Дьиэ

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт
Билэ:High street Barbados.jpg
Барбадоска баар Өҥнөөх дьиэ
Билэ:20031012-002-houses-st-albans.jpg
Англияҕа Кирппииччэттэн оҥоһуллубут дьиэлэр эрээтэ

Дьиэ диэн дьоннор олорор тутуулара буолар. Наар турар тутуу буолар, ол курдук хомуйан баран көһөрөргө ыарахан буолар, ол аата балаакка буолбат. Дьон биир сиргэ син уһуннук олорор буоллахтарына, ол сири Дьиэ диэн ааттыыллар.[1]

Дьиэлэр араас кээмэйдээх уонна көрүҥнээх буолаллар. Биир хостоох буолуон сөп, ол эбэтэр хосторо сүүстэн тахса буолуон сөп. Араас таһымнаах буолуохтарын сөп. Холбоммут дьиэлэр эрээтинэн турар буолуохтарын сөп, араас таһымнаах буоллаҕына кыбартыыра диэн ааттанар.[2]

Дьиэҕэ ардахтан уонна күнтэн хахханарга кырыыһалаах буолар. Тымныыттан уонна тыалтан хаххаланарга истиэнэлэрдээх буолар. Үксүгэр сырдыгы киллэрэргэ түннүк аһыылаах буолар. Араас дойдуларга дьиэлэр араас араас буолаллар - матырыйааллара уонна истииллэрэ.

Дьиэлэр араастара

Билэ:Single-family home2.jpg
АХШга саҥа тутуллубут туспа турар дьиэ.

Аныгы дьиэлэр араас соруктаргар арахсар хостордоох буолаллар, ол курдук аһы бэлэмниир хос, аһыыр сир, утуйар сир, суунар сир. Үксүгэр бу араас араас хосторго баар буолаллар. Кухня, гостиннай, ваннай, туалет диэн аттаналлар.

Дьиэ тутуутугар туттуллар материаллар

Үксүгэр дьиэ боростуойдук булуллар эбэтэр атыыланар матырыйааллартан тутутуллаллар. Ол иһин араас араас дэрибинэлэргэ дьиэ көрүҥэ араас араас буолуон сөп. Аныгы дьиэлэр матырыйааллара чэпчэкитик таһыахха сөп ол аата тутар дьоҥҥо быыбар оҥоруута боростуой буолар.

Туой

Билэ:Bahareque llanos house from Venezuela.JPG
Вэнисуэлаҕа баар туойтан уонна мастан оҥоһуллубут дьиэ.

Аан дойду элбэх сиригэр туой дьиэ туттуутугар тутаах матырыйаал буолар.

Ааҥылыйаҕа кирпииччэттэн уонна плиткаттан оҥоһуллубут дьиэ.

Кирпииччэ

  • Туой туттуллар буоллаҕына уматтахха быдан кытаанах уонна бөҕө буолара быһаарыллыбыт. Уу түстэҕинэ арахсан хаалбат уонна сороҕор тыыһынча сылы быһа харыстаныан сөп эбит. Былыргы Римҥа тутуллубут сорох дьиэлэр билигин даҕаны тураллар.
  • Кирпииччэ билигин тутар матырыйааллартан биир ордук тарҕаммыт сэп. Куораттар улахан өттө кирпииччэттэн тутуллаллар, тоҕо диэн бөҕө уонна кытаанах буолаллар.
Билэ:Domki budnicze Poznań.jpg
Познань куоракка тутуллубут араас өҥнөөх кыараҕас дьиэлэр.
Кирпииччэ ыйааһына ыараханын иһин дьиэ бөҕөтүк турарыгар кытаанах база ол эбэтэр фундамент баар буолара булгуччулаах. Ол иһин дьиэлэр тутуллуон иннинэ фундамены бөҕөргөтөргө котловаан хаһыллар.
Кирпииччэттэн оҥоһуллубут истиэнэлэр үксүгэр черепицаттан оҥоһуллубут кырыысалаах буолааччылар, тоҕо диэн кирпииччэ оҥорор собуот черепицаны оҥорооччу.
Билэ:Maplecroft.jpg
"Мэйплкрофт" - Техасска мастан оҥоһуллубут историческай дьиэ

Мас

Мастан оҥоһуллубут дьиэлэр ханна баҕар көрсүөххэ сөп, тыа баар буоллаҕына[3].

