Сайа

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт

Сайа — Михалёва Наталья Владимировна (1964 төр.) — бэйиэт, прозаик уонна суруналыыс. Cаха Өрөспүүбүлүкэтин суруйааччыларын Сойууһун уонна суруйааччылар Норуоттар икки ардыларынааҕы сообществоларын чилиэнэ (1994), Россия суруналыыстарын Сойууһун чилиэнэ (2006)

Олоҕун олуктара

Сунтаар Түбэйигэр ыам ыйын 9 күнүгэр 1964 сыллаахха төрөөбүт. 1985 с. Хабаровскайдааҕы култуура институтун бүтэрбит. Сунтаар улууһун култуураҕа салаатыгар, улуус телевидениетигэр үлэлээбитэ. Билигин «Саха» НКИХ эрэдээктэрэ уонна ыытааччыта.

Айар үлэтэ

Хоһоонноро уонна кэпсээннэрэ 1987 сылтан бэчээттэнэллэр.

1998-99 сс "Сунтаар сулуһа" улуустааҕы хаһыаты салайан таһаара сылдьыбыта

Саха телевидениетигэр биэриилэр, элбэх документальнай киинэлэр, уочаркалар ааптардара.

2012-15 сс "Сылаас дьиэ" сурунаалы тэрийэн таһаарбыта.

Библиография

Тыллыы: хоһооннор. – Дьокуускай: Ситим, 1994. – 79 с.

Бүгүн түүн: кэпсээннэр, хоһооннор. – Дьокуускай: Бичик, 2000. – 173 с.

Күөх ньургуһун: [сэһэн]. – Дьокуускай: Бичик, 2004. – 124, [2] с.

Кистэлэҥ халлааным Айыыта: [хоһооннор]. – Дьокуускай: Бичик, 2006. – 158, [1] с.

Аата суох сибэкки: хоһооннор, ахтыылар, кэпсээннэр / [аан тыл ааптара М. Ефимов]. – Дьокуускай: Бичик, 2009. – 222, [1] с.

Эрэнэ сүрэхпин аһабын: [хоһооннор] – Дьокуускай \: Бичик, 2012. – 125, [3] с.

Эрэн миэхэ: [хоһооннор]. – Дьокуускай : CMYK-Мастер, 2014. – 114 с.

Попутные ветры: [стихи] / пер. с якут. Евгения Каминского. – Якутск: Салама, 2014. – 112, [2] с.

"Кэпсиэ" кэннэ аһаҕастык: [ахтыылар, ыстатыйалар] -- Дьокуускай: Бичик, 2017. – 254 с.

"Тыыннаах тылбаас": [нуучча тылыттан сахалыы тылбаастаммыт хоһооннор] -- Дьокуускай: Көмүөл, 2018. -- 161 с.

"Алтан сэргэм": [хоһооннор] -- Дьокуускай: Көмүөл, 2019. - 574 с. "УЙГУР" (сэһэн, кэпсээн, эссе) -- Дьокуускай: Айар, 2021. - 158 с.

Бэйэтин айар үлэтин таһынан элбэх кыраайы, төрүт култуураны үөрэтиигэ кинигэлэри, биллэр-көстөр уонна истиҥник саныыр дьонун туһунан ахтыылар хомуурунньуктарын бэрийэн, көрөн-истэн таһаарар. Олортон ордук суолталаахтара: “На рубеже двух эпох” (М.Н. Тимофеев-Терешкин айар, чинчийэр үлэтигэр, олоҕор аналлаах), "И в снег, и в ветер..." (А.К. Акимов 60 сааһыгар аналлаах), “Түбэй нэһилиэгэ”, “Олоҥхо өрөгөйө – саха саргыта”, “Алтан аарык тойуга”, «Куйаар далай түһүлгэ», "Күөрэгэй ырыата", "Кулууп уола Болуодьа" о.д.а.

Олоҕун уонна айар үлэтин туһунан:

Саха поэзиятын күөх ньургуһуна: (Наталья Михалева-Сайа поэзиятыгар бэлиэтээһиннэр): ыстатыйалар хомуурунньуктара /М.К. Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи федер. ун-т, Саха лит. каф.; [хомуйан оҥордулар: В. Семенова, М. Степанова]. – Дьокуускай: Бичик, 2014. – 137,[2] с.

Саха поэзиятын алгыстаах Айыы Куота: Варвара Окорокова (Наталья Михалева-Сайа поэзиятын уонна олоҕун ырытыы): монография / Дьокуускай: М.К. Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи федер. ун-т изд. Дьиэтэ, 2019. 203 с.

Периодика бэчээтигэр:

Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр тахсар хаһыаттарга, сурунаалларга бэчээттэнэрин таһынан, Москваҕа “Общеписательскай литературнай хаһыакка”, "Литера" электроннай сурунаалга, Санкт-Петербурга “Звезда”, “Невский альманах”, “Молодой Петербург” сурунаалларга, Уфаҕа "Башкортостан кызы" сурунаалга, Кыргыстаҥҥа "Жетиген", "Ала Тоо" сурунаалларга айымньылара бэчээттэммитэ.

Хомуурунньуктарга:

  1. "Кырдал кыталыктара" хоһооннор хомуурунньуктара, 1998 с.
  2. "Суол тоҕойугар" кэпсээннэр хомуурунньуктара, 1998 с.
  3. "Из века в век" поэзия народов кириллической азбуки, 2009
  4. "Сулустан тохтубут хоһооннор" көҥүл поэттар хомуурунньуктара, 2011
  5. "Поэзия" антология современной литературы народов России, 2015

Наҕараадалара уонна ытык ааттара

"СӨ култууратын туйгуна", 1995 с.

Юрий Чертов аатынан суруналыыстар Бириэмийэлэрэ, 2011 с

Сунтаар улууһун Бочуоттаах олохтооҕо, 2014 с.

Түбэй нэһилиэгин Бочуоттаах олохтооҕо, 2014 с.

Чурапчы улууһун Алаҕар нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо 2021 с.

СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, 2014 с.

"Кинолетопись Якутии" анал бириэмийэтэ, 2016 с.

СӨ Айар Сойуустарын Ассоциациятын Алампа аатынан уопсастыбаннай Бириэмийэтэ 2020 с.

Суруналыыстарга бэриллэр Николай Кондаков Саха Өрөспүүбүлүкэтин Судаарыстыбаннай Бириэмийэтэ 2021 с.

"Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай суруйааччыта" 2021 с.

Быһаарыылар

Туһаныллыбыт сирдэр

  • Писатели земли олонхо. Библиографическай ыйынньык. — Дь.: «Бичик», 2000/ — ISBN 5-7696-1001-8