Алдан (өрүс)

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт
Алдан өрүс
Aldanrivermap.png
Төрдө Становой хребет
Ханна түһэрий Өлүөнэ өрүс
Тардыытын дойдута Россия
Уһуна 2273 км
Орто түһэрэр уута 5060 м³/с (төрдүн аттыгар)
Бассейнын иэнэ 729 000 км²
ГВР [https://verum.wiki/index.php?claster=gvr&q=18030600112117300000011 18030600112117300000011[2] 18030600112117300000011[3]]

Алдан өрүс диэн Өлүөнэ өрүс уҥа салаата, уһуна 2273 км, тэнийэн сытар иэнэ 729 тыһ. км², салаалартан уһуннара буолар уонна өрүс уутун 30% сүүрдүүтэ Алдаҥҥа тиксэр.

География

Алдан өрүс Становой сис хайа хоту өртүттэн саҕатын ылар. Өрүс үөһэ өттүгэр элбэх таас боруоктаах, алын өттүгэр хас да үөскэ арахсар. Улахан салаалартан: уҥа - Төмтөөн, Учур, Маайа, Ааллаах Үүн; хаҥас - Амма, Нуотара уонна Таатта. Өрүс 10 км уһун салааларын ахсаана 275. Тэнийэн сытар иэнигэр Алдан өрүс 114 тыһ. тахса уу сүүрүгүрэр салаалардаах уонна 51 тыһ. тахса күөллэрдээх.

Гидрология

Алдан өрүс сыллааҕы уутун ороскуота 5060 м³/сек. Халаан уута ыам ыйтан от ыйыгар дылы бэлиэтэнэр, уу таһыма 7 - 10 м. дылы үрдүүр, ороскуота - 30—48 тыһ. м³/сек. Муус туруута алтынньы ыйтан ыам ыйыгар дылы.

Хаһаайыстабата туһаныы

Алдан өрүскэ хатыыс балык элбэхтик тарҕаммыт. Борокуоттар Томмот куоракка дылы сылдьаллар, борокуот сүрүн тиксэр сирэ: Томмот, Уус-Майа, Хаандыга. Алдан өрүс кытылыгар кыһыл көмүс, таас чох, сүлүүдэ, уран сытар сирдэрэ биллэр.

Алдан өрүс салааларыгар ГЭС каскада тутуллуохтаах.

Алдан өрүс Өлүөнэҕэ түһэр сирэ
  1. Ресурсы поверхностных вод СССР: Гидрологическая изученность. Т. 17. Ленско-Индигирский район. Вып. 3. Бассейн р. Алдан / под ред. И. В. Осиповой. — Л.: Гидрометеоиздат, 1966. — 210 с.
  2. Ресурсы поверхностных вод СССР: Гидрологическая изученность. Т. 17. Ленско-Индигирский район. Вып. 3. Бассейн р. Алдан / под ред. И. В. Осиповой. — Л.: Гидрометеоиздат, 1966. — 210 с.
  3. Ресурсы поверхностных вод СССР: Гидрологическая изученность. Т. 17. Ленско-Индигирский район. Вып. 3. Бассейн р. Алдан / под ред. И. В. Осиповой. — Л.: Гидрометеоиздат, 1966. — 210 с.