1922 сыл

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт
Сыллар
1918 1919 1920 1921 — 1922 — 1923 1924 1925 1926
Уоннуу сыллар
1890-с 1900-с 1910-с — 1920-с — 1930-с 1940-с 1950-с
Үйэлэр
XIX үйэ — XX үйэXXI үйэ

1922 сыл.

Түбэлтэлэр

Тохсунньу

  • Тохсунньу 4 — Саха сиринээҕи губревком Дьокуускай уеһыгар (киин улуустарга) уонна Дьокуускайга байыаннай балаһыанньа биллэрбит.
  • Тохсунньу 6Москубаҕа Наркомнац коллегията Саха автономнай уобалаһын тэрийэргэ быһаарбыт.
  • Тохсунньу 10 — Үрүҥ этэрээттэрэ Амма солобуодатын төгүрүктээбиттэр. Амма гарнизонугар 382 киһи баара, хамандыырдара — венгр Карл Котрус. Осада 4 ый устата буолбут.
  • Тохсунньу 11 — 14 саастаах Канаада олохтооҕо Леонард Томпсон аан дойдуга бастакынан диабеты утары эми — инсулины ылбыт.
  • Тохсунньу 21 — РКП(б) киин кэмитиэтин политбюротун мунньаҕа буолбут, онно Саха уобалаһыгар автономияны биэрэр туһунан боппуруос көтөҕүллүбүт. Политбюро чилиэннэрин ыйытыыга Владимир Ленин ону кытта сөбүлэһэрин биллэрбит. ВЦИК бөрөсүүдьүмүгэр түмүктүүр быһаарыыны ыларыгар ыытар туһунан уураах ылбыттар.
  • Сэбиэттэр Саха сиринээҕи бастакы уйуостааҕы сийиэстэрэ саҕаламмыт. Сийиэс тохсунньу 27 күнүгэр түмүктэммитэ. Сийиэскэ Саха сирин автономията, бандьыыттааһыны утары охсуһуу, Волга тардыытыгар олорор сутаабыт дьоҥҥо көмө уонна экэниэмикэ саҥа бэлиитикэтэ (НЭП) ырытыллыбыттар.

Олунньу

  • Иннокентий Михайлов - Харачаас сахалартан бастакынан Кыһыл Знамя уордьанын ылбыт. Амма солобуодатыттан улахан суолталаах илдьити Дьокуускайга тиэрдэр сэрэхтээх сорудаҕы толоро барбыт үс киһиттэн кини соҕотох ордубут.
  • Олунньу 21 — ВЦИК бөрөсүүдьүмэ РСФСР иһинэн Саха АССР тэрийэр туһунан уураах таһаарбыт. Уураахха өрөспүүбүлүкэ кыраныыссатын быһаарар үлэ ыытыллыахтааҕа ыйыллыбыт. Иккис сиһилии уураах муус устар 27 күнүгэр тахсыбыта[1].
  • Олунньу 28 — Бандьыыттааһын тэнийбитинэн сибээстээн Дьокуускай куоратыгар осаднай балаһыанньа биллэриллибит.
  • Олунньу 28Эгиипэт Британияттан тутулуга суоҕун туһунан биллэриллибит.

