От ыйын 17
От ыйын 17 диэн Григориан халандаарыгар сыл 198-с күнэ (ордук хонуктаах сылга 199-c күнэ). Сыл бүтүө 167 күн баар.
Бэлиэ күннэр
- ХНТ — Аан дойдутааҕы холуобунай суут күнэ. 1998 сыллаахха Риимҥэ Аан дойдутааҕы холуобунай сууту тэрийэр туһунан сөбүлэҥ түһэрсиллибит. Бу суут түөрт хайысханы көрөр: геноцид, киһи-аймаҕы утары оҥоһуллубут буруй, байыаннай буруй уонна дойдуну утары агрессия. Суут штаб-квартирата Гаага куоракка баар.
- Арассыыйа:
- Этнограф күнэ. ССРС-ка 1970-с сс. бэлиэтэнэр. Бу күн эдэр этнографтары "сүрэхтиир" идэлээхтэр.
- ВМФ авиациятын күнэ [1]
- БААС, 1968)
- Летсие III)
- Пуэрто Рико — Луис Ривьера төрөөбүт күнэ (Luis Muñoz Rivera)
- Финляндия — Демократия күнэ
- Соҕуруу Кэриэйэ — Конституция күнэ
- Тутулуга суох буолуу күнэ
- Дьоппуон — Гион Мацури (Gion Matsuri)
- Эмодзи аан дойдутааҕы күнэ (World Emoji Day)
- От күөҕэ харахтаахтар күннэрэ (от ыйын 18 күнүгэр бэлиэтэнэр халлаан күөҕэ харахтаахтар күннэрин иннинэ)[2]
- Фиргун күнэ — туора дьон ситиһиитигэр үөрүү күнэ. 2014 сыллаахтан Израильга түмэт-тэрилтэ көҕүлээһининэн бэлиэтэнэр буолбут. Бу күн дьон бэйэ-бэйэлэригэр комплимент этэллэр, атын дьон ситиһиитин хайгыыллар.
Түбэлтэлэр
- 1429 — аҥылычааннартан босхоломмут Реймс куоракка Франция хоруонатын Карл VII кэппит (сиэр-туом кэмигэр кини үрдүгэр дуоҕаны Жанна д’Арк тутан турбут).
- Новгороды ылбыт.
- Мориц Бенёвскэй бэйэтин Мадагаскаар импэрээтэринэн биллэриммит уонна Францияҕа сэриини биллэрбит.
- 1868 — Япония киинэ Киото куораттан Токиоҕа көспүт.
- Манчжурияны нуучча уонна дьоппуон сабыдыаллыыр сирдэригэр араарар (хоту өттө Арассыыйа киэнэ, соҕуруу өттө — Япония), Кэриэйэни Япония анал интэриэстээх сиринэн ааҕар, оттон Монголияны Арассыыйа анал интэриэстээх сиринэн ааҕар туһунан сөбүлэспиттэр.
- Сибиир Бириэмэннэй бырабыыталыстыбата Омскайга Сибиир тутулуга суох буолуутун туһунан Декларацияны ылыммыт.
- 1920 — бассабыыктар өрөспүүбүлүкэҕэ баар киинэ аппарааттарын уонна хартыыналары национализациялаабыттар.
- 1923 — Анатолий Пепеляев салайааччылаах үрүҥ этэрээттэрэ Айааҥҥа кыһылларга бэриммиттэр.
- КВЖД-ны былдьаһыы түмүгэр ССРС Кытайы кытта дипломааттыы сыһыанын тохтоппут.
- 1936 — Байыаннайдар өрө турууларыттан Испанияҕа гражданскай сэрии саҕаламмыт.
- 1937 — Саха АССР Совнаркомун уурааҕынан "сайыҥҥы ис ыарыытын кытта охсуһар" оҕо балыыһата тэриллибит.
- 1942 — Сталинградтааҕы кыргыһыы бастакы кэрчигэ (көмүскэнии) саҕаламмыт.
- 1975 — Куйаарга «Союз» (ССРС) уонна «Аполлон» (АХШ) хараабыллар стыковкаласпыттар.
- 1976 — Монреальга XXI Олимпиада оонньуулара саҕаламмыт. Бу оонньууларга көҥүл тустууга саха оскуолатын өрөгөйө буолбута.
- 2001 — Ил Түмэн Михаил Николаев бэрэсидьиэнинэн үһүс болдьоххо барарын көҥүллүүр Конституцияҕа уларытыы киллэриини ылымматах.
Төрөөбүттэр
- Жан Батист Камиль Коро.
- Николай Миклухо-Маклай.
- 1942 — Уус-Маайа улууһун Ааллаах Үүн бөһүөлэгэр Алексей Томтосов төрөөбүт — Дьокуускай баһылыга, СӨ бырабыыталыстыбатын солбуйар бэрэстээтэлэ, РФ омуктарга уонна миграцияҕа бэлиитикэтин миниистирин солбуйааччыта буола сылдьыбыта.
- 1947 — Ульяна Винокурова, Саха Сирин биллиилээх уопсастыбаннай диэйэтэлэ уонна бэлиитигэ, социолог уонна психолог учуонай. Орто Халыма улууһун Байды нэһилиэгэр төрөөбүтэ.
- 1953 — Юлия Дьяконова (30.07.1986 өлб.) — саха остуоруйаларын чинчийбит учуонай, филология билимин хандьыдаата.
- 1970 — Егор Акимов — ырыаһыт, ырыа айааччы, СӨ култууратын туйгуна.
- 1971 — Саина, дьиҥнээх аата Екатерина Саввинова — саха ырыаһыта. Булуҥ улууһун Булуҥ нэһилиэгэр төрөөбүтэ.
- 1973 — Сардана Алексеева — эбээн олоҕун-дьаһаҕын чинчийэр учуонай, устуоруйа билимин хандьыдаата.
Быстыбыттар
- 1790 — Адам Смит (Adam Smith), Англиятттан төрүттээх аатырбыт экономист уонна бөлөһүөк.
- Жюль Анри Пуанкаре.
- Николай II.
- 1996 — саха худуоһунньуга, живописец Афанасий Собакин (1928 с. Чурапчы Кытаанаҕар төр.).
|