Алтынньы 14

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт

Алтынньы 14 диэн Григориан халандаарыгар сыл 287-с күнэ (ордук хонуктаах сылга 288-c күнэ). Сыл бүтүө 78 күн баар.

Бэлиэ күннэр

Сорох халандаардар этэллэринэн бүгүҥҥүттэн Саха сиригэр кыһын саҕаланар (Бокуруоп). Былыргы сахалар бу кэмҥэ Хаардьыты бэлиэтииллэрэ — кыс хаар түһүүтүн[1]. Бу күннэр эргин Дьыл оҕуһугар (Телец сулус бөлөҕөр, уонна ол иһигэр баар Үргэлгэ) түүҥҥү халлааҥҥа ый киирэр буолар, кыһын саҕаланар. Чаҥыйдаан Хотун оҕолорунаан — Чысхаан кыыһынаан уонна Аам-Даам уолунаан — хотуттан чугаһыыллар диэн буолар.

  • Саха ӨрөспүүбүлүкэтэFlag of Sakha.svg Саха Өрөспүүбүлүкэтэ — Саха Өрөспүүбүлүкэтин Былааҕын күнэ. 1992 сыллаахха бу күн Саха Сэбиэскэй Социалистыы Өрөспүүбүлүкэтин (Якутская-Саха ССР) Үрдүкү Сэбиэтин VI сиэссийэтигэр бигэргэтиллибитэ (РФ судаарыстыбаннай геральдика регистрыгар № 183 бэлиэтэммитэ).
  • Аан дойдутааҕы Биирдэмнээһин (Стандарт) күнэ. 1946 сыллаахха бу күн 25 дойду испэсэлиистэрэ Лондоҥҥа мустан аан дойдуга биир стандаартары киллэрии туһунан кэпсэппиттэрэ, эһиилигэр Биирдэмнээһин аан дойдутааҕы тэрилтэтин (ISO) тэрийбиттэрэ. Күн 1970 сыллаахтан бэлиэтэнэр
  • БеларусьFlag of Belarus.svg Беларусь — Ийэ күнэ
  • ГрузияFlag of Georgia.svg Грузия — Мцхетоба (Мцхети куоракка баар Светисховели таҥара дьиэтигэр итэҕэлгэ сыһыаннаах сиэр-туом ыытыллар, дойдуга өрөбүл күн)
  • ЙеменFlag of Yemen.svg Йемен — Иккис өрөбөлүүссүйэ күнэ. Бу Аравия тумул арыы соҕуруу өттүгэр сытар судаарыстыба 2011 сылтан тохтообот гражданскай сэрии уотугар олорор
  • ПольшаFlag of Poland.svg Польша — Үөрэх күнэ (урут Учуутал күнэ)
  • ТанзанияFlag of Tanzania.svg Танзания — Ньерере күнэ. Юлиус Ньерере — холуонньаны кытта охсуһааччы, социалист, 1961-62 сс. Танганьика премьер-миниистирэ, 1963-64 сс. — бэрэсидьиэнэ, онтон Танганьика Танзания буолбутун кэннэ 1985 с. диэри дойдуну салайбыта
  • УкраинаFlag of Ukraine.svg Украина — Украина көмүскээччитин күнэ
  • Украинахаһаактарын күнэ

