Атина
Халыып:Infobox Greek Dimos
Атина (Аттика перифирияҕа баар. Аан дойду ордук былыргы куораттарыттан биирдэстэрэ, 3,400 сыл историялаах.
Олохтоохторун ахсаана 745,514 (урбан сирин олохтоохторун ахсаана 3,130,841 (2001) уонна иэнэ 412 км2. Греция экономика, үп, индустрия, политика уонна култуура эйгэлэрин кииннэрэ буолар.
Былыргы Атина күүстээх Академията уонна Лицея тэриллибиттэрэ. Атинаҕа Перикл, Софокл уо.д.а. философтар, суруйааччылар уонна политиктар төрөөбүттэрэ. Арҕаа цивилизация уонна демократия үөскээбит сирдэрэ. Б.э.и. 4— 5 үйэлэргэ култуура уонна политика эйгэлэригэр улахан ситиhиилэр буолбуттара.
Классик эраттан хас да монуменнар уонна дьоҕур оҥоhуулара хаалбыттар. Олортон ордук биллиилээхтэрэ Акрополиска турар Партенон. Ром, Бизантин уонна Осман кэмнэрдээҕи монуменнар бааллар. Аныгы эра (Греция Эллин Парламена, Греция Ил Библиотеката, Атина Университета уонна Атина Академията. Атинаҕа 1896 бастакы аныгы Олимпия оонньуулара ааспыттара уонна 108 сылынан 2004 иккистээн ааспыттара.
Халыып:Geo— stub