Кривошапкин Андрей Васильевич
Кривошапкин Андрей Васильевич — эбээн бастаан-көстөөн иһэр суруйааччыта, Саха Өрөспүүбүлүкэтин народнай суруйааччыта, эбээн омук, өрөспүүбүлүкэ биллиилээх уопсастыбаннай уонна государственнэй үлэһитэ, народнай депутата.
Олоҕун олуктара
- 1940 с. алтынньы 17 күнүгэр Саккырыыр оройуонугар (билигин Эбээн-Бытантай улууһун сирэ) Сэбээн Күөл сэлиэнньэҕэ көс олохтоох табаһыт дьиэ кэргэнигэр төрөөбүтэ. Аҕата эрдэ өлөн, ийэтэ оҕолорун соҕотоҕун иитэн, атахтарыгар туруорбут. Сюбээн Күөл, Саккырыыр оскуолаларыгар ситиһилээхтик үөрэммитэ. Оскуолаҕа үөрэнэр сылларыгар дьону түмэр, сирдиир хаачыстыбалара биллибиттэрэ: пионер эрдэҕинэ — дружина сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ, үрдүкү кылаастарга — оскуолатын комсомолун тэрилтэтигэр секретарь, оскуола уонна бөһүөлэк олоҕор көхтөөхтүк кыттара.
Сэбээн Күөл оскуолатыгар үөрэнэ сылдьан, саха тылын бэйэтин тылын курдук баһылаабыта. Бу оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан, оччотооҕу кэмҥэ эдэр суруйааччы, начальнай кылаас учууталын Платон Ламутскайы кытта билсибитэ. Ити кэмтэн литература эйгэтигэр тардыһар буолбут. Саккырыыр оскуолатыгар үөрэнэ сылдьан, бастакы хоһооннорун, кыра кэпсээннэри суруйарга холоммута. Доҕорун Вася Кейметиновтыын суругунан Василий Дмитриевич Лебедевы кытта билсибиттэр. Суруктарыгар суруйааччы идэтин баһылыылларыгар сүбэ-ама көрдөөбүттэр. В. Д. Лебедев оҕолорго төрөөбүт тылларын, эбээн фольклорун таһыччы билиэхтээхтэрин, үөрэтиэхтээхтэрин, бары өттүттэн дэгиттэр билиилээх дьон буолуохтаахтарын туһунан ыйбыт-алҕаабыт. Учуонай суруга, сүбэлэрэ, уолаттар инники дьылҕаларыгар улахан сабыдыалланан, сирдьит буолан, кинилэри биллиилээх суруйааччы буолалларыгар түстээбит.[1]
- Оскуоланы бүтэрээт, учууталлаабыт.
- 1970 сыллаахха Ленинградтааҕы А. И. Герцен аатынан пединституту уһулуччулаахтык үөрэнэн бүтэрбит.
- 1970—1977 сс. — Сэбээн Күөл орто оскуолатын директорынан ананан улэлээбитэ[2].
- 1970—1997 сс. — Ламыҥха нэһилиэгин партийнай тэрилтэтигэр секретарь.
- 1977—1979 сс. — «Кировскай» совхоз босхоломмут секретарынан талыллыбыт.
- 1979—1980 сс. — «Кировскай» совхоз салаатын (Сэбээн Күөл) дьаһайааччытынан үлэлиир.
- 1980 с. — Саха АССР Совмин инструктора.
- 1981 с. — ССКП Дьокуускайдааҕы обкомун пропагандаҕа уонна агитацияҕа салаатын инструктора.
- 1985 с. — Хабаровскайдааҕы үрдүкү партийнай оскуоланы кэтэхтэн үөрэнэн бүтэрэр.
- 1988 с. — ССКП Дьокуускайдааҕы обкомун идеологияҕа салаатын сэбиэдиссэйин солбуйааччыта.
- 1990 с. — РСФСР народнай депутатынан, Саха АССР Үрдүкү Сэбиэтин депутатынан талыллыбыта.
«На первом съезде народных депутатов РСФСР в мае 1990 года избран членом Верховного Совета РСФСР на постоянной основе, был утвержден председателем подкомиссии по вопросам коренных малочисленных народов Севера, Сибири и Дальнего Востока РСФСР также на постоянной основе. 21 сентября 1993 года Б. Ельцин издал Указ N1400 о роспуске Верховного Совета Российской Федерации. В ответ экстренно собрался X чрезвычайный съезд народных депутатов Российской Федерации, который принял постановление об импичменте Президента РФ Б. Н. Ельцина.
