Чурапчы
ОКАТО кода | Почта индексэ | ФНС инспекциятын кода | UTC |
98 258 870 001 | 678670 | 1446 | +10 |
Чурапчы — Чурапчы күөл аттыгар, Куохара үрэх кытыытыгар уонна тоҕус томторго турар. 1725 с. тэриллибитэ.
Историята
1725 сылга Охотскай тракка үөскээбитэ.
2013 с. XIX Манчаары оонньуулара буолан ааспыттара.[1] Ону ыытаары саҥа Боотур уус диэн ыстадьыйуону, многофункциональнай спорт комплексаны, паарканы туппуттара уонна 4.5 км суолу асфальтаабыттара.
Үөрэҕирии
Чурапчыга биэс орто оскуола, Чурапчы республиканскай спортивнай орто интернат оскуолата, Чурапчы улууhун гимназията,Чурапчы орто маҥнайгы уонна иккис оскуолалара бааллар,
Үрдүк үөрэх кыһаларыттан Чурапчы физическай культура уонна спорт института уонна Чурапчы политехническай колледжа баар.
Экономика
Улуус экономикатын сүрүн дьарыга - тыа хаһаайыстыбата.
Олохтоох дьоно
Олохтоох дьон ахсаана | ||||||
1959 | 1970 | 1979 | 1989 | 2002 | 2010 | 2018 |
2 826 | 4 557 | 5 210 | 6 232 | 7 526 | 8769 | 10 177 |
Чурапчыттан төрүттээхтэр
- 1938 сыл бэс ыйын 30 күнүгэр төрөөбүтэ Попов Борис Николаевич, философия доктора, профессор.
- 1954 сыл атырдьах ыйын 15 күнүгэр төрөөбүтэ Его́р Афана́сьевич Бори́сов — биллэр саха политига уонна общество үлэһитэ, 2003—2010 сс. Саха Сирин правительствотын баһылыга, 2010 сыл от ыйын 17 күнүттэн Саха Республикатын президенэ.
- 1958 сыл кулун тутар 23 күнүгэр төрөөбүтэ Ермолаев Терентий Степанович — история билимнэрин кандидата.
Нэһилиэккэ сыһыаннаах дьоннор
- 1888—1890 сыллардаахха Ястремскай Сергей Васильевич (1857—1931) — Саха Сиригэр көскө кэлэ сылдьан саха тылын грамматикатын үөрэппит киһи олоро сылдьыбыт.
Сигэлэр
- Чурапчы үөрэҕириитин управлениетын сайта
- Чурапчы физическай культура уонна спорт институтун сайта
- Чурапчы республикатааҕы спорт интернат оскуолата
- Чурапчинский улус на сайте Центра социально-экономического и политического мониторинга РС (Я)
- Чурапчы хаартыскалара
Быһаарыылар
2. http://www.gks.ru/free_doc/doc_2018/bul_dr/mun_obr2018.rar
[[Билэ:|50px|Чурапчы улууһа]] | Бу Чурапчы улууһун географиятыгар сыһыаннаах сиппэтэх ыстатыйа. Көннөрөн уонна эбэн көмөлөһүөххүн сөп. |