Попов Григорий Андреевич

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт
Попов Григорий Андреевич

Попов Григорий Андреевич (26.11.1887—06.12.1942) — Саха сиригэр төрөөбүт нуучча аҕабыыта, чинчийээччитэ, уопсастыбаннай диэйэтэлэ.

Олоҕун олуктара

Арҕаа Хаҥалас улууһун Өктөмүгэр нуучча аҕабыытын кэргэнигэр төрөөбүтэ. Поповтар уустара 1764 с. Сунтаардааҕы Введенскэй таҥара дьиэтин төрүттээбит, Улуу Устюгтан кэлбит аҕабыыт Попов Василий Иннокентьевичтан саҕаланар. Григорий Андреевич аҕата Андрей Григорьевич Попов ол саҕана Өктөм таҥаратын дьиэтигэр псаломщиктыыр эбит (кэлин диакон, таҥара дьиэтин оскуолатын учуутала, Абаҕа аҕабыыта). Ийэтэ эмиэ аҕабыыттартан төрүттээх — протоиерей Петр Кузьмич Попов кыыһа.

Григорий кыра эрдэҕиттэн саха оҕолорун кытта улааппыт буолан саха тылын төрөөбүт тылын курдук билэрэ. Сэттэ сааһыттан уолу аҕата ааҕарга үөрэппит, онтон Дьокуускайга репетитор наймылаһан үөрэттэрбиттэр, кэлин Мариинскай приюкка үөрэттэрэ биэрбиттэр. Онтон Абаҕаҕа начаалынай оскуолаҕа үөрэммит. 1899 сыллаахха 12 сааһыгар Дьокуускайдааҕы духовнай училищеҕа киирбит. Онно биирдии кылааска иккилии сыл хаала-хаала үөрэнэн 3 сыллаах үөрэҕи 6 сылынан бүтэрбит.

1905 с. Дьокуускайдааҕы духовнай семинария бастакы куурсугар киирбит. Манна үөрэнэр сылларыгар В. Чепаловтыын «Маяк» марксистскай куруһуокка сылдьар. Семинария уопсайыттан үүрүллэр уонна икки сыл полиция кэтэбилигэр сылдьар. 1911 с. семинарияны бүтэрэр. Дьокуускайдааҕы духовнай консисторияҕа үлэлиир, онтон харчы мунньунан баран 1913 с. Казааннааҕы духовнай академияҕа монгуол салаатыгар киирэр. 1917 с. экзээмэннэрин ситиһиилээхтик туттарар уонна бэс ыйыгар кандидатскай үлэтин көмүскээн богословия кандидаата буолар. Тиэмэтэ «История христианского просвещения якутов и других инородцев Якутской области»[1].

Өссө маны көр

Быһаарыылар

  1. «Историк Г. А. Попов, его жизнь и научное наследие». Л. Н. Жукова с соавт., «Сочинения» ИГИ АН РС(Я), 2005, Киирии ыстатыйа