- 1947 — Тамара Андреева — эбэҥки омугун тылын, фольклорун, култууратын үөрэтэр чинчийээччи.
Өлбүттэр
Быһаарыылар