Балаҕан ыйын 11

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт

Балаҕан ыйын 11 диэн Григориан халандаарыгар сыл 254-с күнэ (ордук хонуктаах сылга 255-c күнэ). Сыл бүтүө 111 күн баар.

Бэлиэ күннэр

  • Саха ӨрөспүүбүлүкэтэFlag of Sakha.svg Саха Өрөспүүбүлүкэтэ — Дьокуускай куоратын күнэ (2021, балаҕан ыйын иккис баскыһыанньатыгар бэлиэтэнэр)
  • АргентинаFlag of Argentina.svg Аргентина — Учуутал күнэ
  • ПакистаанFlag of Pakistan.svg Пакистаан — Мухаммад Али Джинна күнэ
  • АХШFlag of the United States.svg АХШ — 2001 сыл балаҕан ыйын 11 күнүгэр терактарга өлбүт дьону ахтарга аналлаах Патриот күнэ
  • Чиили былааҕа Чиили — Сальвадор Альенде күнэ
  • ЭфиопияFlag of Ethiopia.svg Эфиопия — Саҥа дьыл саҕаланыыта (Энкутаташ, ааҥл. Enkutatash)
  • КаталонияКаталония — Барселона осаадата бүппүт күнэ (1714)

Түбэлтэлэр

  • 9 — Тевтобург ойуурун иһин кыргыһыыга Рим импиэрийэтин устуоруйаҕа саамай бөдөҥ хотторуута буолбут. Онон Рейн өрүс Импиэрийэ уонна "варвардар" кыраныыссаларынан аныгыскы түөрт сүүс сылга хаалбыт.
  • Шотландия сэриилэрэ Англия сэриилэрин үлтүрүппүттэр. Англия хоруоллара 1296 сылтан ыла Шотландияны 1328 сыллаахха эйэ сөбүлэҥэ түһэрсиллиэр диэри сэриилии сатаабыттара да табыллыбатаҕа.
  • 1390 — Литва гражданскай сэриитэ (1389–1392 сс.): Тевтон рыцардара биэс нэдиэлэлээх Вильнюс куораты төгүрүктээһиннэрин саҕалаабыттар.
  • 1565 — Осман сэриилэрэ Мальтаны кыайан ылбакка төннүбүттэр.
  • 1697 — Зента кыргыһыытыгар Австрия аармыйата өрүһү туораан иһэр Осмаан аармыйатын урусхаллаабыт. Ол түмүгэр Австрия Венгрияны уонна Трансильванияны ылбыт, онтон Польша бэйэтигэр Украинаҕа баар киэҥ сирдэри ылбыт.
  • Форт-Росс).
  • 1829 — Миэксикэ сэриилэрэ Испания хоруоната ыыппыт Исидро Баррадас сэриитин Тампико аттынааҕы кыргыһыыга бэриннэрбиттэр. Миэксикэ тутулуга суох буолбут.
  • 1888Саха сирин епархиятын дьахталларга аналлаах училищета аһыллыбыт.
  • 1906 — "Сахалар сойуустара" тэрилтэ Киин кэмитиэтин чилиэннэрин уонна активистарын сууттааһын саҕаламмыт. Бу сойууһу тохсунньуга Василий Никифоров-Күлүмнүүр тэрийбит, сүрүн сыала-соруга — сири бас билии уонна бэйэни салайыныы туһугар охсуһуу.
  • 1914Финляндия оскуолаларыгар нуучча тылын уонна нуучча устуоруйатын чааһын элбэтэр туһунан бирикээс тахсыбыт, бу Николай II ыраахтааҕы Финляндияны нууччатытыытын бэлиитикэтин иһинэн дьаһал этэ.
  • 1920 — РКП (б) Саха сиринээҕи тэрилтэтин оргбюрота Саха сирэ күбүөрүнэ бырааптаах туспа уобалас быһыытынан сөргүтүллүбүтүнэн ситимнээн "өрөбөлүүссүйэни утарсыыны уонна сабатааһы утары" үлэлиэхтээх Күбүөрүнэтээҕи ЧК-ны тэрийэр туһунан уураах ылыммыт. Бастакы бэрэстээтэлинэн Дьокуускайтан төрүттээх Иосиф Альперович анаммыт.
  • 1943Аан дойду иккис сэриитэ: ньиэмэс сэриилэрэ Корсиканы уонна Косово-Метохияны оккупациялаабыттар.
  • 1944 — Аан дойду иккис сэриитэ: арҕааҥы союзниктар Германияҕа Аахен куорат аттынан киирбиттэр.
  • 1944 — Аан дойду иккис сэриитэ: Британия сөмүлүөттэрэ Дармштадт куораты буомбалаабыттарын түмүгэр 11 500 киһи өлбүт.
  • 1965 — Ииндийэ-Пакистаан сэриитэ: Ииндийэ аармыйата Лахор соҕуруулуу-илин өттүгэр баар Бурки куораты ылбыт.
  • 1967Кытай уонна Ииндийэ кыраныыссатыгар ытыалаһыы буолбут.
  • Аугусто Пиночет салалтатынан дойду быыбарынан таллылыбыт бэрэсидьиэнэ Сальвадор Альенде былаастан туоратыллыбыт. Пиночет 1988 сыллаахха референдумунан туораттыллыар диэри диктатордаабыта (ол эрээри былааска 1990 диэри олорбута).
  • Шенксвилл куорат аттыгар баар хонууга хампы түспүт. Балаҕан ыйын 11 күнүнээҕи түбэлтэлэр кэннилэриттэн АХШ аан дойдутааҕы терроризмы утары сэриини саҕалаабыта. Ол иhигэр 2001 с. Афганистанҥа уонна 2003 с. Ираакка саба түһүүлэр буолбуттара.

Төрөөбүттэр

Өлбүттэр