Кулун тутар

  • Кулун тутар 2Дьокуускайга соҕурууттан Иван Строд хамандыырдаах 200 киһилээх кыһыл этэрээт кэлбит.
  • Кулун тутар 2Чурапчы сэлиэнньэтигэр саха интеллигенциятын сийиэһэ саҕаламмыт, кулун тутар 12 күнүгэр түмүктэммит. Сийиэс Саха уобалаһын норуотун быстах кэмҥэ салайыыны талбыт (ВЯОНУ - Временное Якутское областное народное управление). Большевиктары утары охсуһарга, Саха уобалаһыттан үүрэргэ быһаарыммыттар.
  • Кулун тутар 6Нестор Каландаришвили уонна кини штабын дьоно Табаҕа уонна Төхтүр икки ардыларыгар тоһуурга түбэһэн өлбүттэр. Сарсыарда 5 чааска Каландаришвили Төхтүртэн арахпыт, онтон 9 чааска Дьокуускайга Табаҕаттан илдьит киһи кэлэн быһылаан туһунан биллэрбит. Табаҕаттан 8 биэрэстэлээх сиргэ өрүс тас үөһүн (протока) икки кытылыгар оҥоһуллубут тоһуурга 100 кэриҥэ киһилээх, 100-чэ сыарҕалаах эшелон түбэспит. Быыһаммыт дьон сабаҕалааһыннарынан үрүҥ бандьыыттар ахсааннара 300-тэн тахса үһү.
  • Кулун тутар 10
    • Сергей Широких-Полянскай Дьокуускайга кэлбит.
    • кулун тутар 10-11 түүнүгэр РКП (б) губбюротун мунньаҕар Губбюро урукку салалтатын туоратыы түмүгэр Саха сирин салалтата уларыйбыта. Лебедевтээх "триумвираттарын" оннугар Бараахаптаах буолбуттара. Ойууунускай ахтарынан, Строд хамаандалаах красноармеецтар хоско көтөн түһэн тройканы арестыыллар. Строд икки илиитигэр наганнаах. Аныгы устуоруктар бу кэнниттэн Саха сиригэр ыытыллыбыт бэлиитикэни "Гуманная политика Барахова" диэн ааттыыллар.
  • П.Ф. Савлук дьаһалынан А.В. Агеев уонна штаб начаалынньыга (ревтрибунал бэрэстээтэлэ?) А.Г. Козлов. Ол туһунан Исидор Барахов Сиббюроҕа телеграммалаабыт. Хаайыллыбыт дьон диктатордыы толоос дьайыылара, хабыр-кырыктаах сыһыаннара олохтоох дьону бэйэлэрин утары туруорбуттар, ол түмүгэр өрөбөлүүссүйэни утары өрө туруу үоскээбит. Холобура, Козлов тохсунньу 2 күнүнээҕи бирикээһинэн үрүҥнэргэ утарыласпатах олохтоох дьонтон биэстэн биирин расстреллыырга дьаһайбыт эбит. Сотору Саха сиригэр үрдүкү былааһы Ревком ылбыт, бэрэстээтэлэ — Былатыан Ойуунускай, чилиэннэрэ — Исидор Барахов, Степан Аржаков, Семен Донской.
  • Кулун тутар 12
    • Дьокуускайга куорат хомуньуустары уопсай мунньаҕа буолбут. П.Ф. Савлук тыл эппит, 11 чыыһыла түүнүгэр былаастан туоратыллыбыт "триумвират" сыыһа дьаһаллары ылан нэһилиэнньэни сэбиэскэй былааһы утары туруорбутун кэпсээбит[2]
    • кулун тутар 2 күнүгэр Чурапчы сэлиэнньэтигэр саҕаламмыт саха интеллигенциятын сийиэһэ түмүктэммит. Сийиэс Саха уобалаһын норуотун быстах кэмҥэ салайыыны талбыт (ВЯОНУ - Временное Якутское областное народное управление). Бассабыыктары утары охсуһарга, Саха уобалаһыттан үүрэргэ быһаарыммыттар.
  • Кулун тутар 12Грузия, Армения уонна Азербайджан ЗСФСР диэн федеративнай өрөспүүбүлүкэни олохтообуттар, бу өрөспүүбүлүкэ ССРС састаабыгар киирбитэ.
  • Саха Өрөспүүбүлүкэтин Арассыыйаҕа бастайааннай бэрэстэбиитэлистибэтэ аан бастаан арыллыбыта.
  • Николай Хапилин баһылыктаах үрүҥ этэрээт Булуҥу ылбыт.
  • Кулун тутар 18Хохочой тоһуура: билиҥҥи Бүлүү улууһугар Хохочой сиригэр кыһыллар 19 киһилээх В. Шатаев хамандыырдаах этэрээттэрэ бастаанньыттар тоһуурдарыгар түбэспитэ.
  • Кулун тутар 18 сыллаахха Г.С. Слепцов (Үөһээ Халыма улууһун кулубата) баһылыктаах үрүҥнэр Хаһаачыйа сэлиэнньэтин ылбыттар. Бу дьон капитан Н.П. Хапилин этэрээтигэр киирсэллэр эбит.
  • Илья Канин үрүҥ этэрээтин атакалаабыт. Үрүҥнэртэн 200-чэ киһи өлбүт, кыһыллартан — 32 киһи өлбүт, 35 киһи бааһырбыт.

