Спиридонов Леонид Николаевич

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт
Спиридонов Леонид

Леонид Спиридонов диэн көҥүл тустууга омуктар ыккардыларынааҕы кылаастаах спорт маастара. XXVIII Сайыҥҥы Олимпия оонньууларын (Атина 2004) уонна ХХIХ Олимпия оонньууларын (Пекин 2008) кыттыылаахтара. Аан дойду чемпионатын боруонса призера (Дания), Казахстан сүүмэрдэммит хамаандатын састаабыгар Аан дойду Кубогар 4-с миэстэлээх (Тегеран, Иран).

Б. Г. Яковлев салалтатынан дьарыктанар.

Бастыҥ көрдөрүүлэрэ

  • 1996, 1999—2000 сс. Россия уолаттарга түһүлгэтин призера.
  • 1996 с. «Азия оҕолоро» спорт оонньууларын кыайыылааҕа.
  • 1999 с. эдэрдэргэ Аан дойду чемпионатын призера.
  • 2000 с. студеннарга Россия уонна Аан дойду чемпиона.
  • 2002 с. Россия Кубогын кыайыылааҕа.
  • 2004 с. Атинаҕа ыытыллыбыт XXVIII Олимпия оонньууларыгар 4 миэстэ.
  • 2006 с. Азия чемпиона. Казахстан Республикатын хас да төгүллээх чемпиона.
  • 2008 с. Пекиҥҥэ (Кытай) буолбут XXIX Олимпия оонньууларыгар 4 миэстэ.
  • 2009 с. Херниҥҥэ (Дания) ыытыллыбыт Аан дойду чемпионатын боруонса призера

Ылыллыбыт сирэ

  • Саха халандаара, 2009, Диодорова-Лаврентьева С. В. — Дь.: Бичик, 2008.