1958 сыл
Сыллар |
---|
1954 1955 1956 1957 — 1958 — 1959 1960 1961 1962 |
Уоннуу сыллар |
1920-с 1930-с 1940-с — 1950-с — 1960-с 1970-с 1980-с |
Үйэлэр |
XIX үйэ — XX үйэ — XXI үйэ |
1958 сыл.
Туох буолбута
Тохсунньу
- Новосибирскайдааҕы судаарыстыбаннай университеты арыйар туһунан уураах таһаарбыт.
- Тохсунньу 28 — Данияҕа Lego хампаанньа оонньуур кубиктарын аныгы конструкциятын патеннаабыт.
Олунньу
- Олунньу 1 — Бастакы Америка аргыһа «Эксплорер-1» ситиһиилээхтик космоска таһаарыллыбыт.
- Олунньу 12 — Кытайга Кэскилгэ баараҕай ойуу бэлиитикэтин иһинэн тыа хаһаайыстыбатыгар буортулаах үөннэри утары охсуһуу хампаанньата саҕаламмыт. Ол курдук күтэрдэри, бырдаҕы, сахсырҕаны уонна барабыайдары кыдыйарга быһаарыллыбыт. Бу хампаанньа кытай омугар ыар түмүктээх буолбута — 20-тэн 40 мөлүйүөҥҥэ диэри киһи өлбүтэ.
- Олунньу 21 — Англия уруһуйдьута Джеральд Холтом эйэ им бэлиэтин айбыт.
Атырдьах ыйа
- Атырдьах ыйын 9 — Кытайга Мао Цзэдун "Баараҕай көҥү көтүү" диэн ааттаммыт реформатын саҕалаабыт. Бу реформа сатамматаҕа, улахан алдьархайга тиэрдибитэ. 1958 сылтан 1962 сылга диэри официальнай дааннайынан 45 мөл. тахса киһи сутаан өлбүтэ.
Алтынньы
- Алтынньы 18 — Эдуард Пекарскай 100 сааһын бэлиэтээһиҥҥэ Венгрияҕа «Саха тылын тылдьытын» 13-с таһаарыыта тахсыбыт.
Сэтинньи
- Сэтинньи 28 — Саха АССР Миниистирдэрин Сэбиэтэ "Ньурбаҕа нефтебаза тэрийэр туһунан" уураах ылыммыт.
- Сэтинньи 28 — Чад, Конго уонна Габон Франция импиэрийэтин иһинэн автономнай өрөспүүбүлүкэ буолбуттар.
Ахсынньы
- Ахсынньы 18 — аан дойдуга бастакы сибээс спутнига Project SCORE орбитаҕа таһаарыллыбыт.
Болдьоҕо чопчуланыахтаах
- Соторутааҕыта реабилитацияламмыт Ойуунускай айымньыларын 7 туомнаах хомуурунньугуттан бастакы туома тахсыбыт. Сэттис туома 1962 сыллаахха тахсыбыта. Таһаарар хамыыһыйа бэрэстээтэлинэн Кулантай буолбута.
Төрөөбүттэр
- Худогизов Кирилл Афанасьевич, биллиилээх сири олохтооччу.
- Махарова (Кузьмина) Наталья Владимировна, медицина билимнэрин доктора.
- Тохсунньу 21 — Горохов Василий Алексеевич, Усуйаана улууһун Силээннээх нэһилиэгин кулубата.
- Геннадий Алексеев — 2003-2011 сылларга СӨ бырабыыталыстыбатын бэрэстээтэлин бастакы солбуйааччыта, Хотугу Сулус уордьан кавалера.
- Олунньу 9 — Пинигина Мария Джумабаевна, XXIV Олимпийскай оонньуулар чемпионнара, спорт үтүөлээх маастара.
- Олунньу 10 — Мамедов Алиш Забид оглы, Саха Сирин политига.
- Олунньу 27 — Романов Алексей Семенович, СӨ ускуустубатын үтүөлээх диэйэтэлэ, Арассыыйа бочуоттаах кинематографииһа.
- Атырдьах ыйын 8 — Ким-Кимэн Александр Николаевич, Саха Сирин общественнай деятелэ.
- Балаҕан ыйын 11 — Терехов Семен Иннокентьевич, Саха Сирин политига.
- Сэтинньи 3 — Маргарита Васильева — 1994 сылтан ыла Опера уонна балет тыйаатырын солбуйааччы дириэктэрэ.
- Сэтинньи 10 — Светлана Мухоплева — саха уос номоҕун чинчийэр филология билимин хандьыдаата, доцент.
Өлбүттэр
- Алтынньы 18 — Местников Василий Васильевич (1908—1958), ССРС норуодунай артыыһа.
- Ахсынньы 1 — Елизабет Ператрович, (1911-1958) — АХШ-ка Аляска төрүт олохтоохторун бырааптарын иһин туруулаһааччы, омугунан тлинкит.