Самсонов Владимир Парфеньевич

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт
Владимир Парфеньевич Самсонов
Төрөөбүт күнэ: 3 тохсунньу 1922({{padleft:1922|4|0}}-{{padleft:1|2|0}}-{{padleft:3|2|0}})
Төрөөбүт сирэ: Александровское с., Ньурба улууһа, Саха АССР
Өлбүт күнэ: 26 атырдьах ыйын 1989({{padleft:1989|4|0}}-{{padleft:8|2|0}}-{{padleft:26|2|0}}) (67 сааһыгар)
Дойдута:

Россия империятаFlag of Russia.svg Россия империятаССРСFlag of the Soviet Union.svg ССРС

Үөрэммит кыһата: СГУ
Наҕараадалара:


Аҕа дойду сэриитин I ст. уордьана — 1985 Орден Красной Звезды
«Үлэҕэ уһулуччутун иһин» мэтээл
«Ленинград көмүскэлин иһин» мэтээл
Юбилейная медаль «За доблестный труд (За воинскую доблесть). В ознаменование 100-летия со дня рождения Владимира Ильича Ленина»
«Үлэ бэтэрээнэ» мэтээл

Самсонов Владимир Парфеньевич — Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа, саха учуонайа.

Олоҕун олуктара

1922 сыллаахха Александровское с. Ньурба улууһугар учууталлар Парфений Никитич уонна Надежда Евменьевна Самсоновтар дьиэ кэргэннэригэр төрөөбүт.

Дьокуускай 9 №-дээх орто оскуолатын бүтэрэн баран, 1940 сыллаахха Кыһыл Аармыйа кэккэтигэр ыҥырыллыбыт. Забайкальскай байыаннай уокурукка суолууспалаабыт. 1942 с. кууруска үөрэнэн атырдьах ыйыгар младшай лейтенант сыбаанньатын ылбыт уонна Волховскай фроҥҥа ыытыллыбыт. Миномет отделениетын хамаандалаабыт. Новгороды, Наарваны уонна Эстонияны босхолоспут. Хорсун быһыытын иһин Кыһыл Сулус уордьанынан[1] уонна «Ленинград көмүскэлин иһин» мэтээлинэн наҕараадаламмыт.

Сэрии кэнниттэн СГУ физика-математика факультетын бүтэрбит.

1956 сыллаахтан космоһы чинчийии уонна аэрономия институтугар космос сардаҥаларын лабораториятыгар үлэлээбит. 1971 с. кандидат аатын көмүскээбит. 40-н тахса дьүкээбил уотун уонна магнитосфераны чинчийэр научнай үлэлэрин бэчээттэппит.

1989 сыл атырдьах ыйын 26 күнүгэр өлбүт.

Наҕараадалара

Быһаарыылар

  1. 1,0 1,1 Наградные документы в электронном банке документов «Подвиг Народа»
  2. Карточка награждённого в электронном банке документов «Подвиг Народа»

Өссө маны көр

Сигэлэр