2010
Сыллар |
---|
2006 2007 2008 2009 — 2010 — 2011 2012 2013 2014 |
Уоннуу сыллар |
1980-с 1990-с 2000-с — 2010-с — 2020-с 2030-с 2040-с |
Үйэлэр |
XX үйэ — XXI үйэ |
2010 сыл.
Туох буолбута
Тохсунньу
- Бурдж-Халифа, аһыллыбыт.
- Тохсунньу 12 — Гаитига улахан сир хамсааһына буолбут. Түмүгэр 220 000-тан 300 000-ҕа дылы киһи өлбүт, Гаити киин куоратын Порт-о-Пренс үксэ урусхалламмыт.
- Тохсунньу 14 — Йемен "Аль-Каида" диэн террор тэрийэр бөлөххө аһаҕас сэриини биллэрбит.
- Тохсунньу 19 — Арассыыйа бэрэсидьиэнэ Дмитрий Медведев ыйааҕынан, федеральнай уокуруктар ахсааннара уларыйбыт (8 буолбут), Соҕуруу федеральнай уокурук састаабыттан Хотугу Кавказтааҕы федеральнай уокурук туспа араарыллыбыт.
- Тохсунньу 24 — Саха тыйаатырыгар Кындыл Уйбаан 80 сааһыгар аналлаах поэзия киэһэтэ ыытыллыбыт. Тэрээһин режиссера — Матрена Корнилова. 1960—1970 сс. тыйаатыр Сөдүөт Потапов уонна Кындыл Уйбаан тыйаатыра диэн аатынан биллэрэ.
- Тохсунньу 27 — Сан-Францискоҕа Apple хампаанньа тойоно Стив Джобс iPad диэн планшет көмпүүтэри көрдөрбүт.
Олунньу
- Олунньу 18 — WikiLeaks Челси Мэннинг диэн аатынан биллэр киһиттэн ылбыт сүүһүнэн тыһыынча кистэлэҥ докумуоннарыттан бастакытын бэчээккэ таһаарбыт.
- Олунньу 27 — Чиили киин оройуоннарыгар 8,8 бааллаах сир хамсааһына буолбут, 500-тэн тахса киһи ҕлбүт, тыһыынчанан дьон эмсэҕэлээбиттэр. Бу сир хамсааһыныттан саҕаламмыт цунами сотору кэминэн Гавайи арыыларыгар тиийбитэ.
- Олунньу 28 — Ванкуверга (Канаада) Кыһыҥҥы Олимпиада сабыллыбыт. Олимпиада былааҕа Сочи куоракка бэриллибит.
Кулун тутар
- Кулун тутар 9 — Ииндийэҕэ дойду түмэнин кырата үс гыммыт биирэ дьахталлартан туруохтааҕын туһунан сокуон ылыныллыбыт.
Муус устар
- Муус устар — "Беркакит-Томмот-Дьокуускай" тимир суол Алдан уонна Хаҥалас улууһун кирбиилэрин куоһарбыт.
Балаҕан ыйа
- Күөрдэм ыстаансыйаҕа үөрүүлээх быһыыга-майгыга тимир суол "үрүҥ көмүс" тиһилигэ ууруллубут.
Алтынньы
- Алтынньы 6 — Инстаграм диэн хаартысканы уонна видеону тарҕатар, ону кытары түмэт-ситим өҥөтүн оҥорор сиэрбис төрүттэммит.
- Алтынньы 14 — Бүтүн Арассыыйатааҕы 2010 сыллааҕы биэрэпис саҕаламмыт.
Ахсынньы
- Архнадзор» диэн түмэт-тэрилтэ "Арассыыйа Федерациятын норуоттарын култуураларын утумун туһунан" (нууч. «О культурном наследии народов Российской Федерации») сокуону уларытары утаран миитин тэрийбит. Бу уларытыы архитектура мэҥэлэрин алдьатары көҥүллүүр этэ. Маннык миитиннэр Арассыыйа элбэх куораттарыгар буолбуттар.
- Ахсынньы 19 — Минскэйгэ бэрэсидьиэн быыбарын күнүгэр оппозиция аахсыйатын хам баттаабыттар.
Төрөөбүттэр
Өлбүттэр
- Розинская Полина Константиновна (28.08.1912—2010) — саха норуодунай артыыһа.
- Тохсунньу 3 — Кашин Виталий Александрович (08.03.1946 төр.) — археолог, устуоруйа билимин хандьыдаата.
- Тохсунньу 13 — Надежда Николаева — учуонай, музыковед, хандьыдаакка диссэртээссийэтэ олоҥхоҕо уонна саха оператын олоҕуруутугар анаммыта.
- Олунньу 11 — Дмитриев Роман Михайлович — көҥүл тустууга Олимпиада чөмпүйүөнэ,
- Ыам ыйын 23 — Ангелина Файрушина — саха ырыаһыта, ырыа суруйааччыта
- Бэс ыйын 3 — Докалова Надежда Петровна (1957 - 2010), хотугу норуоттар ырыаларын айааччы уонна ырыаһыт.
- От ыйын 13 — Берестов Николай Савельевич (1932 — 2010), композитор.
- От ыйын 18 — Рыбаковскай Эдуард Михайлович (20.08.1927—18.07.2010) — биллиилээх суруналыыс.
- Балаҕан ыйын 6 — Еремисов Михаил Николаевич - сүүрүк-спортсмен, марафонец.
- Балаҕан ыйын 9 — Харитонов Николай Иванович (Чуор) (02.06.1935—09.09.2010) — бэйиэт, литэрэтиирэни ырытааччы.
- Алтынньы 24 — Егор Алексеев — аатырбыт саха устуоруга, публицист, СӨ билимин үтүөлээх диэйэтэлэ, Кулаковскай аатынан судаарыстыбаннай бириэмийэ лауреата, Нам, Таатта, Үөһээ Бүлүү, Ньурба улуустарын, Бүлүүчээн нэһилиэгин ытык олохтооҕо.
- Сэтинньи 6 — Гаврилова Мария Кузьминична, география доктора, СӨ Наукаларын академиятын академига
- Сэтинньи 14 — Моисей Ефимов — Саха норуодунай бэйиэтэ. Түөрт уонтан тахса сахалыы, нууччалыы тахсыбыт хоһоон хомуурунньугун ааптара. Хас да хомуурунньуга атын омук тылынан тахсыбыта.