Куорат
Куорат (сахалыы Хото) диэн элбэх дьон бииргэ мустан олохсуйбут түөлбэ сирэ. Куорат олохтоохторо үксүн Индустриализацияламмыт куорат сайдыылаах санитария, олохтоох сырдатыы, канализация, телекоммуникация), сир, урбанизация хамнала баран билигин Сир дьонун улахан аҥара куораттарга олороллор. Аныгы куораттар тула хото түөлбэлэр үөскүүллэр. Хото түөлбэ олохтоохторо куорат киинигэр күн аайы үлэлии, үөрэнэ, дьаарбайа бараллар, онтон киэһэ дьиэлэригэр төннөллөр. Бу маннык быһыы "биэтэҥниир миграция" дэнэр. Куорат дьонун ахсаана тохтоло суох улаатыыта элбэх түмэт ыйытыктарын үөскэтэр - киртийии, туруктаах сайдыы, ас-уу итэҕэстэрэ.
Хото диэн түүр-моҕол омуктар былыр хас да аймахтыы ыаллар түмсэн олорор сирдэрин ааттыыллара. Кэккэлии атын хотолор эмиэ үөскүүллэрэ, сыыйа хотолор бэйэ бэйэлэрин кытта холбоһон бу аат куорат диэн суолталаммыта. Саха Хутун өстөрүн кытта биир төрүттээх.
Хала диэн тула хахха эркиннээх куораты ааттыыллар. Билигин сорох түүр тылларыгар "хала" өс куорат курдук суолталаах туттуллар.