Саха сирин епархиятын дьахталларга аналлаах училищета

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт

Саха сирин епархиятын дьахталларга аналлаах училищета — XIX үйэ бүтүүтүгэр, XX үйэ саҕаланыытыгар кэлин өрөспүүбүлүкэҕэ уонна Арассыыйаҕа да биллибит элбэх дьахтар үөрэммит сирдэрэ.

1888 с. аан бастаан арыллыбыт. Аһыллыыта балаҕан ыйын 11 буолбут. Училищеҕа духуобунай сыбаанньалаах да таҥара үлэһиттэригэр да сыһыана суох кыргыттар ылыллаллар эбит. Үөрэтэр иитэр үлэ аналлаах дөкүмүөннэринэн салаллар эбит: епархиялар дьахталларга аналлаах училищеларын устааба, духуобунай-үөрэх биэдэмистибэтин циркулярдара уонна Сибэтиэй Синод бигэргэппит Бырагырааммалара.

Епархия училищалара дьахтар гимназиятыгар тэҥнээтэххэ консервативнайдар эбит. Таҥараҕа сыһыаҥҥа, сиэрдээх буолууга ордук болҕомтолорун уураллар эбит. Иитиллээччи кыргыттарга кытаанах эрэсиимнээхтэр эбит.

Саха сирин епархиятын училищетыгар маннык бирэдимиэттэр булгуччулаахтар эбит: Закон Божий, нуучча тыла уонна словесноһа, математика, география, история, физика, чистописание, сыаркап ырыата уонна педагогика. Эбии омук тыла, музыка, уруһуй уонна рукоделие биэриллэллэр эбит.

Үөрэтии уонна кэпсэтии нуучча эрэ тылынан барар эбит. Салалта иитиллээччилэр сахалыы кэпсэтэллэрин кытаанахтык бобор эбит, буруйдаахтар сэмэҕэ тардыллаллар эбит.

Өссө маны көр

Сигэлэр

Аграфена МАКАРОВА, «Вызывая стремление к истине, правде, добру…», «Илин» сурунаал, 2001, 3-4№