Төхтүр нэһилиэгэ (Хаҥалас улууһа)

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт
ПокровскайӨктөм нэһилиэгэӨктөм нэһилиэгэӨктөм нэһилиэгэНөмүгү нэһилиэгэБастакы Малдьаҕар нэһилиэгэБэстээх нэһилиэгэХачыкаат нэһилиэгэИккис Малдьаҕар нэһилиэгэБастакы Дьөппөн нэһилиэгэБастакы Дьөппөн нэһилиэгэСиинэ нэһилиэгэИккис Дьөппөн нэһилиэгэДьэр нэһилиэгэДьэр нэһилиэгэТөхтүр нэһилиэгэТөхтүр нэһилиэгэТиит-Арыы нэһилиэгэБэһис Малдьаҕар нэһилиэгэИһит нэһилиэгэТөрдүс Малдьаҕар нэһилиэгэТумул нэһилиэгэТумул нэһилиэгэӨлүөхүмэ улууһаГорнай улууһаАмма улууһаАлдан улууһаДьокуускайМэҥэ-Хаҥалас улууһаХаналас13.PNG
Төхтүр куйаартан көстүүтэ

Төхтүр нэһилиэк. Хаҥалас улууһун нэһилиэгэ, киинэ Төхтүр. Улуус хотугулуу-илин өттүгэр сытар.

Улуус кииниттэн 47 км хоту диэкки Дьокуускайдыыр суолга турар.

Нэһилиэнньэтин ахсаана — 795 киһи (2007 сыл), ол иһигэр Төхтүр — 790 уонна Карапат — 5 киһи.

Орто оскуола, дьыссаат, биэксэл-акушер пууна, кулууп, библиотека, СХПК «Хахсык», маҕаһыыннар, почта уонна АТС бааллар.

Төхтүргэ былыр Тыгын олоҕо баар үһү. 1862 сыллаахха почта станцията тэриллибит. Табаҕаттан нуучча ыаллара Козловтар, Соколовтар, Шепелевтар көһөрүллэн кэлбиттэр. Балар дьаамынан дьарыктаммыттар. 1901 сыллаахха таҥара дьиэтин оскуолата аһыллыбыт, онно 1901—1902 үөрэх сылыгар 4 уол үөрэммит. Гражданскай сэрии кэмигэр 1922 сыл бэс ыйын 10—11 күннэригэр кыһыллар үрүҥнэр соҕуруу бөлөхтөрүн сэриилэһэн кыайбыттар. 1921 сыллаахха 3 киһилээх улууска бастакы баартыйа ячейката тэриллибит, сэкиритээринэн А. Л. Суров талыллыбыт. Ол сылларга нэһилиэе Уулаах Аан тыа уопсастыбатыгар киирэр эбит. Олохтоохтор «Лебедь» диэн колхуос тэрийбиттэр. 1940 сыллаахха ол колхуос «Хардыы» диэн колхуоһу кытта силбэһэн Каганович аатынан колхуос буолбуттар. Аны ол колхуос 1950 сыллаахха «Красная звезда» колхуоһу кытта силбэһэн Каландарашвили аатынан колхуос буолбут. 1960 сыллаахха сопхуос буолбут уонна "Өктөм" диэн ааттаммыт. Ол сопхуос Төхтүрдээҕи биригээдэтэ үлэтин көрдөрүүтүнэн бастакы кэккэҕэ сылдьара. Аҕа дойду Улуу сэриитигэр 68 киһи барбытыта, онтон 39 төннүбэтэҕэ.

Бэлиэ сирдэр

  • «Куллаты» диэн былыргы неолит уонна эрдэтээҕи тимир үйэлэрин дьонноро тохтоон олоро сылдьыбыт сирдэрэ.
  • «Куллаты», Тыгын үйэтигэр сахалар судаарыстыбалара маҥнайгы хардыыларын оҥорбут бэлиэ сир.
  • «Ытык Хайа» анныгар «Хахсык Куолайа» диэн сиргэ Каландаришвили Н. А. 1922 сыллаахха өлбүт сиригэр өйдөбүнньүк.

Сигэлэр