Ахсынньы 18
Ахсынньы 18 диэн Григориан халандаарыгар сыл 352-с күнэ (ордук хонуктаах сылга 353-c күнэ). Сыл бүтүө 13 күн баар.
Бэлиэ күннэр
- ХНТ — Дойдулар ардыларынааҕы мигрант күнэ
- ХНТ — Дойдулар ардыларынааҕы арааб тылын күнэ
- Арассыыйа — ЗАГС үлэһиттэрин күнэ
- Арассыыйа — Арассыыйа Ис дьыала уорганнарын Бэйэ куттала суох буолуутун чаастарын күнэ
- Катар — Дойду күнэ
- Нигер — Өрөспүүбүлүкэ күнэ
- Молдавия — Полиция күнэ
Түбэлтэлэр
- Б.э.и. 218 сыл — Ганнибал римляннары Требия аттыгар үлтүрүппүт.
- 1271 — Хубилай хаан бэйэтин импиэрийэтин аатын «Юань» (元 yuán) диэҥҥэ уларыппыт, инньэ гынан Кытайга Юань династията олохтоммут.
- Конго Хоруоллугун сэриитин Мбумби аттынааҕы кыргыһыыга (аныгы Ангола сирэ) үлтүрүппүттэр.
- 1708 — Петр I ыйааҕынан Арассыыйа 8 күбүөрүнэҕэ араарыллыбыт.
- 1833 — Арассыыйа импиэрийэтин өрөгөйүн ырыата «Боже, Царя храни!» бастакытын толоруллубут.
- 1865 — АХШ конституциятыгар кулуттааһыны суох оҥорор 13-с Көннөрүү ылыныллыбыт.
- 1892 — Петр Чайковскай «Щелкунчик» оператын премьерата Санкт-Петербурга буолбут.
- 1916 — Верден аннынааҕы кыргыһыы түмүктэммит. Французтар 2-3 км кимэн киирэн ньиэмэстэри тохтоппуттар. 430 тыһ. тиийэр киһи өлбүт.
- 1919 — Бүлүү уокуругар Колчак салалталаах былаас сууллан сэбиэскэй былаас олохтоммут. Сарсыныгар ревком буоластар хамыһаардарын анаабыт: Орто Бүлүү уонна Мастаах буолаһын хамыһаарынан Гоголев С.Ф., Үөһээ Бүлүүгэ уонна Үөдүгэйгэ Кардашевскай Р.И., Мархаҕа, Ньурбаҕа уонна Куочайга Михайлов С.К., Сунтаарга уонна Хочоҕо - Михайлов И.Г. анаммыттар.
- 1925 — Москубаҕа ВКП(б) XIV сийиэһэ аһыллыбыт.
- 1958 — аан дойдуга бастакы сибээс спутнига Project SCORE орбитаҕа таһаарыллыбыт.
- 1987 — Perl көмпүүтэр тылын бастакы барыла тахсыбыт.
- 2011 — АХШ сэриилэрин бүтэһик чаастара Ираак сириттэн таһаарыллыбыттар. Кинилэр Ираакка 2003 сыллаахха Саддам Хусейн эрэсиимин сууллара киирбиттэрэ.
Төрөөбүттэр
- Юрий Никулин — киинэ артыыһа, клоун, тэлэбиидэнньэ ыытааччыта, Цветной бульвардааҕы сыырка дириэктэрэ, ССРС норуодунай артыыһа, Социалистыы Үлэ Дьоруойа.
- 1929 — Татьяна Григорьева — Илиҥҥи култуураны уонна философияны чинчийээччи, философия билимин дуоктара, профессор.
- 1931 — Николай Босиков — бэйиэт, сэһэнньит, ССРС суруйааччыларын Сойууһун чилиэнэ.
- 1946 — Стивен Спилберг — Америка киинэ режиссера уонна продюсера, үс төгүллээх «Оскар» бириэмийэ лауреата.
- Валерий Луковцев — өр сыллар тухары (2020 сылга диэри) «Бичик» кинигэ кыһатын сүрүн эрэдээктэрэ, Баайаҕа нэһилиэгин (Таатта улууһа), Мэҥэдьэк нэһилиэгин (Ньурба улууһа) уонна Таатта улууһун Ытык киһитэ.
- Нина Герасимова — суруналыыс, уопсастыбаннай диэйэтэл.
- Брэд Питт — Америка киинэ артыыһа, «Оскар» бириэмийэ икки төгүллээх лауреата.
- Билли Айлиш, ырыаһыт уонна ырыа суруйааччы.
Өлбүттэр
- Антонио Страдивари (1644 төр.), скрипка ууһа.
- Саха АССР оскуолаларын үтүөлээх учуутала, Иккис Аан дойду сэриитин кыттыылааҕа, бастаан Арҕаа фроҥҥа, онтон Дьоппуону утары сэриигэ кыттыбыта.
|