Данилов Софрон Петрович
УРУБИИКИ: Холбуурга сирэйгэ туһааннаах суругу эбэн кулу. |
Софрон Данилов | ||||||
---|---|---|---|---|---|---|
Төрөөбүт аата: | Данилов Софрон Петрович | |||||
Төрөөбүт күнэ: | 19 муус устар 1922 | |||||
Төрөөбүт сирэ: | Мытаах нэһилиэгэ, Горнай улууһа, Саха губернията | |||||
Өлбүт күнэ: | 7 балаҕан ыйын 1993 (71 сааһыгар) | |||||
Дойдута: |
ССРС, Россия |
|||||
Жанр: | роман, сэһэн, кэпсээн, хоһоон | |||||
Айымньыларын тыла: | саха | |||||
Бастакы кинигэтэ: | «Көрсүһүү», 1945 | |||||
Наҕараадалара: |
|
Данилов Софрон Петрович (19.04.1922, Мытаах нэһилиэгэ, Арҕаа Хаҥалас улууһа, Саха губернията — 07.09.1993) — саха норуодунай суруйааччыта, ССРС суруйааччыларын Сойууһун чилиэнэ (1949).
Олоҕун олуктара
Арҕаа Хаҥалас улууһугар билигин Горнай улууһугар киирэр Мытаах нэһилиэгэр 1922 сыл муус устар 19 күнүгэр төрөөбүт.
1929 с. Бор бастакы сүһүөх оскуолатыгар киирбит.
1940 с. Дьокуускайдааҕы педагогика рабфагын бүтэрэн, педагогика институтугар үөрэнэ киирбит.
1941—1942 сс. армияҕа сулууспалаабыт, онтон доруобуйатынан сыыйыллан төннөн кэлэн Уолбут сэттэ кылаастаах оскуолатыгар учууталлаабыт[1].
Элбэх сыл суруналыыстаабыт уонна иитэр-үөрэтэр үлэҕэ сылдьыбыт.
1979 с. Саха Сирин суруйааччыларын Сойууһун бырабылыанньатын бэрэссэдээтэлэ уонна РСФСР суруйааччыларын Сойууһун сэкэрэтээрэ.
ССКП XXVI сийиэһин дьокутаатынан, Саха АССР Үрдүкү Сэбиэтин хас да ыҥырыытыгар дьокутаатынан талыллан үлэлээбит.
1993 сыл балаҕан ыйын 7 күнүгэр өлбүт.
Айар үлэтэ
1934 с. 12 саастааҕар «Кыым» хаһыакка бастакы суруйуутун бэчээттэппит. 1938 с. «Бэлэм буол» хаһыакка «Мууска» диэн хоһооно бэчээттэммитэ, сотору соҕус илиинэн суруллар устудьуоннар сурунаалларыгар суруйааччы бастакы кэпсээнэ тахсыбыта. 1938 с. ырыа буолбут хоһоонноро биллибиттэр. «Сүрэх тэбэрин тухары», «Киhи биирдэ олорор», «Сказание о Джэнкире» романнара, «Манчаары», «Дьону үөрдэ сылдьаары», «Уот», «Бааһына» сэһэннэрэ, кэпсээннэрэ, «Сахалар ааттарыттан» драма — саха литературатыгар биллэр көстүүлэр.
Софрон Петрович Данилов элбэх айымньылара нуучча уонна атын омук тылларыгар тылбаастанан тахсыбыттара.
С. Данилов — публицист уонна литературнай критик. Орто оскуола литератураҕа бырагыраамматын уонна учебнигын ааптара.
Н. Чернышевскай «Что делать?» романын, Н. Островскай, Лопе де Вега драмаларын уонна да атыттары тылбаастаабыт.
Уопсастыбаннай үлэтэ
Төрөөбүт омугун санаата өрөгөйдүүрүгэр, национальнай культура тиллэригэр өрөспүүбүлүкэ суверенитеттанарыгар бэйэтин сүүнэ кылаатын киллэрбитэ. Саха Өрөспүүбүлүкэтин саҥа Конституциятын ылыныыга быһаччы кыттыбыта. 1992 сыллаахха Саха омугун Кэнгириэһин Сүбэтин бэрэссэдээтэлинэн талыллыбыта.
Наҕараадалара уонна ытык ааттара
- Саха норуодунай суруйааччыта
- Үлэ Кыһыл Знамятын уордьана
- Норуоттар Доҕордоһууларын уордьана
- Икки «Бочуот Бэлиэтэ» уордьан
- Российскай Федерация культуратын үтүөлээх диэйэтэлэ
- М. Горькай аатынан РСФСР Государственнай бириэмийэтин лауреата («Сүрэх тэбэрин тухары», «Киһи биирдэ олорор» романнарын иһин)
- П. А. Ойуунускай аатынан Саха Өрөспүүбүлүкэтин литературнай бириэмийэтин лауреата («Сүрэх тэбэрин тухары» романын иһин)
- ССРС КГБ-н бириэмийэтин лауреата
- Саха комсомолун бириэмийэтин лауреата
Үйэлээх аата
- Софрон Данилов аатын Горнай улууһун Дьиикимдэтээҕи орто оскуола сүгэр.
- Бэрдьигэстээх уулуссата кини аатынан ааттаммыта.
- Өлүөнэтээҕи холбоһуктаах пароходство теплохода ааттаммыта.
- Мытаах нэһилиэгэр ини-бии Сэмэн уонна Софрон Даниловтар ааттарын сүгэр литература түмэлэ үлэлиир.
Библиография
- Сүрэх тэбэрин тухары. (1966) Роман
- Двое. (1962)
- Красавица Амга. (1974) Роман
- Манчаары. (1966) Кэпсээнинэн сэһэн
- Уот. (1979)
- Тоскин. (1976) Сэһэн
Быһаарыылар
- ↑ Саха саарыннара. Хомуйан оҥордулар Л. Г. Николаев, А. Г. Николаев, Ф. Э. Данилов. — Дь.: «Кудук», 1998. — ISBN 5-7863-0122-2
Ылыллыбыт сирэ
- Большой Энциклопедический словарь
- Писатели Якутии
- УРУБИИКИ:Көһөрүллүөхтээх ыстатыйалар
- Муус устар 19 күнүгэр төрөөбүттэр
- 1922 сыллаахха төрөөбүттэр
- Дьон алпабыытынан
- Мытаах нэһилиэгэр төрөөбүттэр
- Балаҕан ыйын 7 күнүгэр өлбүттэр
- 1993 сыллаахха өлбүттэр
- Үлэ Кыһыл Знамятын уордьанын кавалердара
- Норуоттар Доҕордоһууларын уордьанын кавалердара
- «Бочуот Бэлиэтэ» уордьан кавалердара
- Саха норуодунай суруйааччылара
- Суруйааччылар алпабыытынан
- Саха биллиилээх дьоно
- Саха суруйааччылара