3—4 октября 1993 года по приказу Б. Ельцина всенародно избранный Верховный Совет РФ был расстрелян из танковых орудий, сторонники законной конституционной власти были потоплены в крови. Я, как народный депутат, защищающий Конституцию страны, был свидетелем и участником тех драматических событий. Находился в ряду тех, по кому стреляли. Остался жив, благодаря командиру подразделения „Альфа“, который помог народным депутатам России выйти из горящего здания».— А. В. Кривошапкин ахтыыларыттан[3]
- 1993 с. — Эбээн-Бытантай национальнай оройуон быыбардааччылара Саха Республикатын народнай депутатынан талбыттар. 1993 сыл ахсынньы 12 күнүттэн бу күннэргэ дылы Саха Республикатын Ил Түмэнин депутата.
- 1994—2003 сс. — Москва куоракка олорбут кэмигэр Российскай Федерация Мунньаҕыгар Саха Республикатын Ил Түмэнин постояннай комитетын представителинэн үлэлээбит.
- 2003—2008 сс. — норуот депутата, Саха Республикатын Ил Түмэнин Арктика уонна олохтоох аҕыйах ахсааннаах хотугу омуктар кыһалҕаларыгар постояннай комитет бэрэссэдээтэлинэн үлэлээбит.
- 2008 с., кулун тутартан — Саха Республикатын Ил Түмэнин депутатынан талыллыбыт (РФКП тиһигинэн).
- 2008 с., кулун тутартан 2013 с. диэри[4] — Саха Республикатын Ил Түмэнин Бэрэссэдээтэлин солбуйааччыта[5].
Дьиэ кэргэнэ
- Кэргэнэ — Никитина Розалия Серафимовна, педагогика билимин кандидата, Российскай Федерация үтүөлээх учуутала, Саха Республикатын национальнай оскуолаларын научнай-чинчийэр институтын сүрүн үлэһитэ.
- Үс оҕолоох — Александр, Герман, Диана.
Айар үлэтэ
1962 сылтан саҕалаан оҕолорго анаан суруйар буолбута. Бастакы эбээн оҕолоругар аналлаах «Опо» диэн кинигэтэ 1969 сыллаахха күн сирин көрбүтэ. Онтон ыла оҕо суруйааччытын быһыытынан төрөөбүт, саха, нуучча тылларынан үгүс кинигэтэ тахсыбыттара: «Про олененка и крутого барана» (1975), «Мои друзья — оленеводы» (1980), «Мой олененок» (1982), «Сын Чиктикана» (1988) о. д. а. Оҕолорго аналлаах айымньылара көрүдьүөстээх, кэрэхсэбиллээх ис хоһоонноохтор, оҕо майгытын, оҕо олоҕу көрүүтүн уратыларын толору арыйаллар.
А. Кривошапкин, салайааччы буолан, олох үөһүгэр киирэн истэҕин аайы кини айымньыларыгар туруорар соруктара эмиэ уустугуран испиттэрэ. Ол курдук кини сэһэҥҥэ ылсыспыта: «Оҕо сааһым табалара», «Чубукулар хоту түһэллэр» (1985).
Олоҕун омурҕаныгар киирэригэр романист быһыытынан билиннэ. «Дьылҕам кытыла» (1988) ромаҥҥа норуотун былыргы ыар олоҕун ойуулуур. «Көмүс таба» (1990) романыгар эбээннэр билиҥҥи олохторун, кыһалҕаларын арыйар.
Поэт быһыытынан норуотун кэрэ ис эйгэтинэн, үйэлэргэ муспут баайынан ырыатынан-үҥкүүтүнэн, сиэринэн-туомунан, майгытынан-сигилитинэн киэн туттан хоһоонноругар туойбута.[6]
Наҕараадалара уонна ытык ааттара
- ССРС суруйааччыларын Сойууһун чилиэнэ (1982 с.)
- Эрилик Эристиин аатынан литератураҕа бириэмийэ лауреата
- Россия Улахан литературнай бириэмийэтин лауреата[7] (2002)
- Саха Өрөспүүбүлүкэтин культуратын үтүөлээх үлэһитэ[8] (2002 с.)
