Самсонов Александр Парфеньевич
Самсонов Александр Парфеньевич | |
---|---|
Төрөөбүт күнэ | 11 ыам ыйын 1935 |
Төрөөбүт сирэ | |
Өлбүт күнэ | 27 ыам ыйын 2024 (89 сааһыгар) |
Өлбүт сирэ |
.
Самсонов Александр Парфеньевич — Российскай Федерация үтүөлээх артыыһа, саха норуодунай артыыһа.
Олоҕун олуктара
- 1935 сыллаахха ыам ыйын 11 күнүгэр Мэҥэ-Хаҥалас улууһугар Хаптаҕай сэлиэнньэҕэ учууталлар дьиэ кэргэннэригэр төрөөбүт.
- Хатас сэттэ кылаастаах оскуолатыгар, Дьокуускай 2 уонна 9 №-дээх оскуолаларыгар үөрэммит.
- 1957 с. Саха государственнай университетын тыл үөрэҕин факультетын бүтэрбит.
- 1958—1960 сс. — Сэбиэскэй Аармыйа кэккэтигэр сулууспалаабыт. Сулууспатын кэмигэр ырыа уонна үҥкүү ансамбылыгар кыттыбыт.
- Аармыйа кэнниттэн Дьокуускайдааҕы педагогическай училищеҕа музыка салаатыгар үөрэммит.
- 1964 с. — Дьокуускайдааҕы музыкальнай училищеҕа көһөн үөрэҕин салҕаабыт.
- 1964—1965 сс. — П. И. Чайковскай аатынан Москватааҕы государственнай консерваторияҕа туттарсан РСФСР искусствотын үтүөлээх деятелэ Д. А. Гамрекели кылааһыгар үөрэммит.
- 1980—1982 сс. — Саха государственнай музыкальнай театрын директора.
Айар үлэтэ
Ыллаабыт партиялара
- Сильвио (Паяцы, Р. Леонковалло)
- Шарплес (Чио-Чио-сан, Дж. Пуччини)
- Пристав (Борис Годунов, М. П. Мусоргский)
- Елецкий (Пиковая дама)
- Эбн Хакиа (Иоланта, П. И. Чайковский)
- Листрат (В бурю, Т. Хренников)
- Лоокуут уонна Күннэй (Лоокуут уонна Ньургуһун, Г. Григорян)
- Бэргэн (Колыбельная)
- Сэһэнньит (Сээркээн оҕонньор остуоруйата, З. Степанов)
- Краун (Порги и Бесс, Дж. Гершвин)
- Белогвардеец Араллан (Неугасимое пламя, Н. Берестов)
- Гаспар (Рита, или пиратский треугольник, Г. Доницетти)
- Шуфлери (Званый вечер с итальянцами, Ж. Оффенбах)
- Джеромо (Доротея, Т. Хренников)
Александр Самсонов итини таһынан нуучча норуотун ырыаларын: «Ой, полным полна коробушка», «Вечерний звон», «Живет моя красотка», «Ах, Настасья», «Утес», «Черный ворон», «Как пойду я на быструю речку», «Далеко-далеко степь за Волгу ушла»: А. Варламов, А. Гурилев, П. Булахов, М. Шишкин, Н. Листьев, Н. А. Римский-Корсаков, П. И. Чайковскай, Р. М. Глиэр уо. д. а. аатырбыт романстарын ыллыыр.
Дьиэ кэргэнэ, аймахтара
- Аҕата — Самсонов Парфений Никитич, РСФСР уонна Саха АССР оскуолаларын үтүөлээх учуутала, Үлэ Кыһыл Знамятын уонна «Бочуот Знага» уордьаннар кавалердара, норуот үөрэҕириитин туйгуна.
- Ийэтэ — Самсонова Надежда Евменьевна, Саха АССР оскуолатын үтүөлээх учуутала, норуот үөрэҕириитин туйгуна, Ленин уордьанын кавалера.
- Убайа — Самсонов Владимир Парфеньевич, Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа, биллиилээх учуонай.
- Убайа — Самсонов Николай Парфеньевич, Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа, сэрии хонуутугар өлбүт.
Наҕараадалара уонна ытык ааттара
- Саха комсомолун бириэмийэтин лауреата (1974)
- Саха АССР үтүөлээх артыыһа[1] (1977)
- Саха АССР норуодунай артыыһа[2] (1985)
- Российскай Федерация үтүөлээх артыыһа[3] (1996)
- Дьокуускай куорат ытык киһитэ (2000)[4]
А. П. Самсонов туһунан
2000 с. докумуоннарга олоҕурбут «Певец Великой Победы» (режиссер Н. Санаев) киинэ оҥоһуллубут.
Быһаарыылар
- ↑ Указ Президиума Верхов. Совета Якут. АССР от 23 авг. 1977 г. // Соц. Якутия. — 1977. — 26 авг.
- ↑ Указ Президиума Верхов. Совета Якут. АССР от 17 окт. 1985 г. // Соц. Якутия. — 1985. — 19 окт.
- ↑ Указ Президента Рос. Федерации от 30 авг. 1996 г. № 1284 // Респ. Саха. — 1996. — 6 авг.; «Саха сирэ». — 1996. Атырдьах ыйын 6 к.
- ↑ Почётные граждане. Официальный сайт окружной администрации города Якутска. Тургутулунна 13 От ыйын 2014.
Өссө маны көр
Сигэлэр
- Т.В. Павлова. 70 лет со дня рождения А. П. Самсонова. Национальная библиотека Республики Саха (Якутия). Тургутулунна 13 От ыйын 2014.
- Любовь Расторгуева. И память сердца говорит… // «Северная заря» : хаһыат. — 05.10.2012.