Ахсынньы 16
Ахсынньы 16 диэн Григориан халандаарыгар сыл 350-с күнэ (ордук хонуктаах сылга 351-c күнэ). Сыл бүтүө 15 күн баар.
Бэлиэ күннэр
- Баҥладеш — Кыайыы күнэ. 1971 сыллаахха Илиҥҥи Пакистаан босхолонор сэриигэ Ииндийэ өйөбүлүнэн кыайан Пакистаантан туспа судаарыстыба буолбут. XX үйэ ордук хааннаах сэриилэриттэн биирдэстэрэ этэ, үс мөлүөйүөн кэриҥэ киһини Пакистаан сэбилэниилээх күүстэрэ өлөрбүттэрэ.
- Бахрейн — Дойду күнэ. 1971 сыллаахха Британияттан тутулуга суох эмират буолбут
- Испанидад (исп. Hispanidad) — Лас-Посадас. Испаан тыллаах дойдуларга Мария уонна Иосиф Иисуһу төрөтөллөрүгэр барбыт тургутууларын кэриэстээн тоҕус хонуктаах бырааһынньык саҕаланар күнэ
- Казахстаан — Тутулуга суох буолуу күнэ
- Таиланд — Спорт күнэ
- Индира Ганди дойдуну салайар кэмигэр 1971 сыллаахха 93000 киһилээх Пакистаан аармыйата бэриммит, Бангладеш туспа барыытын туһугар Пакистаанныын сэрии түмүктэммит
- Соҕуруу Африка — Эйэлэһии күнэ, урут Африканердар Андаҕардарын күнүн быһыытынан бэлиэтииллэрэ
Түбэлтэлэр
- Бату Хаан сэриитэ Рязань куораты төгүрүктээбит. Биэс хонугунан ылбыттара, көмүскээччилэри өлөртөөбүттэрэ, куораты урусхаллаабыттара. Княжество киин куоратынан Рязаньтан биэс көстөөх сиргэ турар Переславль-Рязанскай буолбута, билигин Рязань диэн ааттанар.
- 1707 — Дьоппуоҥҥа Фудзи вулканын бүтэһик бэлиэтэммит эстиитэ саҕаламмыт.
- 1773 — Британия Хотугу Америкатааҕы колониятыгар аатырбыт Бостоннааҕы чэйдээһин буолбут. Олохтоох колонисттар саҥа "Чэй сокуонун" утары бырачыас биллэрэн сүүһүнэн чэй хоппотун байҕал хомотугар быраҕаттаабыттар. Бу бырачыастар тэбиэһирэн Америка өрөбөлүүссүйэтигэр кубулуйбуттара.
- бастакы сэрии саҕаламмыт. 1833 сыллаахха Англия холуонньаларыгар кулуттааһыны суох оҥорбут, ону сөбүлээбэтэх Соҕуруу Африка буурдара (Голландияттан төрүттээх дьон сыдьааннара) өрө турбуттара, туспа икки судаарыстыба тэриммиттэрэ (Соҕуруу Африка өрөспүүбүлүкэтэ уонна Оранжевай). 1850-с сс. ол сирдэргэ алмаас көстүбүтэ, онтон сылтаан Британия ити сирдэрин бэйэтигэр төттөрү холбообута, уонна буурдартан тутулуга суох олорбут кэмнэригэр нолуок төлөөбөккө олорбуттарын иэс баайбыта. Мантан сылтаан буурдар өрө турбуттара, сэрии саҕаламмыта.
- 1897 — Саха уобалаһын салалтатын быһаарыытынан буоластар тэриллибиттэр: Бүлүү уокуругар — Ньурба, Өлүөхүмэ уокуругар — Нохтуйскай уонна Чокуур, Дьокуускай уокуругар — Амма, Иһит, Павловскай уонна Покровскай.
- 1917 — РСФСР совнаркома «Бары байыаннайдары бырааптарын тэҥниир туһунан» дэкириэт таһаарбыт: урукку чыыннар уона сыбаанньалар суох гыныллыбыттар, Арассыыйа Импиэрийэтин ураты бэлиэлэрэ уонна уордьаннара суолтаҕа ылыллыбат буолбуттар.
- 1920 — Кытайга Ганьсу провинциятыгар 8,5 магнитудалаах улахан сир хамсааһына буолбут, түмүгэр 200,000 кэриҥэ киһи өлбүт.
