Бэс ыйын 1

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт

Бэс ыйын 1 диэн Григориан халандаарыгар сыл 152-с күнэ (ордук хонуктаах сылга 153-c күнэ). Сыл бүтүө 213 күн баар.

Бэлиэ күннэр

  • Оҕо көмүскэлин күнэ. 1949 сыллаахха Аан дойдутааҕы дьахталлар демократтыы федерациялара быһаарыытынан бэлиэтэнэр. Аборту утарыыга туһаайыллар
  • ХНТТөрөппүт аан дойдутааҕы күнэ. ХНТ 2012 сыллаахха ылыммыта. Оҕо бары өттүнэн толору сайдарыгар төрөппүт сылааһа, болҕомтото, таптала уонна өйдүүрэ баар буолуохтаах диир ХНТ саайта. Бу күн аан дойду бары төрөппүттэригэр ананар
  • Үүт күнэ. 2020 сылга сүүрбэһис төгүлүн бэлиэтэнэр. Үүт сүҥкэн суолтатын санатарга уонна үүтү оҥорооччулары өйүүргэ анаан ХНТ Аска уонна тыа хаһаайыстыбатыгар тэрилтэтэ олохтообута
  • КамбодьаМас олордуутун күнэ
  • КенияFlag of Kenya.svg Кения — Мадарака (Көҥ;л күнэ)[1]
  • КытайFlag of the People's Republic of China.svg Кытай — Оҕо күнэ
  • МиэксикэFlag of Mexico.svg Миэксикэ — Байҕалынан устуу күнэ. 1917 сыллаахха Миэксикэ эргиэн флота баар буолбут. Аан бастаан 1942 сыллаахха ньиэмэс подлодкалара тимирдибит икки хараабыл экипажтарын кэриэстээн бэлиэтэммит
  • МонголияFlag of Mongolia.svg Монголия — Ийэ уонна оҕо күнэ[2]
  • ПалауFlag of Palau.svg Палау — Бэрэсидьиэн күнэ[3]
  • АрассыыйаFlag of Russia.svg Арассыыйа:
    • Хотугу флот күнэ[4];
    • Хиппи күнэ
    • Байыаннай транспортнай авиация күнэ[5];
    • Сибээс сэриитэ төрүттэммит күнэ[6]
  • СамоаFlag of Samoa.svg Самоа — Тутулуга суох буолуу күнэ (Саҥа Зеландияттан 1962 сыл тьохсунньу 1 күнүттэн)
  • АХШFlag of the United States.svg АХШ, Теннесси — Судаарыстыбаннас күнэ
  • ТунисFlag of Tunisia.svg Тунис — Конституция күнэ
  • ГрузияFlag of Georgia.svg Грузия — Нинооба

Түбэлтэлэр

  • Цзинь династия импэрээтэрэ Сюаньцзун салайан олорор Чжунду куоратын (билигин Пекин) Чыҥыс Хаан сэриилэрэ ылбыттар.
  • 1649 — Сумурой өрө туруута: Филиппин төрүт олохтоохторо Испания былааһын утары өрө турбуттар.
  • 1764 — коллежскай советник Мирон Черкашенинов Саха сирин бойобуодатынан ананаммыт, бу дуоһунаска 1766 сыл ыам ыйын 3 күнүгэр дылы сулууспалаабыта. Уурайан баран дьаһаах хамыыһыйатын начаалынньыгынан үлэлээбит. Сахаҕа кини аатынан өс номоҕо үөскээбит: "Мөрүөн хамыыһыйа саҕаттан", "туос биэдэмэскэ суруллубутунан". Сири сыһыарыы биэдэмэстэрин, кумааҕы суох буолан, Мөрүөн хамыыһыйата туоска суруйбута биллэр.
  • Иккис Мэлдьэхси нэһилиэгэ үөскээбит[7].
  • 1899 — Дьокуускайга уу суолунан Хапхаастан көскө ыытыллыбыт духобордар кэлбиттэр. Бу дьон сэрии сэбин тутартан батыналлара. Бастаан Кырыымҥа, онтон Хапхааска көскө ыыта сылдьыбыттара. Тиһэҕэр үгүстэрэ Лев Толстой уонна квакердар өйөбүллэринэн Канаадаҕа көспүттэрэ, сыдьааннара билигин да онно бааллар.
  • 1918 — Ньурба Чаппандатыгар кииннээх «Холбоhук» (“Единение”) диэн атыы-эргиэн тэрилтэтэ үлэтин саҕалаабыт.
  • 1919 — Баһылай Никифоров-Күлүмнүүр Омскайга Судаарыстыбаннай экономика мунньаҕа буоларын туһунан телеграмма тутар. Бу мунньах бэс ыйын 30 буолбутугар көхтөөх кыттыыны ылар, аара Саха сирин сайдыытыгар, олоҕор-дьаһаҕар элбэх көдьүүстээҕи ситиһэр, үп-харчы аҕалар.
  • 1922 — ВЦИК дэкириэтигэр олоҕуран Былатыан Ойуунускай баһылыктаах бастакы национальнай сэбиэскэй бырабыыталыстыба тэриллибитэ.
  • 1922 — Алтаай күбүөрүнэтиттэн араарыллан Ойрот автономиялаах уобалаһа олохтоммут (кэлин Алтаай Өрөспүүбүлүкэтэ).
  • 1931Сэбиэскэй Сойууска 90 металлургия собуотун тутуутугар Америка инженердэрэ кытталларын туһунан контракт түһэрсиллибит. Бу кэмҥэ Сэбиэскэй Сойууска балысхан тэтимнээх индустриализация барбыта.
  • Крит Германияҕа бэриниитинэн түмүктэммит.
  • 1962ССРС-ка эт, үүт уонна сымыыт сыаната 25-30% үрдэтиллибит.
  • Михаил Шолохов Нобель бириэмийэтин литэрэтиирэҕэ лауреата буолбут.
  • 1966Кытай араадьыйатыгар буржуазияны утарар дацзыбао ааҕыллыбыт, интеллигенцияны репрессиялыыр хампаанньа саҕаламмыт.
  • 1988 — Орто уонна кыра ракеталар тустарынан сөбүлэҥ олоххо киирбит.
  • Джордж Буш уонна Михаил Горбачев химическэй сэрии сэбин оҥорууну тохтотор туһунан сөбүлэҥҥэ илии баттаабыттар.
  • 2016Уһук Илиҥҥи гектар туһунан сокуон олоххо киирбит.

Төрөөбүттэр

Өлбүттэр

  • 2010 — Андрей Вознесенскай (1933 с.т.), бэйиэт уонна прозаик, ССРС Судаарыстыбаннай бириэмиэйтин лауреата.