Муус устар

  • Муус устар 13Каландаришвилины кытта тоһуурга (кулун тутар 6 күнүгэр) түбэһэн өлбүттэр тиһиктэрэ бэчээттэммит.
  • Муус устар 18Бүлүү уеһын Хохочой сиригэр Орто Бүлүүгэ баран испит хомсомуол этэрээтэ үрүҥнэр тоһуурдарыгар түбэһэр. 19 киһилээх этэрээттэн икки эрэ киһи тыыннаах хаалар.
  • Муус устар 22Дьокуускайга хомуньуус баартыйа бюротун бөрөсүүдьүмүн мунньаҕар Саха уобалаһа мантан инньэ Аптанымыйалаах Социалистыы Сэбиэскэй Өрөспүүбүлүкэ буоларын туһунан Манифест ылыныллыбыта. Бу иннинэ 1920 сыллаахха Сибиирдээҕи кыһыл былаас быһаарыытынан Саха сирэ бастаан Иркутскай уобалас оройуона буола сылдьыбыта. Онтон бу намыһах статуһу уонна кыһыл террору сөбүлээбэккэ Саха сиригэр утарсыы үөскээбитин иһин (онтон сүрүннэрэ альтернативнай бырабыыталыстыба — ВЯОНУ — тэриллиитэ), түмүгэр, Саха сирэ бастаан төттөрү уобалас аатын ылбыта, онтон Дьокуускайга бу манифест ылыллан, аҕыйах хоноот муус устар 27 күнүгэр Саха АССР олохтонуутун туһунан Арассыыйа сүрүн былаастара Москубаҕа анал дэкириэт (сокуон) таһаараллар. Онон сибээстээн Сэбиэскэй былааһы утары өрө турбут дьон эйэлээх үлэҕэ көһөр буоллахтарына кинилэргэ амнистия биллэриллибит.
  • Муус устар 24Латвияттан төрүттээх Карл Байкалов (дьиҥнээх араспаанньата Некундэ) Саха уобалаһын сэриилэригэр Нестор Каландарашвили оннугар командующайынан ананан Дьокуускайга кэлэр. Кини кэлбитин кэннэ кыһыл былааһа олохтоохтор өрө турууларын утары хааннаах репрессияны уҕарыппыта, кэккэ эйэлээх миэрэлэри ылбыта.
  • Муус устар 27 — Бүтүн Сойуустааҕы ЦИК дэкириэтинэн Саха АССР төрүттэммит — Саха сирин судаарыстыбаннаһа олохтоммут. Бу дэкириэтинэн Саха Сиригэр урукку Саха күбүөрүнэтин сирдэрэ, Енисей губерниятын Хатанга-Анаабыр оройуона, Киренскай уезд Өлүөхүмэ-Сунтаар буолаһа, Хотугу Муустаах акыйаан илиҥҥи кэтирээһин 84 уонна 140 кыраадыстарын ыккардыгар сытар бары арыылара уонна Камчаатка уобалаһын Охуоскай уезда киирбиттэр.

Ыам ыйа

  • Ыам ыйын 21Киллэмнээҕи кыргыһыы буолбут, үрүҥнэр кыайтарбыттар.
  • Ыам ыйын 26Автономнай өрөспүүбүлүкэ биллэриллибитэ биир ый ааспытын кэннэ Дьокуускай куоратыттан осаднай балаһыанньа уһуллубут. Саха сиринээҕи Губбюро Исидор Барахов национальнай бэлиитикэ туһунан тезистэрин ылыммыт.
  • Ыам ыйын 27 — Саха АССР Өрөпкүөмүн уурааҕынан Саха АССР норуот хамыһаардара (билиҥҥиннэн миниистирдэр) анаммыттара.
  • Саха АССР Совнаркома — тэриллибитэ уонна бэс ыйын 1 күнүттэн үлэлиэхтээҕэ этиллибитэ. Совнаркомҥа киирэр норуот хамыһаардара икки хонук эрдэ анаммыттара[3].

Бэс ыйа

Атырдьах ыйа

Балаҕан ыйа

Алтынньы

  • Алтынньы 11 — Совнарком дэкириэтинэн саҥа харчы — червонец — киллэриллибит.
  • Якнарревдот диэн баартыйата суох олохтоохтортон турар этэрээттэри тэрийэр туһунан быһаарбыттар.
  • Алтынньы 25 — Иероним Уборевич хамандыырдаах Уһук илин өрөспүүбүлүкэтин аармыйата Владивостокка киирбит, манан Арассыыйаҕа Гражданскай сэрии сүрүн кыргыһыылара түмүктэммиттэр.