- 1944 — Арденн кимэн киириитэ саҕаламмыт.
- 1966 — Пекиҥҥэ «Мао Цзэдун цитаталара» диэн кинигэ бэчээттэнэн тахсыбыт. Бу кинигэ уопсайа олус улахан тиражтаах буолбут, итэҕэл кинигэлэрин (Библия, Коран уо.д.а.) тиражтарыгар чугаһаабыт.
- 1986 — Казах ССР киин куоратыгар Алма-Атаҕа Желтоксан (каз. Ахсынньы) диэн ааттаммыт казах ыччатын аймалҕана саҕаламмыт. Казахстан компартиятын бастакы сэкирэтээринэн казах Динмухамед Кунаев оннугар Казахстаҥҥа хаһан да үлэлээбэтэх, казах тылын билбэт нуучча Геннадий Колбины анаабыттарыттан сылтаан үс күннээх улахан айдаан буолбут. Ону Ис сэриилэр кытаанахтык хам баттаабыттар, 8,5 тыһыынча киһи тутуллубут, 99 устудьуон холуобунай дьыалаҕа эриллибит, онтон 2-тэ ытыллыбыт. Сотору кэминэн ЦК КПСС бу түбэлтэни казах национализмын көстүүтүнэн биллэрбитэ, онтон билиҥҥи Казахстаҥҥа норуот көҥүл иһин охсуһуутун быһыытынан бэлиэтэнэр.
- 1991 — Желтоксан түбэлтэлэриттэн оруобуна 5 сыл ааспытын кэннэ Казахстан тутулуга суоҕун биллэрбит.
- ХНТ сионизм үөрэҕэ расистыы буоларын туһунан бэйэтин 1975 сыллааҕы быһаарыытын суох гыммыт (111 дойду бу иһин куоластаабыт, 25 дойду утарбыт, 13 туттуммут).
- 2008 — Абхазия уонна Соҕуруу Осетия баһылыктарыгар РФ бэрэсидьиэнин бигэ суруктара (нууч. верительные грамоты) туттарыллыбыттар.
- 2019 — Ил Дархан Айсен Николаев уурааҕынан "2020-2024 сылларга Саха Өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыбаннай уонна официальнай тылларын араҥаччылааһын уонна сайыннарыы туһунан" бырагыраама ылыллыбыт.
Төрөөбүттэр
- 1770 — Людвиг ван Бетховен — улуу ньиэмэс композитора, дирижер, пианист.
- Джейн Остин — аатырбыт Англия суруйааччыта.
- 1916 — Анастасия Данилова — Саха АССР общественнай, судаарыстыбаннай диэйэтэлэ.
- Инна Васильева-Кралина — альголог учуонай, биология билимин дуоктара, Саха Өрөспүүбүлүкэтин билимин үтүөлээх диэйэтэлэ.
- 1939 — Христофор Дуткин (22.12.2002 өлб.) — филология билимин хандьыдаата, эбээн тылын диалектологиятыгар, фольклоругар, лексикологиятыгар уонна лексикографиятыгар биир тутаах чинчийээччи.
- 1957 — Надежда Докалова — хотугу норуоттар ырыаларын айааччы, ырыаһыт, Саха Өрөспүүбүлүкэтин культуратын үтүөлээх үлэһитэ, Өлөөн нэһилиэгин Ытык олохтооҕо.
- 1980 — Леонид Спиридонов — көҥүл тустууга дойдулар ардыларынааҕы кылаастаах спорт маастара, устудьуоннарга Аан дойду чөмпүйүөнэ (Токио 2000), Казахстан хас да төгүллээх чөмпүйүөнэ, Азия чөмпүйүөнэ (Алматы 2006), Аан дойду чемпионатын боруонса призера (Хернинг, Дания 2009). Хаҥалас улууһун Ытык киһитэ.
Өлбүттэр
- 1964 — Николай Слепцов (Туобулаахап) (07.09.1912—16.12.1964) — суруйааччы, драматург, Саха АССР искусствотын үтүөлээх диэйэтэлэ, Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа.
- 2009 — Егор Гайдар — Арассыыйа экэнэмииһэ уонна бэлиитигэ. 1990-с сыллар саҕаланыыларыгар ыытыллыбыт экэниэмикэ реформаларын тэрийээччилэриттэн биирдэстэрэ буоларынан биллэр.
|