  • Урут уруккуттан дьиэ тутар ньыма.
  • Улахан аҥара каркааһа мас буолар, тас өттүттэн тугунан эмит саайыллар оччоҕуна мас буорту буолбат.
  • Сорох дьиэлэр каркаастара мас буолар уонна таһынан өссө кирпииччэнэн ууруллар, оннук дьиэлэр хара виниир диэн ааттанар
Билэ:Weilburg - Tiergarten - Dillhäuser Bauernhaus.jpg
Германияҕа мас аҥардаах ферма дьиэтэ

Half-timbered houses

A well-known type of old-fashioned house is the "half-timbered" house. These are seen in the British Isles, France, and across northern Europe and the Alps. These houses date mainly from about 1200 to about 1800.

  • Half-timbered houses are houses that have a wooden frame built up of lots of thick timber pieces that are generally quite short. The timbers are arranged in a pattern with lots of diagonal pieces to act as braces. The strong wooden frame is then filled in with all sorts of other material. In some houses the "infil" is mainly of brick. In other houses, "wattle and daub" is used between the timber. Other houses have infil of "rubble" (rough stones) in clay or mud. The "infil is generally plastered over and painted white (or in some places a colour) while the timbers are often stained black. If they are not stained, they turn pale silvery grey. Hundreds of these houses exist, including some that are quite grand. In the 1800s and early 1900s, there was a fashion to copy "half-timbering" on modern brick houses.
A cottage of "undressed" stone with brick chimneys in Australia
Билэ:Benslie cottages.JPG
A cottage of "dressed" stone in Scotland

Таас дьиэлэр

Таас элбэх баар сиригэр дьиэни таастан оҥороллор.

  • Ордук эргэ хараныллыбыт дьиэлэр таастан оҥоһуллубуттар.

Аныгы дьиэни тутуу

Аныгы дьиэни тутуу процеһа

Үксүгэр аныгы дьиэлэр собуокка оҥоһуллубут полуфабрикаттартан чэпчэкитик холбонон тутуллар. Билигин тутуллар дьиэлэр матырыйааллара XX үйэҕэ арыллыбыттара.

  • Дьиэлэр үксүлэрэ тимир каркаатаах буолаллар
  • Истиэнэлэрэ уонна кырыысата араас мас волокнолардаах уонна цеменнах оҥоһуллубут дуоскалартан тутуллар. Ол доскалар чараас уонна таһарга чэпчэки уонна тутарга чэпчэки буолар курдук оҥоһуллар. Мастан уонна кирпииччэттэн чэпчэкитик туруоруллар.

Быһаарыылар

  • Nicholas Pevsner, An Outline of European Architecture, Pelican, ISBN
  • Trewin Copplestone, Ed., World Architecture, Paul Hamlyn, ISBN
  • John Summerson, Architecture in Britain, Pelican, ISBN 0140560033
  • Trevor Yorke, Tracing the History of Villages, Countryside Books, ISBN 1-85306-712-1
  • Richard Reid, The Book of Buildings, the Architecture of Europe and North America, Peerage Books, ISBN 0-907408-89-3
  • R. Apperly, R. Irving and P.Reynolds, A Pictorial Guide to Identifying Australian Architecture, Angus and Robertson's, ISBN 0-207-16201-8
  • W.R. Dalziel, All-Colour Guide to Architecture, Grosset and Dunlap, ISBN 0-448-00863-7

Быһаарыылар