1989 сыл

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт
Сыллар
1985 1986 1987 1988 — 1989 — 1990 1991 1992 1993
Уоннуу сыллар
1950-с 1960-с 1970-с — 1980-с — 1990-с 2000-с 2010-с
Үйэлэр
XIX үйэ — XX үйэXXI үйэ

1989 сыл.

Туох буолбута

Тохсунньу

  • Тохсунньу 16 — ССРС Үрдүкү Сэбиэтин бөрөсүүдьүмүн ыйааҕынан 30-40 сс. уонна 50-с сыллар саҕалыныытыгар суут таһынан таһаарыллыбыт бириигэбэрдэр ("тройкалар" уонна НКВД бириигибэрдэрэ) ууратыллыбыттар.

Олунньу

  • ССРС-Афганистаан сэриитэ: Сэбиэскэй Сойуус бүтэһик тааҥкаларын холуонната Кабултан тахсыбыт.
  • Альфредо Стресснеры былаастан туораппыттар.
  • Олунньу 15Сэбиэскэй Сойуус сэбилэниилээх күүстэрин Афганистантан тахсыыта түмүктэммит, 9 сыллаах Афган сэриитэ бүппүт. Сэриигэ 15 000 кэриҥэ сэбиэскэй саллаат, 1 мөлүйүөн кэриҥэ Афганистан олохтооҕо өлбүт, ону кытары 5 мөлүйүөн кэриҥэ афганец төрөөбүт сириттэн-уотуттан күрүүргэ күһэллибит.

Муус устар

  • Муус устар 15Кытайга Тяньаньмэнь болуоссат дьалхаана саҕаламмыт. Бэс ыйын 4 күнүгэр бүтэһиктээхтик хам баттаммыта. Чинчийээччилэр этэллэринэн бу түбэлтэттэн сылтаан Кытай Сэбиэскэй Сойуус аҕыйах кэминэн ыһыллыбытын курдук ыһылла сыспыта. Дэн Сяопин кытаанах дьулуура эрэ быыһаабыта.
  • Муус устар 18 — Сунтаарга Бүлүү өрүһү көмүскүүргэ туһуламмыт Саха сиригэр аан бастакы экология миитинэ буолбут. Тэрийээччилэр: В.П. Мекумянов, Н.В. Михалева, Ю.Д. Очосов, Э. Соколов-Тулусхан, В.Г. Трофимов. Миитин кыттыылаахтара ССКП КК Бүлүү өрүһэ 1955 сылтан ыла айгыраабыт экологиятын туһунан сурук ыытарга быһаарбыттара. Бу суруккка 2052 киһи илии баттаан Дм. Фокинов Москубаҕа илдьэн биэрбитэ. Миитин түмүктээх буолбута: КК чинчийэр эспэдииссийэ ыыппыта[1].

Атырдьах ыйа

Алтынньы

Сэтинньи

  • Сэтинньи 24 — Чехословакияҕа биир нэдиэлэ маассабай бырачыас кэнниттэн (кэлин Бархат өрөбөлүүссүйэтэ диэн ааттаммыта) Милош Якеш уонна дойду хомуньуус баартыйатын политбюрота былаастан туораан биэрбиттэр.
  • Сэтинньи 7 — Дуглас Уайлдер Вирджиния штаат күбүрүнээтэринэн талыллан, бастакы афроамерикец күбүрүнээтэр буолбут.
  • Сэтинньи 9Берлин эркинин сууллуута, Илин Германия Берлин эркинигэр баар ааннары арыйбыт. Мантан саҕалаан сотору кэминэн Илин уонна Арҕаа Германиялар биир илгэ холбоспуттара.
  • Сэтинньи 14
    • РСФСР суруйааччыларын бырабылыанньатын VI пленума буолбут
    • ССРС Үрдүкү Сэбиэтэ "Репрессияламмыт норуоттар тустарынан декларация" таһаарбыт.
  • Чехословакияҕа "Баархаттыы" өрөбөлүүссүйэ саҕаламмыт.

Ахсынньы

  • Ахсынньы 3Мальтатааҕы саммитка АХШ бэрэсидьиэнэ Джордж Буш уонна ССРС бэрэсидьиэнэ Михаил Горбачёв кинилэр дойдулара утарсааччы буолбаттарын биллэрбиттэр. Бу күн Тымныы сэрии официальнай түмүктэниитинэн ааҕыллар.
  • Ахсынньы 8 — Саха АССР Үрдүкү сэбиэтин 11 ыҥырыытын XIII сиэссийэтигэр Михаил Николаев Үрдүкү сэбиэт бөрөсүүдьүмүн бэрэстээтэлинэн талыллыбыт. Бу күн "Молодежь Якутии" хаһыакка Михаил Николаев интервьюта тахсыбыта, онно кини өрөспүүбүлүкэ статуһа үрдүөхтээҕин туһунан этиитэ кини бу дуоһунаска талылларыгар улахан суолтаны ылбыта[2].
  • Ахсынньы 20АХШ сэбилэниилээх күүстэрэ Панаамаҕа саба түспүттэр, Мануэль Норьега былаастан туоратыллыбыт. Норьега "тымныы сэрии" кэмигэр АХШ диэки этэ, ФБР-тан тус бэйэтэ хамнас ылара, ол эрээри кэлин наркотик атыылааһына биллэн хаалан (Ираан-Контрас диэн ааттаммыт айдаан, холобур), АХШ салалтатын кытта тапсыбат буолбута. Тиһэҕэр утарбыта. АХШ Панаамаҕа саба түһүүтүн ХНТ уонна Америка дойдуларын холбоһуга аан дойду быраабын кэһии быһыытынан сыаналаабыттара.
  • Ахсынньы 22Румыния баһылыга Николае Чаушеску хас да хонук хааннаах кыргыһыылар кэннилэриттэн былаастан туоратыллыбыт.

Төрөөбүттэр

Өлбүттэр

  1. Юрий Мекумянов. Саха сиригэр экология бастакы миитинэ // Кыым. — Дьокуускай, 2022. — 14 Муус устар (№ 14 (22563)).
  2. Николаев Иван Игнатьевич Выход нового лидера на авансцену // Сокровенная история республики. — Якутск: Чопчу, 2016. — С. 65-67. — 624 с. — 3000 экз.