- «370 лет Россия — Саха (Якутия)» ураты Бэлиэ (2002)
- Саха Өрөспүүбүлүкэтин народнай суруйааччыта[9] (2005 с., олунньу)
- Саха Өрөспүүбүлүкэтин үөрэҕириитин туйгуна
- Социология билимнэрин кандидата
- Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Түмэнин Махтал суруга[10] (2005)
- «Гражданская доблесть» ураты Бэлиэ
- «375 лет Россия — Саха (Якутия)» ураты Бэлиэ (2007)
- Эбээн-Бытантай улууһун ытык киһитэ
- Кэбээйи улууһун ытык киһитэ
- Саха Өрөспүүбүлүкэтин ытык киһитэ (2010)[11][12]
Айымньылара
- Тилкын: Хоһооннор. — Дь., 1983
- Иҥэнь төр икэлни: Дентир. — Дь., 1995
- О, мин эвен куттаах ырыаларым: В. Д. Лебедев туһунан документальнай ахтыы-сэһэн. — Дь., 1994
Сэһэннэрэ
- Оҕо сааһым табалара: Сэһэннэр. — Дь., 1985
- Чубукулар хоту түһэллэр (1985)
Романнара
- Дьылҕам кытыла: Роман /М. Д. Дьячковскай тылб. — Дь., 1990
- Көмүс таба (1990)
- Көс олоҕун уһун суола
- Муома сис хайата (2010)
Быһаарыылар
- ↑ Официальный информационный портал Республики Саха (Якутия): Литературная муза Кобяйской земли
- ↑ МБОУ "Себян-Кюельская НЭСОШ:Информация о школе
- ↑ Национальная библиотека Республики Саха (Якутия):Книгакан:Андрей Васильевич Кривошапкин:автобиография
- ↑ https://rus.team/people/krivoshapkin-andrej-vasilevich
- ↑ Государственное Собрание (Ил Тумэн) Республики Саха (Якутия)
- ↑ Варвара Окорокова. Андрей Кривошапкин — эбээн норуотун киэн туттуута. (Суруйааччы 70 сааһыгар). «Чолбон» — 2010 — № 12
- ↑ Сайт Союза писателей России: Объявление лауреатов за 2002 год
- ↑ Указ Президента Республики Саха (Якутия) от 14.04.2002 № 185
- ↑ Указ Президента Республики Саха (Якутия) от 24.02.2005 № 1988
- ↑ Государственное собрание (Ил Тумэн) Республики Саха (Якутия): XXVI пленарное заседание Ил Тумэн открылось
- ↑ Указ Президента Республики Саха (Якутия) от 01.11.2010 № 337
- ↑ Официальный информационный портал Республики Саха (Якутия): Почетные граждане Республики Саха (Якутия)
Өссө маны көр
- Саха норуодунай суруйааччыларын тиһигэ
- Саха норуодунай поэттарын тиһигэ
- Саха Өрөспүүбүлүкэтин ытык дьоно
Литература
- Тобуроков Н. Н. Андрей Васильевич Кривошапкин: очерк жизни и творчества / Н. Н. Тобуроков; отв. ред. В. А. Роббек; рецензент А. Н. Мыреева, Е. Е. Сибиряков; Рос. акад. наук, Сиб. отд-ние, Ин-т проблем малочисл. народов Севера. — Якутск : Северовед, 1999. — 76 с.
- Рец.: Володин В. Поэт из племени Ламынха: [о выходе кн. Н. Тобурокова о исслед. лит. творчества А. Кривошапкина] // Якутия. — 1999. — 25 нояб.
- Андрей Васильевич Кривошапкин: Писатель. Патриот. Государственный деятель: буклет. — Якутск: Сахаполиграфиздат, 2000. — 16 с.
- Андрей Васильевич Кривошапкин: [ст., выступления гос., парт. деят., друзей и сородичей / Гос. Собр. Ил Тумэн; сост.: Д. И. Пухов, С. Е. Дадаскинов; ред. Ф. Г. Охлопков]. — Якутск: Бичик, 2006. — 158 с., [8 л. ил.]. — (Государственные деятели Якутии)
- Ленинград незабываемый: интервью с народным писателем Якутии А. В. Кривошапкиным / записала В. Данилова // Илкэн. — 2010. — N 10. — С.3.
- Дуткина В. А. «Как молоды мы были…» // Илкэн. — 2010. — N 10. — С.3.
- Андрей Васильевич Кривошапкин: биобиблиогр. указ. / Нац. б-ка ЯАССР; сост. М. Е. Яковлева. — Якутск: Полиграфист, 1991. — 21 с.
- Андрей Васильевич Кривошапкин: писатель, государственный и общественный деятель: биобиблиогр. указ. / Рос. акад. наук, Сиб. отд-ние, Ин-т проблем малочисл. народов Севера; Якут. гос. ун-т им. М. К. Аммосова, Каф. север. филол.; Нац. б-ка Респ. Саха (Якутия) — сост.: В. Г. Белолюбская, Л. Н. Потапова, А. В. Рахлеева. — Якутск: Северовед, 1995. — 34 с.
- Варвара Окорокова. Андрей Кривошапкин — эбээн норуотун киэн туттуута. (Суруйааччы 70 сааһыгар). Ыстатыйа. — «Чолбон» сурунаал — 2010 — № 12 — С. 93—94.
Сигэлэр
- Национальная библиотека Республики Саха (Якутия): Книгакан: Андрей Васильевич Кривошапкин
- Литература түмэлин ситим-сирэ: Андрей Кривошапкин
- Государственное Собрание (Ил Тумэн) Республики Саха (Якутия)
- Официальный информационный портал Республики Саха (Якутия): Литературная муза Кобяйской земли