Коран
|
Коран (ытык суруйуута. Бастакы Коран арабтыы суруллубута. Коран Таҥара этиитэ буолар уонна мусулмаан сиэрин-туомун наардыыр уонна дьаhайар.
Мусулманнар итэҕэллэринэн, Коран ис хоhоонун Хабырыыл аанньал 610—632 сс. тириэрдибитэ. Муhаммед Кораны тылынан бэйэтин батыhааччыларыгар кэпсээбитэ. 633 с. Коран текста суруллубута. 653 с. биир халыыптаммыта, түҥэтиллибитэ уонна киэҥник оҥоhуллан тарҕаныллыыта саҕаламмыта.
Кинигэ ис тутула
Коран тиэкиһэ 114 бастартан турар, бас сура дэнэр. Суралар меккатааҕыларга уонна мединатааҕыларга арахсаллар, хайа сиргэ үөскээбиттэриттэн (көстүбүттэриттэн). Мусулмааннар итэҕэллэринэн, суралар ааттарын Муhаммедка Таҥара ааттаабыта. Бары суралар, тохсустан ураты, «Ордук аhыныгас, ордук аhымаллаах, Таҥара аатынан…» (بسم الله الرحمن الرحيم bismi-llāhi ar-raḥmāni ar-raḥīmi) диэн этииттэн саҕаланаллар.
Хас биирдии сура хас да этиилэртэн турар, этии айат дэнэр.
- Al-Quran (Коран) text format
- Переводы Корана // QuranAcademy.org
- На английском