Балаҕан ыйын 11 саба түhүүлэрэ
Балаҕан ыйын 11 саба түhүүлэрэ | |
---|---|
Сирэ | Шенксвилл чугаhа. |
Даатата |
Балаҕан ыйын 11, 2001 8:46 – 10:28 (UTC-4) |
Саба түһүү көрүҥэ | Көтөр аалы күрэтии, Күргүөмнээх өлөрүү, Бэйэҕэ тиийиниилээх саба түһүү |
Өлбүттэр | 3,017 (ол иhигэр 24 сүппүт уонна 19 террорист) |
Эчэйбиттэр | 6,291 тахса |
Тэрийээччи | Осама бин Ладен. |
Балаҕан ыйын 11 саба түhүүлэрэ (атыннык Балаҕан ыйын 11 түбэлтэлэрэ эбэтэр 9/11) диэн террор быhылааннарын серията. Ол сарсыарда, Аль-Каида 19 авиалайнеры күрэтэн илдьэ барбыттар. Күрэтээччилэр авиалайнердартан иккитин World Trade Center игирэ баҕахтарыгар туһулаан харсыhыннарбыттар, онуоха бортка баар пассажирдар бары уонна тутууларга баар элбэх дьон өлбүттэр. Тутуулар икки чаас иhигэр сууллубуттар, чугастыы баар элбэх дьиэ эмиэ алдьаммыт. Үһүс авиалайнеры күрэтээччилэр Шенксвилл куорат аттыгар баар хонууга хампы түспүт, экипаhа уонна сорох пассажирдара көтөр аалынан салайыыны террористардыын былдьаспыттарын кэннэ.
Бу саба түһүүлэргэ бүтүннүүтэ 2,993 киhи өлбүт (олортон 19 террорист).[1][2] Бу ахсааҥҥа 90 тахса араас дойду олохтоохторо бааллар.
Балаҕан ыйын 11 түбэлтэлэрин кэнниттэн АХШ аан дойдутааҕы терроризмныын сэриини саҕалаабыттар. Ол иhигэр 2001 с. Саддам Хусейн режимнарын суулларар бастыҥ соруктардаах. Онтон ураты, АХШга дойду ис олоҕугар улахан дьайыылаах USA PATRIOT Act диэн федеральнай сиэр ылыныллыбыт. Саба түһүүлэр кэннилэриттэн Америка сорох үп биржалара кэлэр нэдиэлэ устата сабыллан турбуттар, салгын тиэйии уонна кутталтан харыстааhын индустриялара улаханнык ночоотурбуттар.
Саба түhүүлэр хронологията
- 8:46:30 (олохтоох кэм) — Boeing 767-200 WTC хоту баҕаҕыгар (WTC 1) кэтиллэр
- 9:02:59 — Boeing 767-200 WTC соҕуруу баҕаҕыгар (WTC 2) кэтиллэр
- 9:37:46 — American Airlines 77 сырыыта Boeing 757-200 Пентагон дьиэтигэр кэтиллэр
- 10:03:11 — United Airlines 93 сырыыта Boeing 757-200 Пенсильвания соҕуруулуу арҕаатыгар баар Шенксвилл куорат аттыгар баар хонууга сууллар, Уашиҥтонтан 240 км хоту диэки.
Хос быhаарыылар
- CBS News. Балаҕан ыйын 22, 2006. http://www.cbsnews.com/stories/2006/09/22/terror/main2035427.shtml.
- New York.
Билэ:OOjs UI icon clock-warning.svg | Бу историяҕа туһунан сиппэтэх ыстатыйа. Көннөрөн уонна эбэн биэрэн УРУБИИКИ көмөлөһүөххүн сөп. |