Роббек Василий Афанасьевич
Роббек Василий Афанасьевич — Саха Өрөспүүбүлүкэтин наукатын Академиятын академика, тыл үөрэҕин билимин дуоктара.
Олоҕун олуктара
- 1937 сыллаахха тохсунньу 6 күнүгэр Саха АССР Орто Халыма оройуонугар Үөһээ Халыма нэһилиэгэр эбээн дьиэ кэргэнигэр төрөөбүт.
- 1966 с. Ленинградтааҕы Герцен аатынан педагогика институтун Уһук Хоту омуктарын салаатын бүтэрбит.
- 1969—1973 сс. ССРС Наукаларын Академиятын Тылы билиигэ институтун Ленинградтааҕы салаатын аспирантуратыгар профессор В. И. Цинциус салалтатынан үөрэммит.
- 1974 с. — кандидат.
- 1992 с. — тыл үөрэҕин билимнэригэр доктор диссертациятын көмүскээбит.
Үлэтин 1956 с. саҕалаабыта. Оскуола-интэринээккэ иитээччинэн, Байду начаалынай оскуолатын учууталынан, ЫБСЛКС оройуонааҕы кэмитиэтин инструкторунан, Орто Халыматааҕы Березовкатааҕы Кыһыл чуум сэбиэдиссэйинэн үлэлии сылдьыбыта. Институуту бүтэрэн баран Орто Халыма Налимнааҕы аҕыс кылаастаах оскуолатыгар дириэктэрдээбит.
1973—1991 сс. ССРС наукаларын академиятын Сибиирдээҕи салаатын Саха Сиринээҕи филиалын Тыл, литература уонна история институтугар бастаан лаборантан саҕалаан старшай научнай үлэһиккэ дылы үүммүт.
В. А. Роббек — Хотугу аҕыйах ахсааннаах норуоттар кыһалҕаларын Институтун төрүттээччилэртэн биирдэстэрэ, 1992 сылтан 2008 сыллаахха дылы салайбыт.
Наҕараадалара уонна ытык ааттара
- Российскай Федерация наукаларын үтүөлээх деятелэ
- Саха Өрөспүүбүлүкэтин наукаларын үтүөлээх деятелэ
- В. Д. Лебедев аатынан Саха Өрөспүүбүлүкэтин бириэмийэтин лауреата [1]