Сэтинньи

  • автономия олохтоммутунан сибээстээн түүлээҕи Арассыыйаҕа ыыппакка оннугар хаалларарга быһаарбыт.
  • Сэтинньи 1Осман Импиэрийэтин бүтэһик султана Мехмед VI бүрүстүөлүттэн батыммыт уонна дойдутуттан көскө барбыт. Инньэ гынан 6 үйэлээх Осман Импиэрийэтэ эһиллибит.
  • Сэтинньи 4Эгиипэккэ Ыраахтааҕылар хочолоругар Британия археолога Говард Картер уонна кини дьоно Тутанхамон фараон көмүүтүн булбуттар. Сотору кэминэн гробницаны арыйыыга сылдьыбыт сорох дьон өлбүттэрин кэнниттэн "фараон кырыыһын" туһунан сурах тарҕаммыт. Ол эрээри гробницаны арыйсыбыт дьон баһыйар үксүлэрэ кырдьар саастарыгар диэри тиийбиттэрэ.
  • Сэтинньи 15 — ВЦИК уурааҕынан Уһук Илиҥҥи өрөспүүбүлүкэ (нууч. Дальневосточная республика - ДВР) РСФСР састаабыгар киирбит. Бу өрөспүүбүлүкэ 1920 сыллаахха Дьоппуону кытары сэриилэспэт туһуттан буфер быһыытынан төрүттэммитэ.
  • Уһук Илин Өрөспүүбүлүкэтин бырабыыталыстыбата Сэбиэскэй Арассыыйалыын сойуустаһар туһунан быһаарыныы ылыммыт. Бу бутуурдаах соҕус түгэн, тоҕо диэтэххэ, икки хонук иннинэ сэтинньи 15 күнүгэр Сэбиэскэй Арассыыйа бырабыыталыстыбата (ВЦИК) өрөспүүбүлүкэни бэйэтигэр уобалас бырааптаах ылар туһунан уураах таһаарбыта. Бу судаарыстыбаҕа Чита куорат таһынан билиҥҥи Бүрээтийэ сирдэрэ, Хабаровскай кыраай (ол иһигэр сахалар олорор Үттэрэ), Приморскай кыраай сирдэрэ киирэллэрэ, оттон былыргыттан Саха сирин кытта ситимнээх Охуоскай, Айаан байҕал пуортара уонна билиҥҥи Магадаан уобалаһын байҕалын кытыла бу өрөспүүбүлүкэ "хонтуруоллуур" сирдэрин быһыытынан ааҕыллаллара.

Лев Троцкай хомсомуол сийиэһигэр ыччаты «наука гранитын кириҥ» диэн тута киэҥник тарҕаммыт ыҥырыытын таһаарбыт.

Ахсынньы

  • Семен Донской-1.
  • Губревком дьаһалынан Күбүөрүнэ архыыба тэриллибит.
  • Семен Донской-1.
  • Ахсынньы 29 — түөрт сэбиэскэй өрөспүүбүлүкэ ССРС үөскүүрүн туһунан дуогабарга илии баттаабыттар (РСФСР, УССР, БССР, ЗСФСР).
  • Ахсынньы 30
    • Верхоянскай куоратын үрүҥнэр осадалаан саҕлаабыттар. Осада кэлэр сыл бэс ыйын ортотугар диэри салҕаммыт.
    • ССРС диэн биир судаарыстыба үөскээбит. РСФСР, Украина ССР, Белорусия ССР уонна Закавказье СФСР киирбиттэр, киин куоратынан Москуба буолбут, бу түөрт өрөспүүбүлүкэ хаһан баҕарар сойуустан тахсар бырааптаахтара.

Төрөөбүттэр

Өлбүттэр

  • Оросин Роман Иванович (1892—1922) — саха уопсастыбаннай диэйэтэлэ, суруксут.
  • Ыам ыйын 6Каландарашвили Нестор, Саха Сиригэр Гражданскай сэрии кыттыылааҕа. Анархист. Дьокуускайга киирэн иһэн Табаҕа аттыгар тоһуурга түбэһэн өлбүт.
  • Сэтинньи 2Ионов Всеволод Михайлович (1851—1922) — Украинаҕа Буча ыстаансыйаҕа этнограф, народниктар хамсааһыннарын чилиэнэ өлбүт. Сахалар сиэрдэрин-туомнарын үөрэппит, оскуолалары тэрийээччи уонна педагог быһыытынан биллибит киһи.
  • Сүппүт кэми көрдөөн (À la recherche du temps perdu) диэн үлэ ааптара буоларынан ордук биллэр.

Литература

  • Калашников А. А. Якутия. Хроника, факты, события: 1917-1953 г. ч.2. — Дьокуускай: Бичик, 2004.
  1. И.А. Аргунов, С.Н. Васильев и др. 40 лет Якутской автономии. — Якутск: Якутское книжное издательство, 1962. — С. 21. — 191 с.
  2. ПА ЯОК, ф.3, оп.20, д.14, л.71
  3. Правительство Республики Саха (Якутия): Вехи истории, 1922-2008 / Л.С. Лепчикова и др.. — Якутск, 2009. — С. 16. — 300 с.