Нью Йорк
Нью Йорк New York City |
|||
Манhэттэн Рокфеллер Киинин соҕуруута, Бруклин күргэтэ, Көҥүл статуята уонна Times Square
|
|||
|
|||
Хос аата: The Big Apple, Gotham, The City That Never Sleeps, The Capital of The World (Caput Mundi), The Empire City, The City So Nice They Named It Twice. | |||
Нью Йорк илгэ | |||
Координаталара: 40°43′ с. ш. 74°00′ з. д.GЯO | |||
---|---|---|---|
Дойду | АХШ | ||
Ил | Нью Йорк | ||
Куораттар | Манhэттэн Стэйтен Айлэнд | ||
Тэриллиитэ | 1624 | ||
Cалалтата | |||
- Баhылык | Майкл Блумберг (тутулуга суох политик) | ||
Иэнэ | |||
- Куорат | 468,9 sq mi (1214,4 km²) | ||
- Сир | 304,8 sq mi (789,4 km²) | ||
- Уу | 165,6 sq mi (428,8 km²) | ||
- Urban | 3352,6 sq mi (8683,2 km²) | ||
- Metro | 6720 sq mi (17 405 km²) | ||
Үрдэлэ | 33 ft (10 m) | ||
Олохтоохторо (July 1, 2007) | |||
- Куорат | 8 274 527 | ||
- Чиҥэ | 27 147/sq mi (10 482/km²) | ||
- Urban | 18 223 567 | ||
- Метро | 18 815 988 | ||
- Демоним | New Yorker | ||
Кэм курдааһына | EST (UTC-5) | ||
- Сайын (Сайыҥҥы кэм) | EDT (UTC-4) | ||
Area code(s) | 212, 718, 917, 347, 646 | ||
Сайт: www.nyc.gov |
Нью-Йорк (Нью-Йорк метрополитена Аан дойдуга ордук улаханнарга киирсэр. Аан дойдутааҕы эргиэн, үп, култуура уонна аралдьыйыы киинэ буоларынан, Глобал (улахан суолталаах) куорат буолар. Холбоһуктаах Нациялар салалталара баар.
Нью Йорк макрокварталлара
Устуоруйата
Былыр бу миэстэҕэ Манахаттоу уонна Канарси диэн индийскэй билиэмэлэр олоро сылдьыбыттар. Инвуд-Хилл уонна Риверсайд бааркалар оройуоннарыгар ох саалары уонна да атын артефактар булуллубуттара, бу дьон олоро сылдьыбыттарын туоһулуур. Дьобуруопа дьоно 1624 с. кэлбиттэрэ биллэр. 1664 с. Аангылыйа байыаннайдара куораты былдьаан бас билбиттэрэ уонна Нью-Йорк диэҥҥэ уларыппыттар (герцог Йорский диэн бас билиини салайбыт киһи аатынан). Ол иннинэ Саҥа Амстердам (ааҥл. New Amsterdam) диэн ааттаах эбит.
XIX ү. иммиграннар кэлэннэр куорат олохтоохторун ахсаана биллэ үрдүүр. 1825 с. Нью-Йорк Филадельфия куораты ситэн АХШ-га ордук улахан куорат буолар. ХХ ү. саҕаланыытыгар бырамыысыланнас, атыы-эригэн уонна сибээс киинэ буолар. 1904 с. Интерборо-Рэпид-Трэнзит метрону оҥорор бастакы хампаанньа арыллар. 1930-сс халлааҥҥа тиийэр дьиэлэр тутуллан барбыттара.
Географията
Холбоhуктаах Штаттар хотугулуу илинигэр, Атлантическай океан кытылыгар турар. Биэс ирээттээх: Манhэттэн, Стэтен Айлэнд.
2008 с. учуонайдар быһаарыыларынан, куорат хоту өттүгэр 40 км ыраах сиргэ икки геологическай алдьаныылар бааллара биллибит. Бу манна 7 магнитудалаах сир хамсааһына тахсыан сөп эбит.
Нэһилиэнньэтэ
Олохтоохторун ахсаана 8,274,527, иэнэ 790 км2. Нью Йорк метрополитен сирин олохтоохторун ахсаана 18,815,988 уонна иэнэ 17,400 км2.
2005 сыл көрдөрүүтүнэн, Нью-Йорка 170 араас тылынан саҥарар дьон баара биллибит. Олортон 36%-на имиграннар.
Туризыма
2010 с. Нью-Йорк куоракка 48,7 мөлүйүөн турист кэлэ сылдьыбыт.
Нью-Йорк аан дойду үрдүнэн киэҥник биллэр сирдэрдээх: Көҥүл статуята, Уолл Стрит, New York Stock Exchange, Empire State Building уо.д.а.
Быһаарыылар
Өссө маны көр
Билэ:Emoji u1f5fa.svg | Бу географияҕа туһунан сиппэтэх ыстатыйа. Көннөрөн уонна эбэн биэрэн УРУБИИКИ көмөлөһүөххүн сөп. |
Error: бастакы строкатыгар ойуу баар буолуохтаах | Бу ыстатыйаны тупсарарга?: |