Людвиг ван Бетховен

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт
Джозеф Карл Стейлер 1820 сыллахха суруйбут мэтириэтэ
Илии баттааһына

Людвиг ван Бетховен (ниэм. Ludwig van Beethoven; 1770—1827) — ниэмэс композитора, дирижер, пианист. Бары жанрга үлэлиир аан дойду биир саамай аатырыт мусукаана. Классическай муусуканы пианоҕа, оркестрга уонна араас инструменнарга суруйбута. Ордук биллэр үлэлэрэ үһүс (Эроика), бэһис, алтыс (Пастораль) уонна тохсус (Хораль) Симфониялара, ахсыс (Патетикалаах) уонна уон төрдүс (Ый уота) пиано сонталара, кэнники олоҕор айбыт икки пиано кэнсиэрдэрэ, "Фиделио" операта уонна "К Элизе" пиано ырыата. Эдэр эрдэҕинэ талааннаах пианоҕо ооннььооччу эбит. Венаҕа биллэр дьон быыһыгар олус биллэр эбит.

1801 сыллаахха дьүлэй буолара саҕаламмыт. Дьүлэйэ олус куһаҕан буолбут, уонна 1817 сыллахха толору дьүлэй буолбут. Кэнсиэрдэргэ ооннььообот да буоллар, ырыалары айарын салҕаабыт. Ол бириэмэҕэ чулуу үлэлэрин айбыт. Классика композитордарыттан биир чулуу композиторынан ааҕыллар. 1792 сыллаахха Венаҕа көһөн баран онно олоҕун тухары олорбут. Кэргэн ылбатах.