Төмтөөн

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт

Төмтөөн өрүс. Алдан уҥа салаата. Уһуна 644 км. Тардыытын иэнэ 44400 км².

Баһа Становой сис хотугу эниэтигэр баар. Алдан үрдэлинэн дьирин хочоннон устар.

Уу ороскуота саас сөкүүндэҕэ 560 м³., Алтынньыттан ыам ыйыгар диэри тоҥ.

Дьүүктэлээх сирдэргэ тааҥныыр уонна тарыҥнанар.

Сүрүн салаалара: хаҥас өртүттэн Иенгра (148 км.), Чульман (166 км.), Хатымы (218 км.), Улахан Ыллымах (150 км.); уҥа өртүттэн - Нөльгүү (164 км.), Сеймдьэ (142 км.) уонна Дьолтулаах (152 км.)


Ылыллыбыт сирэ

Якутская АССР, словарь-справочник, Якутск, 1980 г.