Сэтинньи 26

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт

Сэтинньи 26 диэн Григориан халандаарыгар сыл 330-с күнэ (ордук хонуктаах сылга 331-c күнэ). Сыл бүтүө 35 күн баар.

Бэлиэ күннэр

Түбэлтэлэр

  • 1394Сеул Кэриэйэ киин куората буолбут.
  • 1812 — Березина диэн өрүс таһыгар нуучча сэриитэ Арассыыйаттан тэскилээн иһэр французтары кыргыбыт. Өрүһү туорааһыҥҥа французтар өттүлэриттэн элбэх көннөрү, саллаат буолбатах дьон, дьахталлар уонна оҕолор өлбүттэрэ.
  • 1924Монголия Народнай Өрөспүүбүлүкэтэ төрүттэммит — аан дойдуга иккис социалистыы судаарыстыба.
  • 1939Майнилатааҕы түбэлтэ. Майнила диэн сэбиэскэй дэриэбинэ аттыгар сылдьыбыт саллааттары Финляндия өттүттэн пушканнан ытыалаабыттарыгар күтүрээбиттэр. Фииннэр билиммэтэхтэр, кыраныыссаҕа пушкабыт да суох диэбиттэр, силиэстийэ ыытарга модьуйбуттар, Сэбиэскэй бырабыыталыстыба онтон батыммыт уонна түөрт хонугунан сэриини биллэрбит.
  • Пёрл-Харборга айанын саҕалаабыт.
  • 1965Франция бастакы «Asterix» спутнигын куйаарга көтүппүт.
  • 1970Кариб байҕалыгар баар Гваделупа киин куоратыгар Бас-Терреҕэ биир мүнүүтэ иһигэр 38,1 мм ардах түспүт. Бу аан дойду устуоруйатыгар регистрацияламмыт саамай күүстээх ардах.
  • 1992 — Арассыыйаҕа хостонор алмааһы кыраныысса таһыгар «Арассыыйа-Саха алмаастара» эрэ атыылыахтаахтарын туһунан ыйаах тахсыбыт.
  • Чэчиэн бастакы сэриитэ саҕаламмыта.
  • 2002Саха Өрөспүүбүлүкэтин уонна Москуба бырабыыталыстыбалара атыы-эргиэн, наука-техникэ уонна култуура эйгэлэригэр 2002—2006 сылларга бииргэ үлэлиир туһунан сөбүлэҥҥэ илии баттаабыттар.
  • Сахабилиибанк" лиссиэнсийэтэ ууратыллыбыт.
  • 2008Ил Түмэн уурааҕынан Эдьигээн улууһа "эбэҥки национальнай улууһа" диэн стаатустаммыт.

Төрөөбүттэр

Өлбүттэр

  • 1964 — Кирилл Горохов (22.07.1928 төр.) — Саха Сирин өрөбөлүүссүйэ иннинээҕи устуоруйатын, аҕыйах ахсааннаах хотугу омуктар устуоруйаларын чинчийбит учуонай, устуоруйа билимин хандьыдаата.
  • Бернардо Бертолуччи (1941 төр.), Италия кинорежиссёра, драматург уонна бэйиэт, Оскар бириэмийэ лауреата.