Түбэлтэлэр

  • 1066 — Гастингс кыргыһыытыгар Нормандия герцога Вильгельм сэриитэ Англия хоруолун сэриитин кыайбыт. Сотору кэминэн Вильгельм Англияны барытын сэриилээн ылбыта, кини буойуттара феодал буолан дойду сирин үллэстибиттэрэ. Мантан ыла биэс үйэ кэриҥэ Англия судаарыстыбаннай тылынан француз тыла буолар.
  • 1640 — Икки Саха сирин бойобуодалара Петр Головин уонна Матвей Глебов Москубаҕа ыыппыт суруктара Сибиир бирикээһигэр (Сибиир дьыалаларынан дьарыктанар тэрилтэ) тиийбит. Ол сурукка Илиим өрүс тардыытыгар киирэр сирдэргэ түһээн хомуйары көрдөспүттэр. Бу сири Енисей бойобуодата былдьаһар эбит.
  • 1681 — Сахалар хаһаактары утары тиһэх бөдөҥ өрө туруулара хам баттаммыт. Хаҥалас улууһун сахаларын баһылыга Дьэнник кыргыһыыга бааһыран билиэн түбэспит, аҕыйах хонон баран Дьокуускай остуруогар илдьэн тыыннаахтыы тириитин сүлэн өлөрбүттэр[2].
  • 1806 — Йена-Ауэрштедт кыргыһыытыгар Наполеон Улуу Аармыйата Пруссия аармыйатын урусхаллаабыт.
  • 1926"Чолбон" сурунаал маҥнайгы нүөмэрэ тахсыбыт. Сурунаал аата хаста даҕаны уларыйа сылдьыбыт: 1930-1937 сc. — "Кыһыл ыллык", 1938-1940 сc. — "Художественная литература", 1940-1998 сc. — "Хотугу Сулус", уонна 1999 сылтан ыла "Чолбон" диэн бастакы аата төннөрүллүбүт. Маны таһынан 1956 сылтан ыла "Хотугу Сулустан" нууччалыы "Полярная звезда" сурунаал туспа барбыт.
  • 1934Главсевморпуть салалтатын бирикээһинэн Дьокуускайга Өлүөнэтээҕи Авиагруппа тэриллибит.
  • 1943
    • Запорожье куорат ньиэмэстэртэн босхоломмут.
    • Собибор концлааҕырга өрө туруу буолбут, хаайыылаахтар харабыллары өлөртөөн баран күрээбиттэр — бу Үһүс рейх лааҕырдарыгар соҕотох ситиһиилээх өрө туруу этэ.
  • 1947Америка летчига Чак Йегер бастакынан тыас түргэнин куоһарбыт.
  • 1956Ииндийэҕэ тыытыллыбаттар касталарын басхана Бабасахиб Амбедкар уонна кинини батыһааччы 385 000 киһи индуизмтан буддизмҥа көспүттэр.
  • 1962 — АХШ разведчик сөмүлүөтэ Куубаҕа сэбиэскэй баллистическэй ракеталары туруора сылдьалларын хаартыскаҕа түһэрбит, мантан сылтаан кириисис саҕаламмыта, аан дойду үһүс сэриитэ буола сыспыта.
  • 1964 — ССРС-ка Никита Хрущев былаастан туоратыллыбыт. Леонид Брежнев ЦК КПСС бастакы сэкирэтээринэн буолбут. Кини 18 сыл тухары, 1982 сыллаахха диэри ССРС баһылыгынан олорбута.
  • 1986Уус Маайа аэропуордуттан көтөн тахсан испит Л-410 сөмүлүөт Алдан өрүһүгэр сууллан түспүт. Сөмүлүөккэ олорбут 14 киһи бары өлбүттэр.
  • 1991 — «Дьэбириэйдэр Саха сиригэр» диэн ыстатыйа Израиль «Наша страна» хаһыатыгар тахсыбыт.
  • 1992Ил Түмэн VI сиэссийэтигэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин былааҕын ылыммыт.
  • Ясир Арафат, Ицхак Рабин уонна Шимон Перес Палестина бэйэни салайаныытын туһунан сөбүлэҥҥэ кэлбиттэрин иһин Нобель Эйэ бириэмийэтигэр тиксибиттэр.
  • Амуур өрүһүгэр баар Тарабаров арыыта, Хабаровскай таһынааҕы Улахан Уссурийскай арыы уонна Аргунь өрүһүгэр баар (Чита уобалаһа) Большой арыы Кытайга бэриллэллэрин туһунан дөкүмүөҥҥэ бэрэсидьиэн Владимир Путин илии баттаабыт. 4 сыл буолан баран бу арыылар анал быһыыны-майгыны тутуһан Кытайга букатыннаахтык бэриллибиттэрэ.
  • 2010 — Бүтүн Арассыыйатааҕы 2010 сыллааҕы биэрэпис саҕаламмыт.

Төрөөбүттэр

Өлбүттэр

  • 1931Иван Кондаков — Саха сиригэр Бүлүү куоратыгар төрөөбүт синтетиичэскэй эрэһиинэни оҥоруу ньыматын бастакынан тобулбут биллиилээх хиимик-учуонай.
  1. билигин бэлиэтииргэ табыгастаах буоллун диэн, судургутутан Хаардьыт күнэ алтынньы 13 күнүгэр баайылла сылдьар
  2. Явловскай П.П. «Летопись города Якутска от основания его до настоящего времени», 1 туома, 54 с.