Дуобат
10×10 дуобат дуоскатыгар бастакы кирбии. | |
Оонньооччу ахсаана | 2 |
---|---|
Age range | Биэс саастан. |
Оонньууну туруоруу кэмэ | 10-60 сөкүүндэ |
Алҕас түгэн дьайыыта | Суох |
Наадалаах ньымалар | Тактика, Стратегия |
Дуобат (эбэтэр дуомат) диэн икки омуктар икки ардыларынааҕы дуобат (10×10 дуоска) уонна ааҥл дуобата (8×8 дуоска).
Дуобат былыр сахаларга элбэхтик оонньонор эбит. Дьон дуобат бөгүүрэлэрин бэйэлэрэ талахтан оҥостоллоро. Уһуктаах бөгүүрэлэр хороох, оройо ойо быһыылааҕа — ньыкаа диэн ааттаналлара.
Нотацияны билбэт былыргы сахалар бэйэлэрэ туспа нотациялаахтара. Дуоска суоллара: уһун дьуруу, эбэтэр сүүрэр үөс (a1-h7), алын уонна үрүт тэпсэҥнэр (g1-a7, h2-b8), үс үөс, эбэтэр үс үктэллээх эргиир (c1-h6, b2-g7, a3-f8), олдьу суоллар (e1-a5, a5-d8, d8-h4, h4-e1)[1].
Көрүҥнэрэ
- Омуктар икки ардыларынааҕы дуобат
- Ааҥл дуобата
- Бразилия дуобата
- Гана дуобата
- Канада дуобата
- Фриз дуобата
- Пул дуобат
- Испания дуобата
- Нуучча дуобата
- Италия дуобата
- Чех дуобата
- Аргентина дуобата
- Тай дуобата
- Түрк дуобата
Быһаарыылар
- ↑ Р. Д. Попов, Дуобат дьиктилэрэ, Дьокуускай, 1976